Туймаада ыһыаҕын туһунан дьон санаата
Туймаада ыһыаҕа ыһыллар Үс Хатыҥ сирэ-уота куорат кииниттэн төһө да ыраах турдар, норуот уустук айаны, араас мэһэйдэри аахсыбакка, бииргэ мустар үөрүүтүн билээри, алгыс баһын сыалаары, кэлэр сылга күүс эбинээри, быйыл номнуо үйэ чиэппэриттэн ордук саараабакка дьулуһар.
Быйылгы ыһыах тэрээһинин туһунан норуот санаатын билсээри, ыйынньыктарынан сирдэтэн, түһүлгэлэринэн хаамтыбыт.
Бастатан туран, оптуобус. Сылын аайы ыһыахха анаан икки оптуобус маршрута тэриллэр. Оттон сыл аайы ыһыахчыт ахсаана элбии турара бэлиэтэнэр. Онон икки маршрут итэҕэһин, кырата өссө икки маршрут ирдэнэрин, холобура, автовокзалга оптуобус ааныгар «атаака», арылхайдык көрдөрөр. Сахалыы симэммит далбардар оптуобуска киирэр туһуттан киҥир-хаҥыр кэпсэтэллэрин истэр, кэтэһэртэн кэлтэйбит оҕолор тыҥкынаһалларын көрөр, кэрэ аҥаардартан миэстэ былдьаһан дархаһыйар эр бэртэри көрөр сүөргү. Ити курдук балтараа чаас айаннаан, ыһыахпытыгар кэллибит.
Түһүлгэҕэ киирээти кытта «Үс Хатыҥ» култуурунай-этнографическай комплекс каартата, хайа диэки хаамтахха, ханнык түһүлгэ баарын көрдөрөр ыйынньыктаах остуобалар тураллар. Эппиппит курдук, онон сирдэтэн, талбыт түһүлгэлэрбит диэки хаамабыт. Онтубут, төһөнөн түгэххэ киирдиҥ да, ыйынньыктарбыт улам сэдэхсийэн иһэллэр. Ону таһынан каарта бэчээтин хаачыстыбата мөлтөх, сорох сиргэ буукубалар сыстыһа түһэннэр, ханнык “уулуссата” ааҕыллыбат. Наадалаах түһүлгэбит ханан баарын 2ГИС көмөтүнэн оффлайн билиэххэ сөп эрээри, интэриниэт мөлтөҕүттэн ханна тураргын тута көрдөрбөт. Онон быйыл даҕаны интэриниэт кыһалҕата кыайтарбатах диэн тутатына бэлиэтиир тоҕоостоох. Интэриниэтэ суох хайысха навигатордара, төлөбүр терминаллара, мобильнай бааннар үлэлээбэттэрин этэ да барыллыбат, оннооҕор бассаап иһитиннэриилэр «ыйанан баран тураллар». Онон ыһыах иннинэ «сибээс оператордара интэриниэт туочукаларын күүһүрдүөхтэрэ, кыамталаах баазалары туруоруохтара, инженернэй үлэлэри ыытыахтара» диэн кэпсэтиилэр олоҕо суох буолан таҕыстылар. Бука, быйылгы да ыһыахха вай-файдаах тэрилтэлэр эрэ күннээтэхтэрэ, ыһыах бырагырааматын, каартатын эрдэттэн хачайдаммыт, кумааҕыга тута сылдьар, сиэптэригэр уу харчыны уктан киирбит ыалдьыттар эрэ кыһалҕаны көрсүбэтэхтэрэ буолуо.
Аграфена Пономарева, ыһыах ыалдьыта:
— Нерюнгриттэн кэлэ сылдьабын. Туймаада ыһыаҕар үһүс сырыым. Быйылгы ыһыах бэркэ ааһан иһэр. Төһө да уочараттааҕын иһин, Үс Хатыҥҥа аан бастаан алгыс, ыраастаныы сиэрин-туомун барытын аастым. Сибээс суоҕа куһаҕан. Ыалынан сылдьар буоллахха, санаатах аайы бэйэ-бэйэни кытта сибээстэһэр кыах суох. Ыйынньык аҕыйаҕа эмиэ ыарахаттары үөскэтэр; холобура, хас биирдии түһүлгэ иннигэр чугас ханнык түһүлгэ баарын ыйар бэлиэлэр сотору-сотору бааллара буоллар бэрт буолуо эбит.
Быыл кыһалҕатын уу кутар массыыналар быһаара сатаатылар. Атаҕыҥ анныттан хара буор өрө сүүрэн тахсыбат. Ол эмиэ ситиһии.
Туалеттар ыһыах сириттэн тэйиччи тураллар, улахан уочарат баара көстүбэт. Тастарыгар, атын да сирдэргэ илии суунар кырааннар бааллара хайҕаллаах, табыгастаах, уу таһар массыыналар кэмигэр кэлэн толорон биэрэллэр эбит. Арай бөх быраҕар ууруна аҕыйах. Киин трибуна киириитигэр улахан бакыаттарын ыйаабыттара түргэнник туолан, ыалдьыттар бөхтөрүн сиргэ ууралларыгар тиийдилэр. Хата, бөх хомуйар массыыналар көрө сылдьан ууруналары ыраастаан иһэллэр.
Айдамир Слепцов, ыһыах ыалдьыта:
— Үс Хатыҥҥа быйыл үһүстээн ыһыахтыыбын, итинтэн иккитэ балаакканан түһэ сытан ыһыахтаабытым. Уопсайынан, култуурунай, аралдьытар тэрээһиннэр 10/10 баал диэхпин сөп. Оттон инфраструктура өттүнэн улахан тупсуу баарын көрбөтүм, барыта уруккутун курдук. Арай туалет ахсаана элбээбит.
