Тыыннааҕым тухары көмөлөһүөм...
(Салгыыта. https://kiinkuorat.ru/articles/tyynnaa-ym-tuhary-k-m-l-m)
Вера Викторовна балыыһаҕа сыппыта төрдүс күнэ. Анаалыстарын түмүгэ биллибитэ, быраас тугу анаабытын барытын тук курдук толорор. Сиэстэрэ кыргыттар ханнык эми хаска иһэрин, укуолугар хаһан барарын эрдэ этэллэр, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Эбиэккэ диэри систиэмэтин аҕалан туруораллар. Үрүҥ халааттаах аанньалларыгар махтала муҥура суох. Санаатыгар, туруга биллэ тубуста. Дабылыанньата да, саахара да тахсыбат-түспэт буолла, бу иннинэ сарсыардаттан таптаабыттарынан “ойуоккалыыллара” тохтоото, эмээхсин бэйэтэ инньэ диэн күлэр. Ол аайы сиэнэ Рома ыксыыр, барыах-кэлиэх сирин булбат. “Эбээ, тугу да гыныма, сыт”, – диир. Луодур курдук хайдах күнү быһа сытыаҕай, сэбиэскэй кэм киһитэ буоллаҕа. Дьиэтин иһигэр аа-дьуо саллаҥныы сырыттаҕа дии. Күнү быһа кыбартыыратын иһигэр тугу эрэ гынан букунайан тахсар. Саастаах киһи, баҕарбатаҕын да иһин, сырыыта бытаарар эбит. Билигин уруккутун курдук буолбатах. Былырыын Ромочката планшет бэлэхтээбитэ, соло буллар эрэ, онтун хаһар, сериаллары, юмористическай биэриилэри көрөр. Өссө доруобуйа туһунан хас да ханаалга сурутуулаах. Сөпкө тыынарга үөрэнэр, ЛФК-лаах. “Эбээ хакер буолбут. Бэйэбинээҕэр элбэх блогеры билэр”, – диэн сиэнэ күлэр.
Сороҕор саахара “ойуоккалаатаҕына”, хараҕын ыарыыта бэргиир, оччоҕуна планшетын хас эмэ күн хаспат. Дьэ, оннук күннэргэ тэһийбэт, соҕотохсуйар, ааспыты ахтар-саныыр.
Үс аҥаарыгар төгүрүк тулаайах хаалбыт сиэнин бу 25 сааһыгар диэри хайа да ийэттэн итэҕэһэ суох бүөбэйдээн, көрөн-харайан киһи оҥордо. Ромочката (уол инньэ диэн ыҥырарын сөбүлээбэт) кыра сылдьан олус иринньэх этэ. Ийэтэ аһыы утахха убанан, үчүгэйдик көрбөккө, ичигэстик таҥыннарбакка, улаханнык тымныйан, күн бүгүҥҥэ диэри тыынар уорганнара мөлтөх. Кийиитэ суох буолуоҕуттан ыалдьыбыт уолу бүөбэйдээн, Вера Викторовна хас түүн утуйбатаҕай, эбээ сүрэҕэ төһөлөөх долгуйбутай? Рома оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, бука, алтыһы дуу, сэттиһи дуу бүтэрбит сайыныгар, эбэтин хас да күн хаайан, табаарыстарын кытта хонуктаах лааҕырга барбыта. Аҕыйах күнүнэн уол иһэ ыалдьан, улуус киин балыыһатыгар “суһал көмөнөн” киирбитэ. Муҥурдааҕа тэстэ сыспыт этэ. Оҕо оҕо курдук, иһэ ыалдьарын аахайбакка, хаһан хам тутуор диэри тулуйа сылдьыбыт, баһаатайдарга эппэтэх. Оо, онно Вера Викторовна, бэйэтэ да сүрэҕэ баастаах киһи, улаханнык ыксаабыта, ытаабыта-соҥообута. Онтон ыла Ромочкатын ыраах ыыппат, аттыттан араарбат буолбута. Уола Витя, кийиитэ Иза ситэ олорботох кылгас олохторун салҕыахтаах киһи, эбээ эрэлэ – соҕотох сиэнэ.
Бу сайын куйаас күннэргэ “ойуоккалыыр” аргыстара – дабылыанньата, саахара тахсан, улаханнык куттуу сылдьыбыта. Биир киэһэ: “Тоойуом, бу дойдуга букатын кэлбит суох. Мин сааһым да ыраатта. Ыал буолуоххун наада...” – диэн истэҕинэ, сиэнэ ситэ саҥардыбатаҕа. “Эбээ, баһаалыста, бүт, инньэ диэмэ. “Тыыннааҕым тухары аттыгар баар буолуом”, – диэн кыра эрдэхпиттэн этэҕин... уонна тылгар турумаары гынаҕын дуо?” – дии түспүтэ. Онон кэпсэтии бүппүтэ. Эбэтэ кистии-саба хараҕын уутун сотто сыппыта...
