«Туймаада талааннара» бэстибээл кыайыылаахтара билиннэ
Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын, Култуура управлениетын уонна куорат уокуруктарын уонна нэһилиэктэрин дьаһалталарын тэрийиилэринэн ыытыллыбыт «Туймаада талааннара» бэстибээлгэ 18-тан 65-гэр диэри саастаах нэһилиэнньэ кыттыыны ылбыта.
Үлэ, саас уонна эйэ бырааһынньыгын иннинэ бэстибээл кыайыылаахтарын быһаардылар. Ол курдук, күрэх Гран-при бириэмийэтин хаһаайынынан Строительнай уоукурук «Грация» үҥкүү ансаамбыла ааттанна. Ансаамбыл 86 №-дээх «Колокольчик» оҕо саадын иһинэн үлэлиир. Кыайыылаахтар сценаҕа кэтэр көстүүм тиктэрэр сертификатынан бэлиэтэннилэр.
1 истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын Губинскай уокурук 33 №-дээх Л.А. Колосова аатынан оскуолатын «Нюанс» ырыа кэлэктиибэ ылла, 2 истиэпэннээх лауреат - Маҕан бөһүөлэгиттэн «Ритм» Култуура дьиэтин иһинэн «Грация» ансаамбыл, 3 истиэпэннээх лауреат - Гагарин уокуругуттан Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай оскуола-интэринээт «Молодежнай» ансаамбыла.
Маны сэргэ дипломаннарынан Гагарин уокуругуттан 38 №-дээх оскуола учууталларын «Симэх» үҥкүү бөлөҕө, Октябрьскай уокурук Дьахталларын сэбиэтин «Кэрэ» ырыа ансаамбыла, Губинский уокурук 23 №-дээх «Цветик-семицветик» уһуйаанын «Ситим» үҥкүү ансаамбыла ааттаннылар.
Бэстибээл кыттыылаахтарын уонна кыайыылаахтарын куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова эҕэрдэлээтэ.