22.03.2023 | 15:00

Туймаада ыһыаҕар бэлэмнэнэбит

Туймаада ыһыаҕар бэлэмнэнэбит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы Туймаада ыһыаҕа “Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората” диэн этиинэн салайтаран ыытыллыаҕа. Күүтүүлээх  бырааһынньыкпытын үгэс быһыытынан бэс ыйын бүтэһик өрөбүлүгэр Үс Хатыҥ ытык сиригэр-уотугар бэлиэтиэхпит. Тэрээһин Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылларыгар, ону сэргэ саха халандаарынан Дьөһөгөй Айыы сылыгар ананыаҕа.

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, баһылык Евгений Григорьев кыттыылаах тэрийэр бөлөх мунньаҕа буолан ааста. Манна ыһыах култуурунай бырагыраамата көрүлүннэ. Ол курдук, улуустар ортолоругар түһүлгэни, айар кэлэктииптэр кэнсиэртиир сирдэрин киэргэтиигэ күрэх ыытыахха диэн этии киирдэ.

Тэрээһин сүрүн режиссера – Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Дьокуускай куорат уонна Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина Афанасий Федоров. Кини “Үс Хатыҥ” архитектурнай-этнографическай комплекс ытык тутууларын, чуолаан 99 сэргэни, өрөмүөннүүргэ ураты болҕомтону ууруохха наада диэн сүбэлээтэ.   

“Ыһыах саха халандаарынан Дьөһөгөй Айыы сылыгар ананыаҕа. Алгыс уонна кымыһы иһии сиэригэр-туомугар улуустартан үлэлэригэр чорбойбут дьону, учууталлары уонна уһуйааччылары ыҥыран кытыннарыахха баара”, – диэн санаатын үллэһиннэ Афанасий Федоров.

Ыһыах спортивнай бырагырааматын Олохтоох дьаһалта физкултуураҕа уонна спорка управлениета бэлэмниир. Начаалынньык Эдуард Ефимов иһитиннэрбитинэн, муус устар 4-5 күннэригэр “Дыгын оонньууларын” бастакы сүүмэрдиир түһүмэҕэ “Өрөгөй” спорт киинигэр ыытыллыаҕа, онно 30 спортсмен кыттыаҕа. Иккис түһүмэҕэ муус устар 25-26 күннэригэр буолара былааннанар.

Тупсарыы, баһаары утары тэрээһиннэри, ыһыах ыытыллар сирин-уотун ыраастааһыны, киирэр суоллар өрөмүөннэрин куорат хомунаалынай сулууспалара дьаһайаллар. “Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа” муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Владимир Аммосов быйыл бөҕү быраҕар баахтары (60-тан 100-кэ диэри), туалеттары элбэтэр сорук турарын кэпсээтэ.

Тырааныспар уонна суол-иис хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Василий Амбросов бэрээдэги кэһии тахсыбатын хонтуруоллуур эбии видеонан кэтээн көрөр камералар туруоруллуохтара диэтэ. Ону сэргэ, ханан парковка, тырааныспар киирэр-тахсар сирэ баар буолуохтааҕа, оптуобустар сылдьар маршруттара быһаарыллыбытын эттэ. Суол, айан быраабылаларын кэспит тимир көлөлөр ыстараап стоянкатыгар тиэйиллэн илдьиллиэхтэрэ, онуоха 10 эвакуатор үлэлиэҕэ. Үс Хатыҥҥа диэри 155 уонна 156 №-дээх оптуобустар сылдьыахтара, билигин бырайыас сыаната быһаарыллар. Шаттл тохтобуллара былырыыҥҥынан хаалыахтара.

Василий Амбросов ыһыахтыыр сиргэ киирэргэ тырааныспар көҥүл ыларыгар сайаапка биэрии уонна тустаах докумуону оҥорторуу бэрээдэгин кэпсээтэ. Оннук былырыыҥҥы курдук 5 300 докумуон бэриллиэҕэ.

Мунньахха уопсастыбаннай бэрээдэги көрүү-истии, ас-үөл, атыы-кутуу, куораты киэргэтии, түһүлгэ, балаакка туруорарга миэстэ ылыыга сайаапкалары биэрии, “Үс Хатыҥ” комплекска эбийиэктэри тутуу уонна өрөмүөн боппуруостара көрүлүннүлэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...