Туймаада хочотун ыһыаҕын биир бастыҥ күрэҕиттэн санаалар
Бу күҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэҕэ былыргы хотойдоох сону ким да тигэ илигэ, былыргы курдук таҥалайынан, саахыматынан аттаран тигиитэ суох көннөрү дьүһүйүүлэр (интерпретациялар) эрэ бааллара. Быйыл икки хотойдоох сон баар: бастакыта — хара, маҥан өҥнөөх ынах тириитин имитэн, иҥииринэн тигиллибит сон. Иистэнньэҥ Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүттэн Ольга Романовна Игнатьева ити курдук саха төрүт таҥаһын түһүмэҕэр бастакы миэстэни ылыан ылла. Киһи үөрэрэ диэн, бэйэтин ынаҕын маҥан, хара тириитин хас да сыл мунньубут. Онно ханыылаан өссө ынах тириититтэн саахымат ойуулаах, хара хадьааһыннаах улахан олбох уонна кып-кыра тирии лоскуйдарын аттаран лэпсэ тикпит. Онто барыта сонугар анаан тигиллибит.
Ол курдук быйылгы күрэххэ таба, тайах, ынах, сылгы, бөрө, буотака балык тириитэ (нерпа) уонна күндү түүлээх хото туттуллубут. Сүрүнэ диэн — тигиитэ, таҥастааһына барыта былыргылыы, илиинэн. Таҥас быһыытын, композициятын тутуһар буолбуттар. Бу түһүмэххэ иккис миэстэ эмиэ Хаҥалас улууһугар барда. Покровскай куоратыттан Каролина Петровна Парфенова тикпит тииҥ истээх бууктаах сонун хороох дьабака бэргэһэлээх, өттүк симэхтээх кэмпилиэк гына оҥорбут. Өттүк симэҕэ олус үчүгэй тигиилээх. Үһүс миэстэни Дьокуускайтан Надежда Гаврильевна Пахомова ылла. Бууктаах сонун кэмпилиэгэ толору, дьабакаттан уонна үтүлүктэн ураты хаттык таҥастар тигиллибиттэр. Надежда өттүгүн симэҕин дьэс алтан киэргэлин-симэҕин, чопчуларын көҥдөй хоботун, туруйа сотолорун, күн аахтарарын, искэхтэрин барытын бэйэтэ таптайан оҥорбут. Онон үһүс миэстэни эрэллээхтик ылла.
Хотугу норуоттар таҥастарыгар норуот маастардарын икки ардыгар күрэххэ бастакы миэстэни туох да мөккүөрэ суох Ирина Константиновна Пахомова үлэлэрэ ыллылар. Таба тириитин үрэн, ыыстаан оҥорбут, ииһин ньымаларын ырааһа сөхтөрдө. Ол аата синньэлээн тигии, эбээннии быысапка көрүҥнэрин олус сөпкө туһаммыт. Маастар эр киһи уонна дьахтар үгэс буолбут ииһинэн тигиллибит толору таҥастарын уонна буотака балык тириитин сарыыны кытта дүөрэлээн аныгы кэмҥэ кэтиллэр таҥастары көрдөрдө. Иккис миэстэни Эбээн Бытантай улууһуттан сылдьар иистэңньэҥ Елена Романовна Колесова бэйэтин норуотун үгэс буолбут ииһинэн тигиллибит таҥастарынан ылла. Кыра норуоттар иискэ үгэстэрин тутуһан тигиитэ дьүүллүүр сүбэ санаатын манньытта. Үһүс миэстэни эбэҥки эр киһитин таҥаһынан кыттыбыт Дьокуускайтан Маргарита Алексеевна Чалбанова ылла. Таҥас толору кэмпилиэгинэн тигиллибит. Эбэҥки норуотун иискэ ньымаларын толору туһаммыт. Таба төбөтүн уонна ыт тириитин аттаран тыстан тикпит курумута, таба сайыҥҥы тириититтэн тикпит соно уонна түһүлүгэ сииктэрэ ырааһынан сөхтөрдө.