Үс Хатыҥ медпуунун өҥөйөн ааһар санааланныбыт. Мас дьиэ иһэ ширмаларынан араарыллыбыт. Киин куорат 1№-дээх поликлиникатын исписэлиистэрэ хас биирдии көмө көрдөөччүгэ болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар, тута туох буолбутун сураһаллар, ирдэнэр көмөнү оҥорорго тиэтэйэллэр. Суһал көмө массыыналара медпуунтан ыраах сиргэ баар ыарыһахтарга барарга бэлэм тураллар.
Туйаара Бурнашева, 1№-дээх поликлиника бырааһа:
— Үс Хатын медпууна бэс ыйын 28 күнүн киэһэтиттэн үлэтин саҕалаабыта. Үксүн эчэйиилээх, хаан баттааһыннаах дьон кэлэр. Бу сибилигин бүлгүрүйүүлээх киһи кэллэ. Биир киһи инсульт буолан, суһал көмө массыынатынан балыыһаҕа ыыттыбыт. Эмпит-томпут, бастакы көмөнү оҥорорго туттар тэрилбит барыта баар. Бүгүн күн-дьыл сөрүүн буолан, итииттэн эмсэҕэлээччи суоҕун кэриэтэ. Үксүн хаан баттааһыннаах дьон кэлэр, кинилэргэ наадалаах эмтэрин биэрэбит. Элбэх киһи лейкопластырь көрдүүр, ону биһиги тэрийбэппит. Аптекаттан атыылаһыахха наада.
Ыһыахха биир эрэ медпуун баар. Медпуунтан ыраах түһүлгэлэргэ эчэйии, эмсэҕэлээһин түбэлтэтэ таҕыстаҕына, полицияҕа этиллиэхтээх, оччотугар суһал көмө массыыната эмсэҕэлээччини манна тиэйэн аҕалар. Биһиги ыарыһах туругуттан көрөн эмп биэрэн баран салгыы ыһыахтыы ыытабыт, эбэтэр балыыһаҕа госпитализацияҕа атаарабыт.
Эмп-томп чааһыгар аҕыйах тылы социальнай аптекаҕа аныахха сөп. Көрдөххө, ыарыыны мүлүрүтэр, тымныйыыны, ис ыарыыларын утары эмтэр, кыра оҕо аһылыга уонна эчэйиигэ көмөлөһөр, гигиена тэриллэрэ атыыланар эбит.
Аптекаттан чугас малы харайар пуун турар. 100-чэкэ долбуурдаах. Манна ким баҕалаах малын-салын 3 чааска уурдарыан сөп. Сыаната кыра малларга: 3 чаас — 300 солкуобай, салгыы хас биирдии чааска 100 солкуобай эбии төлөбүрдээх. Улахан маллары 3 чааска 600 солкуобайга харайаллар уонна эбии чааска 200 солк. көрдүүллэр. Элбэх маллаах, ыксаабыт дьоҥҥо табыгастаах өҥө.
Төлөпүөн ииттэрэргэ дьон үксэ бэйэтэ повербааннаах сылдьар. Онон-манан розеткалаах электрощиттар бааллар эрээри, иллэҥ розетка суоҕун кэриэтэ, уочараттаан эрэ тиксэҕин. Аттыгар олорор сирэ, хаххата суох буолан, олус күүскэ наадыйар эрэ дьон уочараттыыр быһыылаах.
Ас атыылыыр балааккалар эрэ буолбакка, күнтэн хаххалаах, остуоллаах, олоппостоох хорчуоппа ахсаана дэлэй. Эбиэт диэки киһи элбэх да буоллар, аһыан баҕалаахха барытыгар миэстэ баар.
Виктория Герасимова, ыһыах ыалдьыта:
— Кафеларга остуоллара кирдээх, салфетка уурбаттар, быыллаах, сибээс хаппат, туалеттар наһаа ыраах тураллар эбит.
ЫБММ уонна ИДьМ үлэһиттэрэ балаһыанньаны, бэрээдэги кыраҕытык кэтииллэр. Киириигэ хас биирдии ыһыахчыт тимири көрдүүр аанынан ааһар, полициялар суумкалары бэрэбиэркэлииллэр. Муммут оҕолору төрөппүттэригэр төннөрөллөр. МЧС үлэһиттэрэ үрэх кытылын маныыллар, бобор лиэнтэттэн ураты өрүһүйэр төгүрүктэр уонна мотуордаах тыы бэлэм тураллар.
Эдуард, ыһыах ыалдьыта:
— Быйылгы ыһыаҕы былырыыҥҥытааҕар ордук курдук көрөбүн. Ааспыт сылга хайдах эрэ ыһыллаҕас курдук этэ, быйыл быдан хомуллубукка дылы. Халлааммыт даҕаны туран биэрдэ, сөрүүн, ол иһин сылайбыт, хампырыйбыт сирэй аҕыйах, үөрэ-көтө сылдьар киһи элбэх; уопсайынан, эйгэтэ бэртээхэй. Инфраструктура өттүттэн даҕаны тупсуу баар, операционнай кииннэр үлэлэрин хайҕыы көрөбүн, туох баар доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Росгвардия, ИДьМ, ЫБММ бары бааллар.
Ити курдук, кыһалҕа суох буолбатах, ол эрээри үөрбүт-көппүт, ыһыахтан астыммыт киһи элбэх.
Хаартыскалар: дьоруойдар тус архыыптарыттан