19.03.2020 | 10:28

Уһулуччулаах салайааччы, үтүөлээх Киһи

Уһулуччулаах салайааччы, үтүөлээх Киһи
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Белоруссияны, Польшаны, Чехословакияны, Румынияны, Венгрияны немец адьырҕатыттан босхолоспут зенитнэй пулемет наводчига, десантник, 33 төгүл араас көтөр ааллартан түүн, күнүс парашютунан ыстаммыт, Кыһыл Армияҕа алта аҥаар сыл сулууспалаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, коммунистическай партия бэтэрээнэ, РФ персональнай пенсионера, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, Абый уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарын бочуоттаах гражданина, саппааска сылдьар аармыйа подполковнига, "Аҕа дойду Улуу сэриитин II степеннээх" уонна икки 'Бочуот знага" уордьаннар, 30 мэтээл кавалердара, икки төгүл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт биир дойдулааҕым Николай Никитич Яковлев туһунан иһирэх ахтыыбын суруйабын.

Күннэр-дьыллар аастахтарын аайы Аҕа дойду Улуу сэриитин кытгыылаахтарын, кыайыыны уһансыбыт, сэрии сылларын оҕолорун ааттара өссө суолталанан, өссө киэркэйэн иһиэҕэ. Кинилэртэн биирдэстэринэн кэргэннии Мария Алексеевна, Николай Никитич Яковлевтар буолаллар. Николай Никитич Кыһыл Армияҕа 6,5 сыл устата салгыннааҕы десантнай сэриилэргэ сулууспалаабыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, сыаналанар, убаастанар салайааччы, өр сылларга комсомольскай, партийнай, хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ Бүлүүгэ, дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ таһаарыылаахтык, 28 сыл устата Саккырыыр, Абый, Уус-Майа оройуоннарыгар айымньылаахтык үлэлээбит райисполком бэрэссэдээтэлэ, Мария Алексеевна тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, бэриниилээх кэргэн.

Яковлевтар дьиэ кэргэттэрин кытта 1968 с. Абый оройуонун киинигэр Дружинаҕа билсибитим. Бэйэм эмиэ Дүллүкү Бүтэйдээҕиттэн төрүттээхпин. Бу сыл үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Абыйга үлэҕэ ананан атырдьах ыйыгар көттүм. Аара Үөһээ Халыма Зырянкатыгар икки нэдиэлэ кэриҥэ хаайтаран, оройуон киинигэр дьэ көтөн тиийдим. Дьонум ыйбыттарынан Яковлевтарга тиийдим. Ийэлэрэ Бүлүү куоратыгар базовай оскуолаҕа үөрэппит учууталым. Оттон Николай Никитиһи кытта аан бастаан билистим. Кини бу оройуоҥҥа райсовет бэрэссэдээтэлинэн талыллан, саҥардыы дьиэнэн көһөн кэлбиттэр. Дьонум эйэҕэстик көрүстүлэр. Нэһилиэкгэргэ 2-лии эрэ киһини ылар самолет көтөр буолан, Муҥурдаах нэһилиэгэр үргүлдьү көтүөхтээх киһи Дружинаҕа уонча хонукка хаайтардым. Билбэт сирбэр барарга соччо ыксаабат да курдукпун. Хата, мин абыранным. Дьонум сылаас сыһыаннарынан угуттанан, студент киһи урут аһаабатах минньигэс аһылыгын аһаан, далбар олохтоно түстүм. Төннөн кэллэҕим аайы, Мария Алексеевна оннооҕор үөрбүт киһи көрсөр, итии чэй, буспут ас бэлэм буолар. Эчи, интеллигентнэйдэрэ, дьиэлэрэ ырааһа, хомуллуулааҕа оҕолуун, улаханныын таҥна сылдьар таҥастара уратылааҕа. Дьэ, ити курдук Дружинаҕа кэллэҕим аайы кинилэргэ түһэр буоллум. Хаһан да кэллим, үөрэ-көтө көрсөллөр.

