18.10.2022 | 16:00

Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ гуманитарнай көмөнү хомуйдулар

Бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстабытын кооперативтарын ассоциациятын сэбиэтин чилиэннэрэ быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга гуманитарнай көмөнү хомуйдулар диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ гуманитарнай көмөнү хомуйдулар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт гражданнарга гуманитарнай көмө элбэхтик хомуйуллара наада. Сомоҕолоһон, кыһаллан, биир дойдулаахтарбытыгар төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрэ өйүүрүн биллэрэбит уонна этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр күүс-уох биэрэбит», - диэтэ ассоциация бэрэсидьиэнэ Александр Артемьев.

Сэбиэт чилиэннэрэ наадалаах экипировканы – балаклавалары уонна сылаас бэргэһэлэри, тактическай бэрчээккилэри, үрүсээги, итиэннэ медицинскэй сириэстибэлэри ыллылар. Көмөнү Дьокуускай куорат хомуйар пууннарыттан биирдэстэригэр туттардылар.

Бааһынай хаһаайыстыбаларын уонна тыа хаһаайыстабытын кооперативтарын ассоциациялара 2021 сыллаахха 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ. Кини састаабыгар 18 оройуонтан 1118 чилиэн, ол иһигэр 68 тыа хаһаайыстабытын кооперативтара уонна икки төрүт община, итиэннэ бааһынай хаһаайыстыбалара киирэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....