18.11.2021 | 18:30

Тыһыынча кэриҥэ дьиэ көтүрүллүөхтээх

Тыһыынча кэриҥэ дьиэ көтүрүллүөхтээх
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Чуолкай сыыппараны этэр буоллахха, киин куоракка 990 хаарбах туруктаах дьиэ баар. Биллэн турар, итилэр бары көтүрүллүөхтээхтэр.  Сыл аайы саҥа дьиэлэр тутуллан дьэндэйэллэр да, эргэ, хаарбах туруктаах дьиэ кыһалҕата сытыытык турар. 
Уһун өрөбүллэр кэмнэригэр, сэтинньи 2 күнүгэр, куорат баһылыга Евгений Григорьев Промышленнай уокурук мас дьиэлэрин туруктарын көрбүтэ уонна уокурук Управлениетын бэрэстэбиитэллэрин кытта олохтоохтору көһөрүү боппуруоһун дьүүллэспитэ.

Мунньахха баһылыгы ОДьКХ хайысхатынан солбуйааччы Егор Кардашевскай, Промышленнай уокурук дьаһалтатын салайааччыта Елизавета Служеникина, «Юнион», «Столичное» уонна «Арсенал+» салайар хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбыттара.

Евгений Григорьев Очиченко уулуссатын 20 №-гэр бараак тииптээх мас дьиэни көрбүтэ, манна дьон 1979 сылтан олорор. Көрөн-истэн баран туһааннаах тэрилтэлэргэ сокуонунан көрүллүбүт бэрээдэгинэн дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинэргэ уонна олохтоохтору көһөрүү боппуруоһун быһаарарга сорудахтаабыта.

Итини сэргэ кини Очиченко 21 №-рин 6-с кыбартыыратыгар доруобуйатыгар хааччахтаах оҕолоох ыалга сылдьыбыта. Уокурук салалтата иһитиннэрбитинэн, манна соторутааҕыта дьиэ үрдэ сууллубут. Баһылык олохтоохтор көһүөхтэригэр диэри олорон эрэллэригэр итиини тутар гына өрөмүөннүүллэригэр сорудахтаабыт. Бу дьиэ хаарбах туруктааҕынан 2017 сыллаахха билиниллибит.

Управа салайааччыта Елизавета Служеникина бигэргэппитинэн, уокурукка 325 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 196-та мас эбит.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, мас дьиэлэри барыларын хаарбах туруктааҕынан билинэр курдук, киэҥ далааһыннаах үлэни былаанныыр. Ити сыалга 2021 сылга куорат бүддьүөтүгэр 2,1 мөл. солк. көрүллүбүт. Быйыл 170-ча дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллэрэ былааннанар. Куорат салалтатын сорудаҕынан аналлаах тэрилтэттэн техническэй түмүгү ылыы куорат бүддьүөтүттэн төлөнөр. 

Дьиэни хаарбах туруктааҕынан хайдах билинэр туһунан «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ дьиэ-уот пуондатыгар салаатын начаалынньыга Айталина Жиркова кэпсээтэ.

− Айталина Николаевна, бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка хас дьиэ хаарбах туруктааҕынан билиниллэн турарый?

Бастатан туран, хаарбах туруктаах дьиэ-уот пуондатыгар ордук мас дьиэлэр киирэллэр диэн бэлиэтиэххэ наада. Кэнники сылларга мас дьиэлэр туруктара эргэрэн уонна климаппыт уратытыттан сылтаан, мөлтөөн иһэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ куорат территориятыгар хаарбах туруктааҕынан уонна көтүрүллэргэ сөптөөҕүнэн 990, ол иһигэр 2021 сылга 170 дьиэ билиниллэн турар.

Дьиэбит эргэрдэҕинэ уонна олорор туруктан таҕыстаҕына, тугу гынабыт, кимиэхэ этэбит?