Билиҥҥи кэмҥэ ыал таҥаһыгар ордук болҕомто ууруллар буолла. Ол иһин күрэх биир саамай интэриэһинэй көрүҥүнэн «Ыал таҥаһын күрэҕэ» буолла. Бу түһүмэх самодеятельнай маастардар ортолоругар ыытылынна. Манна бастакы бочуоттаах миэстэни туох да мөккүөрэ суох эмиэ Хаҥалас улууһун Покровскай куоратын иистэнньэҥэ Виктория Владимировна Ноговицына ылыан ылла. Буобура тириитэ харалаах, бэдэр тириитэ хадьааһыннаах дьабакы бэргэһэ, тииҥ истээх бууктаах сон, үрүҥ көмүс сабынан оһуордаах үтүлүк, өттүк симэхтээх уонна чомпой бэргэһэлээх, сутуруолаах, бэргэһэлээх, түү истээх, көмүс курдаах эбээ уонна эһээ таҥастарын кытта эдэр ыал ийэтин, кэргэнин, 5 оҕотун таҥаһа олус үчүгэйдик тигиллибиттэр. Иккис миэстэни Кэбээйиттэн Рита Кимовна Алексеева олус мааны саха сибэккилэринэн быысапкаламмыт халадаайдарынан, толору оһуордаах хаһыаччыктарынан, оһуордаах, ыыстаммыт этэрбэстэринэн, эр киһи толору таҥаһынан ылла. Дьүүллүүр сүбэ иистэнньэҥ тигэр ньымата ырааһын, сөпкө тутуһуллубутун, ону таһынан бэйэтин көрүүтүн сөптөөхтүк, аһара чаҕылыппакка, соҥнообокко киллэрбитин, матырыйаалы сөпкө туһаммытын чорботон бэлиэтээтэ. Үһүс бочуоттаах миэстэни Хатастан үс оҕолоох Матрена, Алексей Апросимовтар ыллылар. Ыал таҥаһа кинилэр ис киирбэх майгыларын, уобарастарын олус сөптөөхтүк бэлиэтээн көрдөрөр.
Аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох норуоттар үгэс таҥастарын күрэҕэ (самодеятельнай иистэнньэҥнэр) быйыл олох үрдүк таһымнаахтык ааста. Эбээннэр оҕуруо киэргэллээх таҥастарын кэллиэксийэтинэн киирбит 79 саастаах Христина Ильинична Садовникова бастакы миэстэ буолла. Бэйэтин ийэ ууһун иискэ үгэстэрин кытаанахтык тутуһа сылдьар эбит. Оҕуруота барыта былыргы ньыманан илиинэн тигиллибит. Оҕуруотугар өҥ-дьүһүн киириитэ олус бэккэ табыллыбыт. Иккис миэстэни — Анаабыр улууһун Сааскылааҕыттан сылдьар Афина Николаевна Дарианова, үһүс миэстэни 83 саастаах Елена Николаевна Тролукова ыллылар. Елена Николаевна төһө да сыраҕана күкүйэ сааһыгар сырыттар, сценаҕа бэккэ сэгэйэн тахсан үгэс тигиитин туһанан аныгылыы таҥаһы сөптөөхтүк тиктиэххэ сөбүн олус бэркэ көрдөрдө. Бу номинацияттан өссө биир иистэнньэҥ Кылаан бирииһи ылбыта улахан аата-суола суох иистэнньэҥнэр, төһө да олорор сирдэрэ ыраах буоллар, бэйэлэригэр бүгэн олорбокко, иис култууратын сөргүтэ, иистэнэ олороллорун туоһута буолла.
Норуот маастара ааттаах кыттааччылартан ыал мааны таҥаһын күрэҕэр икки үлэ киирбит. Ол курдук Мэҥэ Хаҥаластан Александра Петровна Кузьмина кэргэнинээн бэйэлэрин баян доҕуһуоллаах ырыаларынан киэргэтэн, кыргыттарын, күтүөттэрин, сиэннэрин толору таҥастаан киллэрдилэр. Эбээлээх эһээ төрүт үгэс таҥастарыгар кыалыктаах кур, бэргэһэ, 17-с үйэтээҕи олус үчүгэй быысапкалаах этэрбэс, дьахтар кура, чомпой бэргэһэтэ, кыалыктара, хаппардара ханнык баҕарар быыстапканы киэргэтэр экспонаттар буолбуттар. Иистэнньэҥ хас биирдии таҥаска олус сөптөөх хайысханы булбута көстөр.