Мария Алексеевна учууталлыыра, оскуола биир бастыҥ учууталынан ааҕыллара. Оҕолоро Ленялаах Юлия оскуолаҕа үөрэнэллэрэ, дьоннорун түбүгүрдүбэт туспа бэрээдэктээх оҕолор этилэр. Мария Алексеевна ийэтэ Фекла Константиновна дьиэҕэ тутаах киһи буолара. Бу аһа дэлэйэ, минньигэһэ, дэлэҕэ даҕаны эдэр эрдэҕинэ Бүлүү куоратыгар олорон ааспыт аатырбыт атыыһыт Расторгуевка повардыа дуо. Бу олорон турбат үлэһитэ, наар сууйбутунан-соппутунан сылдьара. Дьүһүннүүн да үчүгэйэ: күөх харахтаах, сырдык сэбэрэлээх, хатыҥыр, көнө, үрдүк уҥуохтаах. Эбээ Фекла сиэннэрин элбэххэ үөрэтэрэ, такайара.

Иллээх дьиэ кэргэн хайа да киһи кута-сүрэ тохтуур ыала этэ. Николай Никитич дьиэтигэр көстүүмүн кытта дуоһунаһын "устан" кэбиһэрэ – бу боростуойа, сэһэнэ-тэптэлэ, көрүдьүөһэ, киһини сатаан истэрэ. Биһиги таһыммытыгар түһэн сэһэргэһэрэ. Ол эрээри кини дьиэтигэр үксүгэр суох буолара. Бүппэт үлэ, командировка. Чааһы, өрөбүлү аахсыбакка, бэйэтин харыстаммакка үлэлиирэ. Үлэтин чааһа эрдэ 6 чаастан саҕаланара. Армейскай дьиссипилиинэ, бэрээдэк, үлэ чааһын тутуһуу – биһиэхэ баара диэн бииргэ үлэлээбит коллегалара күн бүгүнүгэр дылы убаастабыллаахтык ахталлар.

Учууталым Мария Алексеевна киһиэхэ ураты сыһыаннааҕа. Киһини өйдүүрэ, өйүүрэ, бу сүбэтэ-амата. Күндү дьоммут ыал буоларбытыгар алҕаабыттара, ону тэҥэ кэргэним Егор Алексеевич райкомҥа бииргэ үлэлээбит райком бастакы сэкирэтээрэ Климент Егорович, уопсай отдел сэбиэдиссэйэ Татьяна Ивановна Ивановтар, райком иккис сэкирэтээрэ Будимир Дмитриевич Слепцов сылдьаннар, эмиэ истиҥник эҕэрдэлээбиттэрэ. Ити курдук олохпутун оҥосторбутугар мааны дьоммут олук уурбуттара диэн кэргэмминээн өрүү махталлаахтык өйдүү-саныы сылдьабыт. Никитичтээх, Климент Егоровичтаах дьиэ кэргэнинэн доҕордоһоллоро, оройуону да салайалларыгар бэйэ-бэйэлэрин толорсон үлэлииллэрэ.

Ханна баҕарар буоларын курдук, сороҕор кэлии дьону, балачча кэмҥэ тургутан көрөн баран, чугаһаталлара. Ол эрээри Николай Никитиһи, кэлээтин, чутастык ылыммытгара. Убаастыыллара, сыаналыыллара. Биир түгэни күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. 1969 с. муус устар ыйа этэ. Яковлев кэлбит, сэттэҕэ мунньах диэн буолла. Тиийбитим – кулууп иһэ тобус-толору. Николай Никитич саалаҕа киирбитин дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Бу тыла-өһө хомоҕойо, кини хайа да киһи болҕомтотун тардар гына судургутук оройуон үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын сырдатыыга, инники соруктарга тохтоото. Элбэх киһи санаатын үллэһиннэ. Салгыы тылы мунньахха дэҥҥэ кэлэр ытык кырдьаҕас Николай Васильевич Ефимов (өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыт тутааччы Илья Николаевич Ефимов аҕата) Николай Никитичкэ кэскиллээх үлэни ыытарын иһин ис дууһатыттан махтаммыта. Кини: "Бу маннык үтүөкэннээх үлэһит киһини көтөҕө сылдьыахтаахпыт", - диэн этиитин түмүктээбитин чуолкайдык өйдөөн хаалбыппын.

