23.01.2021 | 13:23

Убаҕас мыыла оҥостобут

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус дьаҥа тарҕаныаҕыттан илиибитин субу-субу суунабыт. Онон хайа да бэйэлээх мыыла өр турбат.

Маҕаһыыҥҥа суунар сириэстибэ эрэ элбэх. Оттон киһи бэйэтэ оҥорбут мыылата туох да буортута, ароматизатор эбилигэ суох. Оҥоһуллара бэрт судургу. Өссө маннык убаҕас мыыла быдан өр турар. Быыкаа куһуоктан элбэх убаҕас мыыланы оҥорон таһаарыахха сөп. Онон барыстаах өттүн толкуйдуур дьоҥҥо бэртээхэй сүбэ.

Эһиэхэ наада:

-мыыла куһуоччуга эбэтэр тобоҕо

-биир ыстакаан оргуйбут итии уу

- биир ньуоска мүөт

-биир ньуоска глицерин

- аҕыйах хааппыла эфирнэй арыы (бэйэҕит сөбүлүүргүтүнэн)

- ыстакаан үс гыммыттан бииригэр тымныы уу

- блендер.

1. Мыылаҕытын иһиккэ теркалааҥ уонна онно итии ууну кутуҥ. Блендеринэн ытыйыҥ.

2. Онно мүөт, глицерин уонна эфирнэй арыы эбиҥ. Өссө биирдэ ытыйыҥ.

3. 15 мүнүүтэ сойута ууруҥ, онтон тымныы уута эбиҥ уонна өссө төгүл блендердээҥ.

4. Убаҕас мыылаҕытын анал дозаторга кутуҥ. Суунарга бэлэм буолла. 

Илиигитин сууна сылдьыҥ! Бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...