11.11.2023 | 12:00

Тыыннааҕым тухары көмөлөһүөм...

(кэпсээн)
Тыыннааҕым тухары көмөлөһүөм...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Вера Викторовна бэҕэһээ балыыһаҕа киирбитэ. Күһүн аайы итинник бэргиир, мөлтүүр. Сороҕор: «Ыарыым дьыл кэмэ уларыйарын, хата, бэйэбинээҕэр ордук билэр. Һы, кырдьык, халандаара суох күммүн-ыйбын бутуйуох курдукпун», – диэн дьээбэлэнэр. Сиэстэрэ кыргыттар сылга иккитэ абырахтана, “өрөмүөннэнэ” киирэр эмээхсини бэркэ диэн билэллэр, эбэлэрин курдук үөрэ көрсөөхтүүллэр. Утары сүүрэн кэлэн, окумалыттан ылан, икки өттүттэн өйөөн-убаан палаататын буллараллар.  Итинник, бэйэтэ этэринэн, балыыһаҕа ордууламмыта биэс-хас сыл буолла. Бука, олох аһыытын-ньулуунун билбит киһи доруобуйата кэбирээн, сааһа да ылан истэҕэ...

Кинилэр бу Орто дойдуга сиэнин кытта иккиэйэхтэр эрэ. Ромочката (инньэ диэн ыҥырарын сөбүлээбэт) сүүрбэ биэһэ. Вера Викторовна уолу бачча сааһыгар диэри бэйэтэ иитэн, улаатыннаран, атаҕар туруорда.

Уола Витя олус эрдэ ойохтоммута. Училищеҕа үөрэнэ сылдьан, Иза диэн тулаайах кыыстыын билсибит этэ. Эдэрдэр куоракка хос куортамнаан олорбуттара, сотору соҕус оҕоломмуттара. Ол эрээри дьоллоро уһаабатаҕа. Витя, биир киэһэ үлэтиттэн кэлэн иһэн, маассабай охсуһууга түбэһэн, эдэр сааһыгар суорума суолламмыта. Ити Ромочка алта ыйдааҕар. Вера Викторовна сүрэҕин чопчутуттан хаалбыт баар-суох көмүс чыычааҕын, сиэнин аттыттан араарбат санаалааҕа. Кийиитин бэйэтигэр ыҥыран ылбыта, Ромочканы иккиэн киһи-хара оҥоруохпут диэхтээбитэ.

Ону баара күһүөрү Иза: “Манна үлэ булуо суохпун, уолбун илдьэ куоракка төннөбүн”, – диэн турбута. “Оҕоҥ кыра, мин үлэлиибин, олоруохпут. Ыксаама, уһуйааҥҥа уочаратын күүтүөххэ”, – диэн этэн көрбүтүн истибэтэҕэ. “Эдьиийим кыыһа устудьуон, уопсайга киириэр диэри олорсуоҕа, Ромочканы көрсүөх буолла, мин үлэбэр тахсыам”, – диэбитэ кийиитэ, хайыы үйэ быһаарынан баран. Эдэр сааһыгар огдообо хаалбыт барахсаны аһынан: “Тоойуом, ытыы-соҥуу сылдьыма, мин тыыннааҕым тухары баарбынан-суохпунан көмөлөһүөм”, – дии хаалбыта Викторовна. Онон Иза уолун көтөхпүтүнэн Дьокуускайга айаннаабыта. Бастаан утаа нэдиэлэ аайы төлөпүөннээн, сонунун үллэстэрэ, үлэтигэр тахсыбытын, балта Валя оҕо көрсөн көмөлөһөрүн кэпсээн үөрдэрэ. Вера Викторовна оччолорго маҕаһыын сэбиэдиссэйэ этэ, онон ботуччу хамнастааҕа. Кийиитигэр харчытын аҥаарын утары ыыта олорбута. “Соҕотох бэйэбэр төһөнү барыахпыный. Дьиэлээхпин, киэһэ сиир килиэбим баар буолла да сөп”, – диирэ.