Кырдьыга даҕаны, саха биир ытык киһитэ сэриигэ уһаарыллыбыт, аармыйаҕа хатарыллыбыт, араас таһымнаах салайар үлэҕэ эриллибит Николай Никитиһи көрөөт, кимин-тугун быһаардаҕа. Ол да курдук Н. Яковлев салайар кэмигэр аҥардас Николай Васильевич олорор нэһилиэгэр Муҥурдаахха оскуола, маҕаһыын, нэһилиэк сэбиэтин саҥа дьиэлэрэ дьэндэспиттэрэ, типовой хотоннор тутуллубуттара. Саамай ыраас, саамай күөн Сыаҥааннаах сэлиэнньэтэ Сойууска сураҕырбыта, бүтүн Арассыыйатааҕы көрүүгэ кыайыылааҕынан тахсыбыта, сэлиэнньэ 3-с миэстэтигэр тиксибитэ.

Тыалар даҕаны оччотооҕуга күргүөмнээх олоҕунан олорбуттара уонна үлэлээбиттэрэ. Николай Никитич салайар кэмигэр нэһилиэктэргэ аҕыс кылаастаах оскуолалар арыллыбыттара. Оччотооҕуга оройуоҥҥа олох, үлэ-хамнас, үөрэх-билии, култуура эйгэтэ күөстүү оргуйара, мелиоративнай үдэ былааннаахтык ыытыллан, ходуһа сирдэрэ тахсыбыттара. Оттон оччотооҕу хороҕор муостааҕы хотуулаахтык холбооттообут хотоннор, сыһыы муҥунан сыбыытаабыт сыспай сиэллээх тустарынан этэ даҕаны барыллыбат.

Үлэҕэ сыһыары тутан эттэххэ, Николай Никитичкэ "бэйэ киһитэ" диэн өйдөбүл суоҕа. Кини ким да буоллун итэҕэстэргэ эйэлэһимтиэтэ суоҕун, боппуруостары туруору туруорарын ордук чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Чопчу дьаһаллаах, эппит тылын толотторор, байыаннай дьиссипилиинэлээх принципиальнай салайааччы этэ. Тус бэйэм дириэктэрдии сылдьан, аварийнай мотуору кэмигэр туруорсан ылбатахпар, "устуруустанан" турардаахпын. Николай Никитич дьаһалын тутатына хонтуруоллуура, онон ол чопчу кэпсэтии, кэнниттэн көрүөх бэтэрээ өтгүгэр вертолетунан Муҥурдааҕым оскуолатыгар дизелы илдьэн туруорбутум.

Уопуттаах салайааччы эдэр каадырдары сэргэхтик кэтээн көрөрө. Кинилэргэ олус болҕомтолооҕо. Ону эмиэ тус бэйэм билэн турардаахпын. 1971 с. кулун тутарга комсомол оройуоннааҕы пленумугар м/с комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээрин уонна пленум чилиэнин быһыытынан тэрийэр маассабай үлэм отчуотун иһиттилэр. Ол мунньахха Николай Никитич эмиэ сырытга. Хаһан да буоларын курдук кини хойут дьиэтигэр кэллэ, тугу да ыйыталаспата, үлэлиэххин сөп эрэ диэбитэ. Мин испэр эгди буола түспүтүм.

Кини кэнниттэн оройуоҥҥа сэкирэтээринэн үлэлээбит К.Н. Хабаровтан мин райсовет сэкирэтээринэн талыллыбыппын сэргии истибит этэ. Дьэ ити курдук Николай Никитич үтүө сыһыана, өйөбүлэ, үтүө тыла үлэбэр улахан эрэли үөскэппитэ.

