ТУУС ТУҺАЛААҔЫН БИЛЭҔИН ДУО?
Тууһу ас астыырга эрэ туттубаттар. Туус биһигини тулалыыр эйгэттэн үчүгэйи-куһаҕаны, араас эниэргийэни барытын бэйэтигэр иҥэринэр сүдү күүстээх эбит. Ол иһин дьиэни-уоту, киһини ыраастыырга туһаналлар, тутталлар. Улуу эмчиттэр, удаҕаттар, ойууттар тууһунан сытыытык тутталлар. Биһиги өбүгэлэрбит тууһу хайдах тутталларын нуучча омугуттан биллэхтэрэ. Ол эрээри былыргы үгэстэр умунуллан да хааллылар быһыылаах. Сорохтор билигин да бааллар, күннээҕи олохпутугар элбэхтик туттабыт. Холобура манныктар:
- Тууһу атын киһиттэн иэс ылыллыбат, бэриллибэт. “Тууспут бүттэ, кыратык иэстиигит дуо?”- диэн ыалларгыт киирээччилэр дуо? Ол биэрдэххитинэ, бэйэҕит эниэргийэҕитин биэрэҕит, эбэтэр атын дьон гиэнин (туус үксүн куһаҕан эниэргийэни оборор) ылыаххытын сөп.
- Дьиэҕэ тууһу аһаҕас иһиккэ тутумаҥ. Этиллибитин курдук, куһаҕаны барытын оборон ылар. Оттон күүстээх этиһии, охсуһуу тахсыбыт буоллаҕына, дьиэҕэ баар тууһу быраҕар ордук.
- Туус иһитин илииттэн илиигэ бэриллибэт, остуолга ууруохтааххыт (дьадайыыга тиэрдэр).
- Бэнидиэнньиккэ, субуотаҕа тууһу атыыласпат ордук.
- Туус тоҕуннаҕына, этиһии-охсуһуу тахсыбатын туһугар, уунан суурайан кэбиһээччибит. Ону тэҥэ үрдүгэр саахар кутан баран, хомуйан кэбиһиллэр эбит.
- Тууһу мас, эбэтэр туос иһиттэргэ харайар ордук (өр кэмҥэ ыраас турар, “кир” сыстыбат).
- Туус иһитин бэлэх бэриллибэт да, ылыллыбат да. Дьиэни ыраастаабыт туускутун сыгынньах илиигитинэн тутумаҥ. Ким да ылбат, туппат сиригэр быраҕыахтааххыт.
Дьиэбитин ыраастаныах
Хобордооххо тууһу кутан баран, орто уокка сылытабыт. Булкуйан биэриэххэ сөп. Хараарар, сыттанар, дьүһүнэ бороохтуйар буоллаҕына, ол аата элбэх куһаҕан эниэргийэни иҥэриммит дьиэ. Хобордооҕу тутан баран, хостору кэрийэҕит, хайдах сатыыргытынан көрдөһүөххүтүн, үҥүөххүтүн сөп. Бу кэнниттэн тууһу унитазка кутан баран, хобордооҕу үчүгэйдик хлорунан сууйуллар.
Иккис ньыма. Мөлүүт сылдьар тууһу хаһыат лоскуйугар кутан, хос муннуктарын кэрийэ сылдьан уурталыыгыт. Хас да күн турар. Онтон тууһу таарыйбакка эрэ хомуйан ылан, унитазка ыытаҕыт, хаһыаты уматаҕыт. Тыа сиригэр олорор дьон бөҕү кытары уматыахтарын сөп.
Үһүс ньыма. Киэһэ чааскыга уу кутан баран, түгэҕин сабарын курдук бөдөҥ тууһу кутабыт. Кыра ньуосканан булкуйа-булкуйа: «Соль и вода, соль и вода, возьмите себе — весь негатив, все ссоры, все беды, все болезни…» диэн санааҕытын үлэһэҕит. Туохтан босхолонуоххутун баҕараргытын эбэн биэриэххтин сөп. Чааскыны түүн түннүк анныгар хонноро хааллараҕыт. Сарсыарда туран көрбүккүт, туус суураллыбатах буоллаҕына, дьиэҕэ элбэх куһаҕан эниэргийэ мунньуллубут эбит диэн өйдүүбүт. Ууну эмиэ унитазка тоҕобут, чааскыны эмиэ хлорунан үчүгэйдик сууйабыт. Бу чааскыгын уонна бөххө быраҕаргыт ордук. Өскөтүн бу иһиттэн ким эрэ истэҕинэ, кини улаханнык ыалдьыан сөп.
Куһаҕантан харыстаныы
Оҕобун куһаҕан харахтаах таба көрүө, кырыа дии саныыр буоллаххытына, оройугар кыратык тууста таммалат. Эмиэ бөдөҥ, ыраас туус буолара ордук. «Соль в глаза, веник в зубы» диэн ботугуруохха сөп. Эйигин сөбүлээбэт дьону кытары көрсө барар буоллаххына, эмиэ оннук гыныахха сөп. Кэлэн баран, суунан кэбиһэҕин.
Түүл туолбатын туһугар
Куһаҕан түүл туолуо диэн куттанар буоллаххына, тымныы ууну кыраантан сүүрдэн баран, хаҥас илиигэр бөдөҥ тууһу ылан, ууга тутаҕын. Сыыйа суураллан сүтэн эрдэҕинэ, түүлгүн санаан баран: «Как соль тает — так сон тает, соль-соль, выешь из сна злое, оставь доброе»,- диэн үс төгүл этэҕин. Бүттэ. Түүлүҥ туолбатын туһугар баҕарабын.
Малы-салы ыраастыырга
Бөдөҥ тууһу (1 лиитирэ ууга үс ост. ньуоска тууһу) ууга суурайан баран, малгытын онно угаҕыт. Күн көрөр сиригэр уураҕыт. Үс күн тыыппаккыт. Көмүс киэргэллэри эмиэ маннык ыраастыахха сөп.
Ыраастаныы Киэһэ утуйаары сылдьан туустаах ууга атаххытын уган, олоро түһүөххүтүн сөп. Оччоҕо күн устата мунньуллубут туох баар хомолтону, кутталы, куһаҕан санааны, тылы-өһү ыраастыыр. «Я прощаю себя и всех прощаю, за всё прощаю. Отпускаю тебя, страх, прощаюсь с тобой» диэн ботугуруохха сөп.