“ТЫГЫН ДАРХАН” онлайн куухуната
Бу күннэргэ кафелар, рестораннар уонна да атын уопсастыбаннай аһыыр сирдэр үлэлээбэттэр. Онон сорох аһылык тэрилтэлэрэ онлайн үлэҕэ көстүлэр.
Сахалар киэн тутта ааттыыр, төрүт үгэстэрбитин, аһылыкпыт култууратын тута сылдьар, аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттиир гына олох хаамыытын кытта тэҥҥэ сайыннаран иһэр “Тыгын Дархан” рестораммыт эмиэ сакааска үлэтин күүһүртэ. Ханнык да тиэрдиигэ суох чубуку этин, Саха сирин көмүс хатырыктааҕыттан деликатестары о.д.а. күндү, ураты бүлүүдэлэрин, минньигэс тортары сакаастаан ылыахха сөп буолла.
Ону тэҥэ бу күннэргэ инстаграмнарыгар босхо онлайн уруоктарын биэрэн, дьон сэҥээриитин ыллылар.
Шеф-повар Константин Матаннанов онлайн уруоктарыгар үөрэппит бүлүүдэлэрин таһаарабыт:
Клярга буспут убаһа этэ
*4 сымыыт, уу, бурдук, биэрэс, туус.
Убаҕас тиэстэ бэлэмниибит. Эппитин бөдөҥ соҕус гына кырбастыыбыт.
Кляр оҥорон баран, онно убаһа этин умньаан ыла-ыла, элбэх арыыга ыһаарылыыбыт.
Моонньоҕонноох чизкейк
Аллараа дьапталҕата: Ынах арыытын уулларан, пергамеммытын сыбыыбыт. Тоҥ моонньоҕон отонун уурабыт, 2 ост. нь. кукуруза крахмалын, саахар эбэбит.
Ортоку дьапталҕа: 180 граммнаах 4 пачка иэдьэгэй, 4 сымыыт, 6 ост. нь. кукуруза крахмала, 2 ост. нь. сүөгэй. Барытын булкуйан баран, отоммут үрдүгэр кутабыт.
Үрдүкү дьапталҕата: медовай коржтары үлтүрүтэн таммалатабыт. Баттаталаан биэрэбит. Бисквит, медовай корж эбэтэр бэчиэнньэ туттуллуон сөп.
Духуопкаҕа 180 кыраадыска 20-30 мүнүүтэ буһарабыт. Сойутан баран остуолга биэрэбит.
Овсянай бэчиэнньэ
1 ыст. овсянка хлопьяны 10-15 мүнүүтэ 100 г кефиргэ үлүннэрэ түһэбит. Онтон ч.нь. аҥаарынан сода, 1 ыст. саахар, 1 сымыыт уонна кыратык бурдук эбэбит.
Тиэстэбит сыстаҥнас соҕус буолуохтаах. Кыракый төгүрүктэри оҥорон, духуопка илииһигэр уурабыт.
180 кыраадыска 20-30 мүнүүтэ буһарабыт.
Бу классическай ырысыап. Бэйэҕит көрөн изюм, курага, сакалаат бытархайын эбиэххитин сөп.
Астаах балык
Балыгы үчүгэйдик ириэрэн баран, хатырыгын, иһин ыраастыыбыт. Тоноҕоһун хаанын ньуосканан ыраастаан, тымныы ууга сууйабыт. Тириитин алдьаппакка, сэрэнэн этин кыһыйан ылабыт.
Балык этин уҥуоҕуттан арааран мясорубкаҕа эриттэрэбит. Маныаха блендер аһара ытыйан кэбиһэр буолан, олох барсыбат.
Фаршпытыгар луук, биэрэс, туус эбэбит. Искэхтээх балык искэҕин эмиэ эбиэххэ сөп. Сымыыт, эрдэттэн үүккэ илитиллибит килиэп маҥанын эбэн, мэһийэн биэрэбит.
Балыкпытыгар начыынын симэбит. Ортотугар 4 буспут сымыыты угабыт. Сиигин аллаараа гына уурабыт. Тигиэххэ да, тигимиэххэ да сөп.
Духуопкаҕа угуохпут иннинэ балыкпытын үчүгэйдик мас арыытынан сыбыыбыт.
180 кыраадыска 40 мүнүүтэ буһарабыт.
Бэлэм балыгы сойутан баран өлүү-өлүү быһабыт. Остуолга биэрэргэ оҕуруот аһынан киэргэтэбит.
Азербайджанныы кутабы
“Тыгын Дархан” тыыннаах номоҕо Иннокентий Тарбахов Азербайджаҥҥа сылдьан үөрэммит бүлүүдэтин ырысыабын үллэстэр.
Тиэстэни мэһийэрбитигэр кыра тымныы ууга ост.нь. аҥаара мас арыытын, туус кутабыт. Уонна тиэстэ мэһийэн баран сынньата түһэбит.
Фаршыгар убаһа этэ ордук барсар. Туус, хара биэрэс, кыра гына кырбаммыт луук эбэбит. Фарш үрдүгэр луугу быраҕан баран тууһуур ордук. Оччоҕо луук сүмэһинэ тахсар.
Бэрэскигэ, чебурекка да фарш хойуу буолуо суохтаах. Оччоҕо үчүгэйдик буһан тахсар. Кутабы фаршыгар эмиэ кып-кыратык уу эбэн убатан биэрэбит.
Тиэстэбитин кыра гына төкүнүктэргэ арааран хаптатабыт. Аҥаарыгар начыыммытын хаптаччы ууран баран, тиэстэбит кытыытын уунан илитэн силимниибит.
Кыратык арыынан сыбаммыт хобордооххо буһарабыт. Таһаараат ынах арыытынан сыбыыбыт.