05.10.2022 | 20:00

Учуутал туһунан алта чахчы

Учуутал туһунан алта чахчы
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

1. Кырдьык, бу саамай былыргы идэлэртэн биирдэстэрэ. Бастакы оскуолалар бэрт өрдөөҕүтэ, бэл диэтэр, биһиги эрабыт иннинэ Илин дойдуларга үөдүйбүттэрэ – Ассирияҕа, Вавилоҥҥа уонна Кытайга.

 

2. Биһиги дойдубутугар Русь христианствоны ылыныаҕыттан, Владимир кинээс боярдар оҕолоро үөрэхтэнэллэрин туһунан ыйааҕа тахсыаҕыттан,  бастакы учууталлар баар буолбуттара. Аан маҥнайгы оскуола “Книжное учение” диэн ааттааҕа. Сотору кэминэн дойду үрдүнэн маннык тэрилтэлэр таҥара дьиэлэригэр, манастыырдарга аһыллыбыттара. Үөрэх бырагырааматын Владимир кинээс бэйэтэ оҥороро, оттон учууталларынан манаахтар буолбуттара. Ол саҕана баай уонна кыахтаах ыаллар оҕолоро, ону даҕаны уолаттар эрэ үөрэнэллэрэ.  

Кэлин Муударай Ярослав Новгородка духовенство үлэһиттэрэ уонна ыстаарысталар оҕолоругар оскуоланы төрүттээбитэ. Ол саҕана нуучча тыла, ааҕыы, суруйуу, ахсаан уонна христианскай итэҕэл уруоктара бааллара.

 

3. Былыргы Грецияҕа арифметика учууталларын “калькулятордар” диэн ааттыыллара. Бу тыл латыынныы “счетчик” диэн тылбаастанар, «calculus» (камешки) диэн тылтан тахсыбыт. Манна даҕатан эттэххэ, ол саҕана ахсааҥҥа кыра таастары тутталлара.

   

4. Биһиги дойдубутугар учууталлар оҕолору чопчу предметтэргэ үөрэтэллэр. Холобур, математикаҕа, физикаҕа, физкультураҕа, саха тылыгар тус-туспа учууталлар уһуйаллар. Оттон сорох дойдуларга, холобур, Чехияҕа учуутал хас да предмети биэрэр эбээһинэстээх.

 

5. 100-тэн тахса дойдуга Учуутал күнэ алтынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр. Ол эрээри бу бырааһынньык сорох дойдуларга атын кэмҥэ буолар. Холобур, Кытайга учууталларын алтынньы 10 күнүгэр эҕэрдэлииллэр, оттон АХШ-га – ыам ыйыгар. 

Арассыыйаҕа 1965 сылтан 1993 сылга диэри Учуутал күнүн алтынньы бастакы баскыһыанньатыгар бэлиэтииллэрэ. 1994 сылтан алтынньы 5 күнүгэр диэн чопчуламмыт.  

 

6. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, учуутал – син биир лүөччүк уонна баһаарынай курдук, ыарахан идэ. Маннык үлэлээх дьон стресскэ сылдьар таһымнара тэҥ диэн быһаарбыттар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...