Уус Алдантан Алдана Егорова икки номинацияҕа кытынна. Алдана Иннокентьевнаҕа 17-с үйэҕэ кэтиллэ сылдьыбыт, ол эрэн олус кэрэ таҥалай сонугар уонна дьахтар саһыл истээх, киис, кырынаас кытыылаах, ортотунан тардыылаах былыргы сонун кэмпилиэгэр дьүүллүүр сүбэ иккис миэстэни биэрдэ. Тигии ньымата үрдүк таһымнааҕа, тирии таҥаһы сөптөөхтүк туһаныы бэлиэтэннэ. Үһүс миэстэҕэ сөптөөх таһымнаах иистэнньэҥ суоҕунан бириис атын номинация кыттыылааҕар барда. Номинация бирииһин итинник атын түһүмэххэ көһөрөн биэрии практиката инники да күрэхтэргэ туттуллар этэ.
Күрэх бүтэһик түһүмэҕэ — үрдүк аата-суола суох иистэнньэҥнэр тикпит төрүт мааны таҥастарыгар. Манна бастакы миэстэни Хаҥалас Дьэр нэһилиэгин иистэнньэҥин былыргы үгэс ииһинэн тигиллибит таҥастара ылла. Мария Николаевна инники өттүгэр тигиллэ илик сиэгэн тириитэ хотой ымыылаах бөрө саҕынньаҕы, толору симэхтээх кытыылаах соннору, эр киһи толору таҥаһын тикпит. Иккис миэстэни илиинэн көмүс мөһүүрэ оһуордаах бууктаах сон кэмпилиэгин хаһаайката Дьокуускай куораттан Раиса Васильевна Степанова ылла. Оһуордаах бууктаах сон былыргы өттүгэр биирдэ эрэ көстөн турар, ол Америка Нью Йорк музейыгар экспонат быһыытынан турар. Оһуордаах бууктаах сону билиҥҥи маастардар үтүгүннэрэн даҕаны, бэйэлэрин көрүүлэрин да киллэрэн тигэр буоллулар эрээри, маннык үрдүк таһымнаах иис аҕыйах этэ. Бууктаах сон толору таҥаһынан көрдөрүлүннэ.
Бу түһүмэххэ үһүс миэстэни дьүүллүүр сүбэ, сүбэлэһэн баран, икки иистэнньэҥҥэ биэрдэ — Уус Алдантан кэлбит Иван Тордуяковка уонна Хаҥалас Дьэр нэһилиэгиттэн сылдьар Наталия Шепелеваҕа. Иван Александрович олус үчүгэй тұүлээх таҥастары бэйэтэ тигэрин хаартысканан бигэргэтэн, дьүүллүүр сүбэҕэ көрдөрдө. Күрэххэ аныгы кэм таҥаһынан кытынна, сиигэ олус ыраас, тигии ньыматын сөпкө туттар эбит. Оттон эдэр иистэнньэҥ Наталия Валерьевна эр киһи 17-с үйэтээҕи таҥаһыгар быысапкатын биэтилэлии ньыманан илиинэн 4 сыл устата тикпит уонна быйыл Маһары Бозеков таҥастарын бырайыагар кыттан бүтэрбит. Иистэнньэҥ иис ньыматын, түүлээҕи холбооһуну, сахалыы быысапканы баһылаабыта көстөр.
Онтон, дьэ, 200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх Кылаан бирииһи Анаабыр улууһун Сааскылааҕыттан аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар түһүмэхтэриттэн Софья Константиновна Захарова ылыан ылла. Дьүүллүүр сүбэ маннык үрдүк таһымнаах ааты былыргылыы ньыманан — дьахтар талаҕынан (ольха) кырааскалаан таба кыһыҥҥы, сайыҥҥы тириитинэн тигиллибит былыргы эбээн сарыы таҥаһыгар биэрдэ.
Итини таһынан араас күрэхтэргэ анал кыра бириистэр: «Сөргүтүү» түмсүү (сал. А.Ф. Харлампьева), Антонина Алексеевна Гермогенова (Хаҥалас), Ньургуйаана Михайловна Колосова (Aмма), Семен Алексеев (Нам), Петр Наумов дьиэ кэргэнэ (Дьокуускай), Анисия Васильевна Антонова уонна Клара Васильевна Брусенина (Дьокуускай), Туйаара, Николай Федоровтар.
