02.06.2023 | 04:32

Тыыл бэтэрээннэрин скверигэр сибэкки олортулар

Тыыл бэтэрээннэрин скверигэр сибэкки олортулар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин уокурук бу сайын 170 тыһыынча устуука сибэкки уонна 500 мас олордор былааннаах. 
Оҕо көмүскэлин күнүнэн уокурук бэтэрээннэрэ 26 №-дээх оскуола оҕолорун кытта Тыыл бэтэрээннэрин скверигэр сибэкки арааһын олортулар. Бэлиэтээн эттэххэ, бу сквер Киин уокурук Бэтэрээннэрин сэбиэтин көҕүлээһининэн тутуллубута. 
Тыыл бэтэрээнэ Надежда Митрофановна Мордвинова:
- Учуутал уонна уһуйааччы сылынан Оҕо көмүскэлин күнүгэр үөрэнээччилэри кытта сибэкки олордор аахсыйаҕа кыттыбыппынан олус астынным. Ону сэргэ сквербитин быйыл «Зеленый рай» экологическай хампаанньа куратордыыр буолбутун истэн олус үөрдүм, ол аата сквербит көрүүлээх-истиилээх буолуоҕа диэн эрэллээхпин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...