– Вера Викторовна, систиэмэҥ бүтэн эрэр, сотору ыҥыраар. Мин бэһис палаатаҕа таҕыстым, – диэн нарын куолас санаатын ситимин быста. Ити үрүҥ халааттаах аанньала, сиэстэрэ Айта киирэ сырытта. Үчүгэйкээн бэйэлээх кыыс дьуһуурустубалыы кэллэҕинэ, ыарыһахтар сэргэхсийэ түһэллэр. Күн курдук күлэн-үөрэн киирдэҕинэ, бэл диэтэр, палаата иһэ сырдыырга, сылыйарга дылы буолар. Илиитэ сымнаҕас, хайа да тымыры көрүөх бэтэрээ өттүгэр булар, укуолу ыарыыта суох биэрэр – үрүҥ халааттаах аанньал буоларга ананан төрөөбүт курдук. Айта аламаҕай сыһыанынан, элэккэй, эйэҕэс майгытынан бар дьоҥҥо сөбүлэтэр. Куоракка улахан балыыһаҕа, реанимацияҕа үлэлии сылдьыбыт үһү. Онтон тус олоҕор табыллыбакка, уурайан, манна дьонугар көһөн кэлбит.
– Эбээ, пирибиэт! Хайа, хайдаххыный? Туох нааданый? – Рома күҥҥэ хаста да долгуйан эрийэр, сороҕор бассааптыыр.
– Этэҥҥэбин, тукаам, туох да наадата суох. Балыыһа аһа тотоойу, минньигэс. Бүгүн кэлимэ, өрөбүл чугаһаата дии.
– Оттон саатар планшеккын илдьибэппин дуо?
– Ээ, хата, өрөбүлгэ кэлэргэр аҕалаар, – диэтэ эбэтэ сиэнигэр.
***
Бээтинсэҕэ быраастар эрдэ дьиэлииллэр, дьуһуурунайдар эрэ хаалаллар. Бүгүн, киһи ымсыырыах, хас да киһи балыыһаттан таҕыста. Вера Викторовна палаататыгар соҕотох чуҥкуйан хаалла. Өрөбүл күннэргэ балыыһа иһэ иһийэн хаалар.
Киэһээҥҥи астарын эрдэ түҥэппиттэрэ. Саҥа нуктаан эрдэҕинэ, билэр куолаһа уһугуннарда.
– Эбээ Биэрэ, бу ис миинэ буһаран аҕаллым, баһаалыста, сойо илигинэ ис, – диэн мичээрдии турар эбит сиэстэрэ Айта. Эмээхсин, соһуйан, оронугар олоро биэрдэ.
– Ээ, тукаам, тоҕо да түбүгүрдэххиний. Мин манна аччыктаабаппын, тото аһыыбын ээ, – диэтэ кини.
– Саахардаах киһи сотору-сотору үссэниэхтээх, иҥэмтэлээх, доруобуйаҕа туһалаах эрэ аһы аһыахтаах. Ис миинэ иммунитеты бөҕөргөтөрүн, киһиэхэ күүс-сэниэ эбэрин бэйэҥ да билэр инигин? Дьиэ аһа балыыһа киэнинээҕэр атын буоллаҕа... – Айта тиэрмэскэ илдьэ кэлбит миинин тэриэлкэҕэ кутан барда.
– Бээ, тохтоо эрэ, бүгүн дьуһуурустубата суох күнүҥ этэ буолбат дуо? Сынньаммакка... – диэтэ Вера Викторовна таапачыкатын атаҕар анньына олорон.
– Сөпкө этэҕин, сарсын киэһэ кэлэбин. Маҕаһыыҥҥа сылдьа таарыйа аҕаллым. Чэ, сойуппакка ис, – диэтэ Айта. Өссө күөх дьаабылыка, хара килиэп, сыыр, сушка, морс, сахалыы тыллаах хаһыаттары аҕалбыт. Ону көрөн:
– Махтал, тукаам. Эйиэхэ төһөнү биэрэбиний? – диэн ыйытта.
– Эбээ Биэрэ, туох диэн ыйыттаххыный. Хата, киһини өһүргэтээри гынныҥ, – диэн хомойбуттуу эттэ Айта.
– Бырастыы гын, тоойуом. Ити мин... – диэн мух-мах буолла, өмүттэн, туох да диэн булбата.
– Чэ, мин бардым, аны маҕаһыыным хатанан хаалыаҕа, – диэтэ Айта.
Аныгы үйэ дьоно тоҥ сүрэхтээхтэр, кими да аһымматтар, үүнэр көлүөнэ кырдьаҕастарга, кыамматтарга кыһаллыбат дииллэрэ сыыһа. Үтүө санаалаах оҕолор бааллар, суох буолбатахтар! Көрүҥ эрэ, ити үчүгэйкээн бэйэлээх сиэстэрэ кыыһы! Вера Викторовна наһаа да долгуйда, үөрдэ. Ис миинин ахтыбыт да эбит...