Элбэх кыбартыыралаах дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинэр, көтүрэр эбэтэр саҥардан тутар барыта туспа бэрээдэктээх. Ити боппуруоһу быһаарарга кыбартыыра бас билээччитэ туһааннаах докумуоннары, сайабылыанньаны биэриэхтээх. Ити докумуоннары туппутунан «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ тиийиэххэ наада.

− Айталина Николаевна, Саха сиригэр 2025 сылга диэри хаарбах дьиэттэн көһөрүү регионнааҕы аадырыстаах бырагыраама үлэлиир. Итиннэ хас дьиэ киирэ сылдьарый?

«Обеспечение устойчивого сокращения непригодного для проживания жилищного фонда на территории РС (Я)» диэн регионнааҕы бырагыраамаҕа 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри кэмҥэ хаарбах туруктааҕынан билиниллибит элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр киирэллэр. «Переселение граждан из аварийного жилищного фонда на 2019-2025 годы» диэн регионнааҕы аадырыстаах бырагыраамаҕа үөһэ этиллибит кэмҥэ 165 дьиэ киирбит. 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү боппуруоһа «Обеспечение устойчивого сокращения непригодного для проживания жилищного фонда на территории РС (Я)» бырагыраама олоххо киирбитин кэнниттэн, үбүлээһин көрүлүннэҕинэ, быһаарыллар.

Бас билээччи эбэтэр наймылаһааччы эргэ, хаарбах туруктаах дьиэтэ көтүрүлүннэҕинэ олорор дьиэнэн хааччыллар дуо?

Сир учаастагын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай туһаҕа ылар түбэлтэҕэ, бас билээччи РФ Дьиэ-уот кодексатын 32 ыстатыйатынан олорор дьиэнэн хааччыллар быраабынан туһанар. Эмиэ ити кодекс 32 ыстатыйатын 8-с чааһыгар олоҕуран, бас билээччини кытта сөбүлэҥинэн атын олорор дьиэнэн хааччыллар эбэтэр урукку дьиэтин сыанатыгар сөп түбэһэр сууманы харчынан ылар кыахтаах.

Муниципальнай олорор дьиэ наймылаһааччытын дьиэ-уот быраабынан хааччыйыы РФ  Дьиэ-уот кодексатын 89 ыстатыйата мэктиэлиир. Бэриллэр дьиэ (нэһилиэнньэлээх пуун усулуобуйатыттан көрөн) толору хааччыллыылаах, урукку дьиэтин иэнин кытта тэҥ уонна нэһилиэнньэлээх пуун чэрчитигэр буолуохтаах.

Дьиэни бас билээччи эбэтэр наймылаһааччы ханнык кыһалҕаны көрсүөн сөбүй?

РФ Дьиэ-уот кодексатыгар 2019 сыл ахсынньы 27 күнүнээҕи  473-ФЗ №-дээх федеральнай сокуонунан уларыйыылар тахсаннар, бырагыраама олоххо киириитигэр кэккэ кыһалҕалар үөскээбиттэр. Ол курдук, хаарбах туруктаах уонна көтүрүллүөхтээх дьиэни атыыласпыт дьоҥҥо ити дьиэ сыанатыттан тахсыбат суума бэриллэр.

Көһөрүү бырагырааматыгар 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан билиниллибит элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр киирэр кэмнэригэр РФ Дьиэ-уот кодексатын 32 ыстатыйатын 8.2 чааһа үлэлии илигэ. Ол иһин ити уларыйыылар тустарынан гражданнар билбэттэрэ чуолкай. Билигин ити ыстатыйаҕа 173 олорор дьиэ бас билээччилэрэ (420 гражданин) түбэһэн сылдьаллар.