Түмүктээн эттэххэ, быйылгы саха таҥаһын күрэҕэ тугу көрдөрдө?
1. Иистэнньэҥнэр сахалыы уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар таҥастарын үгэс буолбут ньыманан тигиигэ болҕомто уураллара көстөр.
2. Оҕуруо, алтан, үрүҥ көмүс киэргэтии элбээбитэ бэлиэтэннэ. Урукку курдук чаҕылыйа оонньуур стразылары, пайеткалары кытта аппликациялаах таҥастар суохтар.
3. Иистэнньэҥнэр болҕомтолорун ордук былыргы 17-18-с үйэтээҕи таҥастар ылар буолбуттар. Онно матырыйаалы сөпкө туһаныы элбэхтик көстөр, дьиэ сүөһүтүн, ойуур кыылын тириитин, кылааннаах түүлээҕи ордук туттар буолбуттара көстөр. Ону таһынан тымныыттан харыстыыр хаттык таҥаһы киллэрии дьүүллүүр сүбэни үөртэ.
4. Илиинэн тигии ньыматыгар болҕомто ууруллар буолбут. Ол эбэтэр таҥастар күрэх эрэ иннинэ тигиллибэтэхтэрэ, сылаалаах, өр кэмнээх үлэттэн тахсыбыттара көстөр. Тириини таҥастаан, төрүт ньыманан имитэн, кырааскалаан тикпиттэрэ харахха быраҕыллар.
5. Аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар иистэнньэҥнэрэ элбээбитэ төрүт иис култууратыгар болҕомто ууруллар буолбутун көрдөрөр.
6. Ыал таҥаһын күрэҕэр былыргы да үгэскэ олоҕуруу, аныгы да таҥаска болҕомто ууруу көстөр.
7. Ол эрэн сыыһа-халты син биир баар. Холобур, сорох үлэлэргэ атын омук тигиитин ньыматын туттуу, судургутутуу, ону кытта хаачыстыбаны тутуспат буолуу көстөр. Төрүт таҥаһы тигиигэ өҥ-дьүһүн дьүөрэлэһиитигэр болҕомто ылыллыбата сөхтөрөр. Ити тула элбэх кэпсэтии, маастар кылаас, лиэксийэ ыытыллар.
8. Төһө даҕаны ааттаах-суоллаах маастар уонна көннөрү ииһи умсугуйааччы тэҥҥэ кыттыбаттарын туһуттан үһүс сылын номинацияларынан араарыы баарын үрдүнэн норуот маастардарын кыттыыта сылтан сыл мөлтөөн иһэр. Ону сэргэ норуот маастардара кэлин саҥа үлэлэринэн кыттыбат буолбуттара бэлиэтэннэ.
Тэрийэр бөлөх кэлиҥҥи сылларга бириистэргэ улахан болҕомто уурар буолбута кэрэхсэнэр. Быйыл Хаҥалас улууһуттан ордук элбэх иистэнньэҥ кытынна уонна элбэх бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Ол аата улуус дьаһалтата уонна култууратын отдела ити боппуруоска болҕомто уураллара көстөр. Ол курдук, Хаҥалас улууһугар кэлиҥҥи сылларга саха таҥаһын сөргүтүүгэ үс улахан бырайыак үлэлээтэ: Покровскай куорат уонна Чкаловка нэһилиэгин иистэнньэҥнэрэ Ксенофонтовтар таҥастарын сөргүтүүлэрэ, Нөмүгү иистэнньэҥнэрэ М.М. Носов «17-с үйэтээҕи ыһыах» хартыынатын тыыннаахтыы дьүһүйүүлэрэ, Дьэр нэһилиэгин иистэнньэҥнэрэ Маһары Бозеков саҕанааҕы таҥастары тигэн ыһыахха таһаарыылара.
Онно дьаһалта төһө кыалларынан матырыйаалынан уонна үбүнэн өйүүрэ кэрэхсэнэр эрэ.
Онон самаан сайыммытын көрсө Туймаадабыт хочотун маанылаах ыһыаҕын биир бастыҥ күрэҕэ этэҥҥэ ыытылынна, эһиилги күрэххэ бэлэмнэнии саҕаланна!