***
Айта балыыһаҕа мэлдьи киирэр ыарыһахтары аймахтарын курдук чугастык саныыр. Холобур, ити Вера Викторовнаны манна кыргыттар Эбээ Биэрэттэн атыннык ааттаабаттар. Барахсан, бэҕэһээ ис миинэ буһаран илдьибитигэр соһуйбута, долгуйбута, хайдах да махтаныан билбэтэҕэ. Айта бэйэтин эбэтин ахтар, суохтуур. Кини эбээ, эһээ тапталларыгар угуттанан улааппыт дьоллоох. Күндү дьоно суох буолуохтарыттан Аммаҕа бара сылдьыбат. Ити Вера Викторовна эбээ Настаатыгар олус майгынныыр. Ыалдьабын диэн хаһан да муҥатыйбат, үҥсэргээбэт, атыттар курдук кими да мөҕүттүбэт, дьоҥҥо куруук үтүөнү эрэ баҕарар.
– Уой! Светлана Дмитриевна тыыннаахтыы тутан сиир буолла, иэдээн! – ааны арыйаатын кытта, Таня айманар саҥата иһилиннэ.
– Хайа, туох буоллуҥ, Таня? – Айта, сонун да устубакка, көмпүүтэр иннигэр бүк түһэн сытар дьүөгэтин диэки ыстанна.
– “Баазабыт” барда, иэдээн! Барыта көттө, экраммыт харанан көрөн баран турар! Мин буруйдаахпын, түүн киинэ хачайдаары, вирус киллэрдим быһыылаах, – Таня тохтоло суох саҥаран күлүбүрэттэ.
– Оо, чэ, тохтоо, наһаа айманыма. Сисадмиҥҥа эрийэ сырыттыҥ дуо? – Айта дьүөгэтин хайдах уоскутуон билбэт.
– Суох, уоппускаттан тахса илик. Ханна эрэ муораҕа сытар киһини хантан булуохпунуй. Айа, үлэбиттэн уурайар эбиппин, стресс... – Таня мээрилээн бүппэт.
– Кыргыттар, хайа, туох буоллугут? – градуснигын туппутунан, Вера Викторовна киирэн кэллэ. Сарсыарда температуратын кээмэйдэнэн баран, төттөрү биэрбэтэх, онтун аҕалбыт. Сиэстэрэ кыргыттар кыһалҕаларын киниэхэ кэпсии тоһуйдулар. Ытыы олорор Таняны көрөн, аһыммытын да иһин, хайыыр да кыаҕа суох. Тугу эрэ көмөлөһүөх курдук болҕойон иһиттэ, ол эрээри туох “баазата барбытын” соччо-бачча өйдөөбөтө.
– Кыргыттар, арба, мин сиэним Рома айтишник, көмпүүтэри биэс тарбаҕын курдук билэр... Көмөлөһүөн сөбө буолуо, оруобуна бүгүн өрүүр, миэхэ кэлиэхтээх. Арай киниэхэ көрдөрдөххүтүнэ? – диэтэ Вера Викторовна өй ылан. Сиэстэрэлэр өрө көтө, эбээ Биэрэни икки өттүттэн кууһа түстүлэр.
***
Вера Викторовна сарсыардаттан ас астаан түбүгүрэ сылдьар. Алгыстаах алаадьыта хаһааҥҥытааҕар да бэркэ табылынна. Бэрэскитэ, атын аһа барыта бэлэм буолла. Бүгүн киниэхэ үөрүүлээх күн! Сиэнэ Ромочка кийиит кыыһы сүгүннэрэн аҕалар! Эбээ Биэрэ сүргэтэ көтөҕүллэн, сирэйэ-хараҕа сырдаан, бэл, били “ойуоккалыыр” доҕотторо буулаабат буоллулар.
Былырыын күһүн балыыһа “баазата бара” сыспытын тохтоппут, сиэстэрэлэр хосторугар турар көмпүүтэри нэдиэлэни быһа бадьыыстаһан “тилиннэрбит” айтишник уол сиэстэрэ кыргыттары кытта тута доҕордоспуттара. Сыл иһигэр Айталыын ыкса билсэн, хайыы үйэ ыал буолаары сылдьаллар. Бүгүн сарсыарда куоракка саахсаҕа сайабылыанньа биэрэ киирбиттэрэ. Ити соторутааҕыта эрэ айаннаатыбыт, сотору тиийиэхпит диэн эрийэн эттилэр.
Бу күнү кини күүттэ да этэ! Ромочката ыал буоларын ыра санаа оҥостубута ыраатта, кийиит кыыһы хараҕар хаста да оҥорон, ойуулаан көрбүтэ. Ол дьоллоох түгэнэ тосхойдо!