Гражданнар үгүс өттүлэрэ биир эрэ олорор дьиэлээхтэр, сорохторо дьиэ-уот усулуобуйатын тупсарыы учуотугар тураллар. Итини сэргэ, элбэх киһи хаарбах туруктаах дьиэни ийэ хапытаалын туһанан атыыласпыт. Ити курдук, РФ Дьиэ-уот кодексатын 32 ыстатыйатын 8.2 чааһыгар олоҕуран  сокуонунан дьиэ дьиҥнээх сыанатыттан тахсыбат сууманы эрэ ылыахха сөп. Элбэх дьиэ 2013-2014 сылларга атыылаһыллыбытын учуоттаатахха, кинилэр сыаналара үксүгэр 500 тыһыынча солкуобайтан тахсыбат.  Ити суумаҕа билиҥҥи кэмҥэ хаарбах да туруктаах, көтүрүллүөхтээх дьиэҕэ кыбартыыраны ылар кыахтара суох.

Хаарбах туруктааҕынан билиниллибит элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн төһөтө өрөспүүбүлүкэтээҕи аадырыстаах бырагыраамаҕа киирбэккэ турар?

Хаарбах туруктааҕынан билиниллэн баран куорат уокуругун нэһилиэнньэтин 10%-на олорор 825 элбэх кыбартыыралаах дьиэ (уопсай иэнэ 402 тыһ. кв. м. тахса), мас дьиэ пуондатын 73%-на, көһөрүү регионнааҕы бырагырааматыгар киирбэтэ.

Кинилэри көһөрүү төһө сыаналаах буоларый?

Регионнааҕы бырагыраамаҕа киирбэтэх хаарбах туруктаах дьиэлэри көһөрүү сыаната быһа холоон 49,3 млрд солкуобай буолар.

Билигин Дьокуускай мас дьиэлэрэ хайдах туруктаахтарый?

Дьокуускай территориятыгар баар мас дьиэ пуондатын техническэй туруга мөлтөх. Дьиэлэр улахан аҥаардара тымныы, өһүөлэрэ сууллар кутталлаахтар. Биир тэҥ мөлтөх усулуобуйалаах дьиэлэр хаарбах туруктааҕынан араас кэмҥэ билиниллибит буоланнар, олохтоохтор регионнааҕы бырагыраама саҥа түһүмэҕэ саҕаланарын кэтэһэргэ күһэллэллэр. Билиҥҥи кэмҥэ куорат уокуруга регионнааҕы бырагыраамаҕа киирбэтэх дьиэлэргэ олорор гражданнары көһөрөр боппуруоһу бэйэтэ эрэ быһаарар кыаҕа суох.

Ол эрэн, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕар олоҕуран, 2022 сылга эбии үбүлээһин көрүллүбүтүнэн сибээстээн, Уокуруктааҕы дьаһалта Саха сирин Бырабыыталыстыбатын кытта 2017 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн хаарбах туруктааҕынан билиниллибит элбэх кыбартыыралаах дьиэлэртэн көһөрүү Пуондатын суотугар харчынан өйөбүлү ыларга сайаапканы оҥорорго үлэлиир. 

Дьиэни хаарбах туруктааҕынан билинэргэ ирдэнэр докумуоннар:

1) дьиэни олорорго сөбө суоҕунан уонна хаарбах туруктааҕынан билинэр, көтүрэн эбэтэр саҥардан тутар туһунан сайабылыанньа;

2) дьиэни бас билэр туһунан докумуон куоппуйата;

3) элбэх кыбартыыралаах дьиэни чинчийэн көрбүт аналлаах тэрилтэ түмүгэ.

Туһааннаах докумуоннары кытта сайабылыанньаны Дзержинскэй уул., 21  «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ 14 №-дээх түннүгэр (47-с кэбиниэт) тиксэриллэр. Үлэлиир эрэсиимнэрэ: бэнидиэнньик – чэппиэр 9:00 чаастан 17:00 чааска диэри, бээтинсэҕэ прием суох, субуота, баскыһыанньа – өрөбүл күннэр, эбиэт – 13:00 чаастан 14:00 чааска диэри.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...