Ол күһүн, Өктөөп өрөбүллэригэр, массыына көстүбүччэ, паром бүтэһик сырыытын баттаһа, куоракка киирбитэ. Суотабай төлөпүөн суоҕа, онон кийиитигэр эппэккэ хаалбыта. Суоппар Залог оройуонугар турар икки этээстээх мас дьиэҕэ аҕалан түһэрбитэ. Ааны өр тоҥсуйбута – ким да аспатаҕа. “Суохтар быһыылаах, ханна эрэ тахсан күүтэрим дуу” дии турдаҕына, арбайбыт баттахтаах Иза ааны арыйбыта. “Рома түүн утуппат, ол иһин бу үлэлээбэт күммэр уолбун кытта кыратык сыта түһэн ылабын”, – дии тоһуйбута. Кийиитэ арыгы сыттаах көрсүбүтүттэн сүрэҕэ ытырыктаппыта. Сиэнэ эмиэ утуйа сытара. Кып-кыараҕас хоско кута-сүрэ тохтооботоҕо, хайдах эрэ наһаа ыһыллаҕастык, кирдээхтик олороллоро. Холодильник иһэ кураанаҕа. Вера Викторовна аҕалбыт кэһиитин – ынах этин, сибиэһэй балыгы, хаппыыстаны, сүөгэйи, барыанньаны кийиитэ аанньа ахтыбатахтыы анараа диэки анньыбыта.

Ромочка утуйан турбутугар, дьиэ иһэ сырдыы, сылыйа түспүтэ. Эбэтэ сиэнин көрөн манньыйан, биир кэм ымманыйа олорбута.  Чахчы, үүт-үкчү Витюша кыра эрдэҕинээҕитин курдуга. Көрөрө-истэрэ, куолаһа кытта атылыы этэ. Саҥа хаама сылдьар оҕо, илии туппай буолан,  тугу булбутун-талбытын барытын айаҕар уктан иһэрэ. Аһыы олорон лапсатын төбөтүгэр куттан, эбэтэ ону хомуйар, сууйар-сотор түбүккэ түспүтэ. Аны хааман тоотоҥноон иһэн, бэрт кыраттан иҥнэн, охтон хаалара. Ол аайы ытаан, сирэйэ мэрбэйбитинэн барара.

Ол киэһэ Иза: «Баҕар, сөбүлүөҥ суоҕа, ол эрээри санаабын аһаҕастык этэбин: Витя ол охсуһууга кыттыспатаҕа буоллар, билигин маннык олоруо суохтаах этибит. Миэхэ ыарахан, соҕотохпун, оҕолоохпун», – диэн ытамньыйбыта. Кийиитин аһыммытын иһин хайыай, Вера Викторовна бэйэтэ да уолун туһунан санаатаҕына, хараҕын уута кэлбитин билбэккэ хаалара. Ол түүн аанньа утуйбатаҕа.

Сарсыныгар сиэнин кытта тэбис-тэҥҥэ оонньоһон, ас астаан, таҥас сууйан, дьиэни-уоту өрө тардан биир кэм кулахачыйбыта. Үһүс киэһэлэригэр кийиитэ олус хойут кэлбитэ: “Бииргэ үлэлиир кыыспыт төрөөбүт күнүн ыллыбыт, кафеҕа кыратык олоро түстүбүт”, – диэбитэ, эмиэ кыра сыттаах этэ. Вера Викторовна сөбүлээбэтэҕэ да, хайыай, саҥарбатаҕа. Ити  курдук түөрт күн биллибэккэ ааспыта. Дьиэлээх киһи дойдулаабыта.