Аны санаатахха, үлэ бары салааларын кэлимник быһаарар, оройуон сирин-уотун, олоҕун, дьонун-сэргэтин үчүгэйдик билэр, үлэҕэ үрдүк ирдэбиллэри туруорар, ол гынан баран киһиэхэ Чугас, киһини өйдүүр Николай Яковлев, Будимир Слепцов, Анастасия Степанова, Климент Иванов курдук талааннаах салайааччылар, кэрэмэс дьон үлэлээбиттэр эбит. Кинилэр ситиһиилээхтик үлэлииллэригэр оройуон актыыба тирэх буолбута. Оройуон олохтоох каадырдарынан хааччыллыбыта. Ол кэмҥэ Абый оройуона өрөспүүбүлүкэҕэ аатырбыта, социальнай-экономическай сайдыы үрдүк таһымыгар тахсыбыта. Бу кэмҥэ оройуон киинэ – Дружина бөһүөлэгэ, сыллата халаан уута ылара бэрдиттэн, атын сиргэ көһөрүллэргэ күһэллибитэ. Сис тыа ортотугар олох саҥа бөһүөлэги тутууну кэпсээһин бэйэтэ туспа кинигэ буолуон сөп. Кылгас кэм иһигэр толору хааччыллыылаах Белай Гора бөһүөлэгэ тутуллубута.

Бэйэтэ сыаналанарынан, кини ордук тахсыылаахтык Абый улууһугар үлэлээбитэ, саҥа бөһүөлэги, Белай Гораны, тутууну үлэ үөрүүтүн өрөгөйүн, түмүгүн билбит биир саамай үтүө холобурунан ахтар. "Саҥа бөһүөлэги тутуу бары боппуруостарынан аан бастакыттан саҕалаан, бөһүөлэги тутуу бастакы сүһүөҕэ түмүктэнэн, РСФСР Верховнай Советын Президиумун ыйааҕынан улуус саҥа киининэн буолуор диэри үгүс күүспүн биэрэн үлэлээбиппинэн киэн туттабын",- диэн дэлэҕэ этиэ дуо. Ону тэҥэ, Николай Никитич өрөспүүбүлүкэ салалтата киниэхэ үгүс уустук боппуруоһу бириэмэтигэр быһааран уонна толорон иһэригэр Г.Н.Чиряев, Н.С. Охлопков, И.И.Петров күүс-көмө, сүбэ-ама буолалларын, кини өр сыллаах үлэтигэр быһаччы сыһыаннаахтарын махталлаахтык ахтар. Тапталлаах кэргэнэ, олоҕун доҕоро, үлэтин, олоҕун чэпчэппит Мария Алексеевнатыгар күн бүгүҥҥэ тиийэ махтала, таптала уостубат, иккис дойдутунан билинэр Абыйын дьонун куруук күндүтүк саныыр.

Николай Никитич 94 сааһыгар үктэннэ. Доруобуйата мөлтөх, ол эрээри өй-санаа мааны, сүбэ-ама киһитэ. Ыраах-чугас дьонун кытта сибээһин быспат. Ытык кырдьаҕас оҕолорунаан, сиэннэринээн Дьокуускайга бочуоттаах сьщньалаҥҥа олорор.

Бүтүн киэҥ Арассыыйа үрдүнэн тутул уларыйар дьалхааннаах кэмигэр "өҥүн" уларыппатах, коммунистическай партия идеалларыттан аккаастамматах, Сталин кэмин сырдык кэминэн ааҕар, сэттэ уонун ааһыар диэри партия обкомугар, Миниистирдэр Сэбиэттэрин эппиэтгээх үлэлэрин үлэлээбит, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатын көмөлөһөөччүнэн сылдьыбыт, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар дьыалаларыгар миниистир көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорбут сэрии кыттыылааҕа эдэр ыччат кырдьаҕас көлүөнэ тулуурун, дьулуурун, хорсун быһыытын, Ийэ дойдуга бэриниилээҕин, үлэҕэ холобурун утумнууругар, кинилэр сырдык мөссүөннэригэр сүгүрүйэр буоларга ыҥырар.

Мария ПРОКОПЬЕВА, СР үөрэхтээһин систематын бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ уонна Абый улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, Абый улууһун, Абый улууһун Муҥурдаах, Ураһалаах нэһилиэктэрин бочуоттаах гражданина, элбэх юбилейнай мэтээл, бэлиэ хаһаайына, педагогическай үлэ бэтэрээнэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...