Убаастабыллаах учууталлар, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан идэлээх бырааһынньыккытынан – учуутал Күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Билиигэ таптал, саҥа ситиһиилэргэ дьулуһуу, доҕордоһуу уонна бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү – маны барытын оҕоҕо хайа күн оскуола боруогун атыллыаҕыттан учуутал иҥэрэр. Педагогтар идэлэрин толору баһылаабыттарын уонна муударастарын түмүгэр хас биирдии үөрэнээччигэ тас эйгэ бары көрүҥүнэн күлүмүрдээн арыллар. Ити судургута суох, ис дууһа сүдү күүһүн, тулууру уонна үтүө быһыыны, таптыыр дьыалаҕа муҥура суох бэриниини ирдиир үлэ.
Бүгүн өрөспүүбүлүкэбит киин куората сайдар, нэһилиэнньэ ахсаана улаатар, куорат салалтатын иннигэр үөрэҕирии эйгэтин сайыннарарга дьоһун соруктар тураллар. СӨ баһылыга Айсен Николаев Дьокуускай куорат сайдыытын туһунан Ыйааҕы ылыммыта, онно чугастааҕы сылларга үлэ сүрүн хайысхатынан социальнай инфраструктураны бөҕөргөтүү буолар. Биһигини улахан хабааннаах оскуолалар уонна уһуйааннар тутуулара күүтэр, ити үөрэҕирии тэрилтэлэрэ аһара туолан турар кыһалҕаларын быһаарыаҕа. Чугаһынааҕы сылларга Дьокуускайга 17 тыһ. миэстэлээх 13 саҥа оскуола уонна 5 оскуолаҕа самалык тутуу баар буолуохтара, 19 уһуйааҥҥа 5 тыһ. миэстэ оҥоһулунна.
Киин куорат педагогтара инникитин даҕаны үүнэр көлүөнэни аныгы, үөрэҕирии үрдүк халыыбыгар эппиэттиир үөрэтии уонна иитии бастыҥ методикаларын киллэриигэ, оҕолорбутугар бастыҥ киһилии хаачыстыбалары иҥэриигэ уонна бөҕөргөтүүгэ инники күөҥҥэ буолуохтара диэн эрэнэбин.
Олохпут тухары ураты ахтыыларбыт учууталларбытын уонна кылааспыт салайааччыларын кытта сибээстээхтэр. Бүгүн миэхэ улахан сабыдыалы оҥорбут педагогтарбар ураты эҕэрдэ тылларын этиэхпин баҕарабын: дириэктэр Иван Иванович Шамаевка, физика учууталыгар Виктор Филиппович Потаповка, кылааһым салайааччытыгар Ольга Петровна Егороваҕа.
Күндү учууталларбыт, эһиэхэ дьолу, доруобуйаны, ситиһиилэри уонна этэҥҥэ буолууна баҕарабын! Бырааһынньыгынан!
«Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук Баһылыга Евгений Григорьев