Кийиитэ иһэр буолбутун кэлин Валяттан истибитэ. Биирдэ кыыс төлөпүөннээн: “Ромочканы аһынабын, ол иһин билиэххин наада”, – диэбитэ. Иза дьуһуурустубата суох күнүгэр хайаан да дьүөгэлэрин кытта көрсө барарын, түүн хойут кэлэрин, сороҕор уһаан, устунан сүтэн хааларын, онтон сылтаан Валя хаста да үөрэҕэр хойутаабытын, уопсайыттан кэлиэн баҕарбат буолбутун чып кистэлэҥинэн кэпсээбитэ. Оччолооҕу истэн баран, Вера Викторовна олоруо дуо, суһаллык куораттаабыта. Иза балта үҥсүбүтүн сэрэйбит быһыылаах этэ, аантан тоҥуйдук көрсүбүтэ, хараҕын куоттара сылдьыбыта. Хотуна кийиитин кытта кэпсэтэн көрбүтэ да, анараата: “Мин эн кыыһыҥ буолбатахпын, үөрэтимэ. Бэйэм билэбин! Эмтэнэр курдук улахан арыгыһыты булбуккун дии!” – диэн өһүргэнэн, өс саҕа буолбута. Өссө: “Итинник куһаҕаннык саныыр буоллаххына, аны биһиэхэ кэлимэ, сиэҥҥин олох да көрдөрүөм суоҕа”, – диэн куттаабыта. Вера Викторовна ах барбыта. Нэһиилэ биир хонон баран дьиэлээбитэ. 

Кырдьык, кийиитим аһыыта аастаҕына, урукку олоҕор төннүө, барыта этэҥҥэ буолуо диэн эрэммитэ. Суох, дьахтар күөх моҕойго бүүс-бүтүннүү бэринэр дииллэрэ кырдьык эбит. Биирдэ кырачаан Рома икки күн тохтоло суох ытыырын истэ сатаан баран, таһараа ыаллара полицияҕа тыллаабыттар этэ. Иза куруук кур итирик сылдьарын, сорох күн уолун дьиэтигэр соҕотохтуу хатаан  хаалларарын, баар да буоллаҕына, оҕотун көрбөккө ытатарын үҥсүбүттэр. Вера Викторовна ол күн тута куораттаабыта. Изаны ийэ быраабын быһа сатаабыттара, онтон туохтан эрэ тохтообуттара. Ол кэннэ дьахтар өйдөммүт курдук буолбута, бэйэ бодотун тардыммыта.

Онтон саас ойох тахсан эрэбин диэн соһуппута. Вера Викторовна туорайдаспатаҕа, баҕар, үчүгэй киһиэхэ түбэстэҕинэ, олоҕо көнүө дии санаабыта. Кийиитигэр көмөлөһөрүн тохтоппотоҕо. Иза хат буолбут этэ. Онон сайын, кийиитин сынньатаары, сиэнин көрдөөн ылан көрбүтэ, күһүн уһуйааҥҥа барарын эрэ саҕана киллэрэн биэрбитэ. Кэлбит массыынатынан төннүөхтээҕэ. Атаара туран кийиитэ: “Мама Вераа, хомоппут буоллахпына, бырастыы гын. Миигин, тулаайах сордооҕу, баалаама”, – диэбитэ. Вера Викторовна соһуйа истибитэ эрээри, таксины кэтэһиннэримээри, бэрт тиэтэлинэн массыынаҕа дьылыс гыммыта. Ити кинилэр бүтэһик көрсүһүүлэрэ буолбутун хайа-хайалара да сэрэйбэтэҕэ.

Ол кыһын Изаны эрэ кырбаан, суһал көмөнөн балыыһаҕа киирбит, оҕото куотан, хаана барбыт, быраастар кыайан быыһаабатахтар этэ...  Вера Викторовнаҕа Иза балта Валя ытаан-соҥоон эрийбитэ. Ромочка ол курдук үс аҥаарыгар төгүрүк тулаайах хаалбыта, эбээ оҕото буолбута.

