08.03.2023 | 16:30

Тюльпан харчыны кытта солбуйбута

Тюльпан харчыны кытта солбуйбута
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Былыр тюльпан олус күндү табаар этэ, бэл, алмааска, көмүскэ тэҥнээх буола сылдьыбыта. Сорох дойдуларга биир кэмҥэ харчыны кытта солбуйбута. Санаан көрүҥ, аҕыйах сибэкки умнаһынан оннооҕор бүтүн дьиэни атыылаһыахха сөбө! Бу кэрэ сибэкки туһугар дьон туохтарын да кэрэйбэттэрэ, тугу барытын ууран биэрэргэ бэлэмнэрэ.
Сэрии аас-туор кэмигэр аччыктаабыт дьон тюльпан умнаһын сииллэрэ.  Билигин даҕаны кулинарияҕа умнаһын, эминньэхтэрин киэҥник туһаналлар. Оттон сэбирдэхтэрин, үнүгэстэрин салаакка эбэллэр,  аан дойду ааттаах асчыттара минньигэс бүлүүдэлэри, соустары астыырга хото тутталлар. Ол эрээри сорох сортар дьааттаахтар. Ынахтар, сылгылар, куоскалар уонна ыттар улаханнык сүһүрүөхтэрин, бэл, өлүөхтэрин да сөп.  
Саамай элбэх тюльпан Голландияҕа үүнэр. Бу дойду сылга 3 миллиард кэриҥэ кэрэ сибэккини 120 араас дойдуга атыылаан харчы киллэринэр. Олохтоох урбаанньыттар анаан-минээн дьарыктанан, эҥин эгэлгэ сортары оҥорон таһаараллар.   
Тюльпан үгүс көрүҥэ сүтэр-симэлийэр кутталлаах буолан, Кыһыл кинигэҕэ киирбит. 
Оттон эн тюльпаны төһө сөбүлүүгүн? Үүннэрэн көрүөххүн баҕараҕын дуо?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...