Сиэнин үөрэттэрээри, Викторовна дьиэтин атыылаан, куорат биир кытыы нэһилиэгэр көһөн кэлбитэ. Уол үс сыллааҕыта университеты бүтэрбитэ, айтишник буолан, тута улахан тэрилтэҕэ үлэ булбута. Күнүстэри-түүннэри көмпүүтэр иннигэр олорор, сорох күн хас да чаас харыс да халбарыйбакка хам хатанар. «Удаленка» диэни Викторовна билиҥҥэ диэри соччо өйдүү илик. Киһи тэрилтэҕэ барбакка, хайдах үлэлиэн сөбүй? Ромата кырдьык-хордьук сарсыарда 9 чааска остуолун иннигэр олорор, салалталара ким хаска киирэрин-тахсарын кэтиир-маныыр үһү. Аны эбиэттэрин кэмэ лоп курдук 13.00 чааска саҕаланар. Онуоха диэри эбэтэ ас астаан түбүгүрэр. “Ромочкам хаһан эрэ ыал буолар” диэн ыраламмыта ыраатта. Ону баара сиэнэ билэрэ эрэ көмпүүтэр. Ханна да барбат-кэлбэт, биирдэ эмит эбэтин балыыһаҕа арыаллыыр эбэтэр чугас маҕаһыыҥҥа тахсан киирэр, ыраата барара – аптека. “Тукаам, ыарытыйар буоллум, хаһан кийиит аҕалаҕын? Сааһыҥ да ыраатта. Мин да уһуурум биллибэт”, – диир сиэнигэр. “Эбээ, эмиэ саҕалаатыҥ дуо? Чэ, үлэлии бардым”, – диэт, хоһун диэки ойон хаалар. Кэпсэтии онон бүтэр.

Эмээхсин чугас эргин кийиит буолуон сөптөөх кыыһы көрдүүр идэлэннэ. Саатар сылдьар сирэ балыыһа уонна аптека. Онно бэйэтин курдук ыарыһахтартан, кырдьаҕастартан атын ким да көстүбэт. Кырачаан оҕолордоох эдэркээн ыаллары көрө-көрө ымсыырар. Ромочката хаһан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолар? 

***

«Бэҕэһээ эбээ Биэрэ киирбитэ, алтыс палаатаҕа сытар. Түүн дабылыанньата тахсан, иккитэ тура сырыттым. Бу түһүү олоробун», – дии көрүстэ Таня Айтаны. Иккиэн эдэркээн сиэстэрэлэр. Таня түүҥҥү дьуһуурустуба кэнниттэн поһун Айтаҕа туттаран дьиэтигэр ойо охсоору, сонун устар да бокуой биэрбэккэ, биир кэм тохтоло суох саҥаран күлүбүрэттэ.

– Бүгүн икки ыарыһах тахсар диэбиттэрэ. Хас киһи киирэрий? – Айта үрүҥ халаатын кэтэ туран ыйытта.

– Ээ, билбэтим, бассаапка суруйбуттар дии, көрүөххүн. Бэһис палаатаҕа төрдүөлэр, онтон икки киһи көҕүрүүр. Бүгүн киирбэттэрэ буолуо, – Таня, төбөтүн да өндөппөккө, тугу эрэ суруйар. 

– Анаалыстарын бары туттардылар дуо? – диэн ыйытта Айта паапканы ыла олорон.

– Туттаран. Айуу, Дарья Дмитриевна тымырын була сатаан, үс сиринэн хастым. Баабыска, хата, туох да диэбэтэ. Айака, наар мин дьуһуурустубабар түбэһэр. Эн курдук харахпын симэн да олорон булбаппын ээ, – Таня сирэйин эҥин араастаан тутунна.

– Чэ-чэ, наһаа да оннук буолбатар, – Айта хараҕа паапкаттан арахпат. – КТ хас да киһи барар эбит дии. Массыына хаска кэлэрин билиэххэ наада, – дии олордо.

– Чэ, мин ыксаатым, бүгүн оҕом төрөөбүт күнэ. Аҕабыт хаһан кэлэҕин дии олорор. Мин манна соруйан уһуурум курдук. Кофе да испэтим, – Таня чаһыны субу-субу көрөрүн быыһыгар сыҥааҕырдаан ылла. – Ити Вера Викторовнаны көрө сылдьаар эрэ, дабылыанньата наһаа тахсар, кутталлаах баҕайы.

Ити курдук, Айта үлэтин күнэ саҕаланна.

 

Салгыыта бэчээттэниэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....