18.07.2019 | 12:16

ТУТАР ЭТЭРЭЭККЭ МИЭСТЭ БҮППҮТ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Устудьуон кэмҥэ саамай ахтар кэмим СТУДОТРЯД»,- диэччи элбэх. Аныгы устудьуоннар эмиэ, сири-дойдуну көрөөрү, эбии харчылаһан, сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараары, саҥа доҕоттордоноору, тапталларын көрсөөрү, сайын аайы тутар этэрээттэргэ киирэллэр.

2019 сыл сайыныгар тутар этэрээттэр үлэлэригэр-хамнастарыгар туох уларыйыы киирбитин билсээри, Арассыыйа устудьуоннарын тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи регионнааҕы штабын салайааччыта Айсен Соловьеву кытта кэпсэттибит.

2019 сылга устудьуоннар тутар этэрээттэрэ 60 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Онон сиэттэрэн кинигэ бэчээттэниитэ, өйдөбүнньүк туруоруута былааннанар.

Тутар этэрээт – олох оскуолата

Саха сиригэр устудьуоннар тутар этэрээттэрэ биир саамай маассабай уонна көхтөөх түмсүүнэн биллэр. Ол курдук, 2007 сылтан Бүтүн Арассыыйатааҕы Ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтигэр киирэн, регионнааҕы салаа быһыытынан таһаарыылаахтык үлэлиибит.  Сыллата биһиги кэккэбитин үс тыһыынчаттан тахса ыччат хаҥатар. Кинилэр сайыҥҥы сынньалаҥнарын өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ булбакка, Арассыыйа куораттарыгар тиийэ атаараллар.

Дьокуускай куорат

Быйыл сайын устудьуоннар Дьокуускай куораты тупсарыыга үлэлээбэтилэр, ол – куорат бүддьүөтүгэр харчы көрүллүбэтэҕиттэн. Онон үлэлиэн баҕалаах устудьуоннары быһалыы тутуу тэрилтэлэрин кытта кэпсэтэн, сорохтор номнуо “Олимп” тутар тэрилтэҕэ үлэлээн эрэллэр. Манна кинилэр бөҕү-сыыһы хомуйаллар, исписэлиистэргэ илии-атах буолаллар. Салгыы баҕалаахтары плитка ууруута, кырааска курдук дьоҕус үлэлэргэ кэпсэтиэхпит.

Туймаада ыһыаҕа

Бастакы маассабай үлэбит Туймаада ыһыаҕар ыытыллыбыта. 100-тэн тахса устудьуон күннэри-түүннэри бөх-сыыс хомуйуутугар, бэрээдэги хонтуруоллааһыҥҥа үлэлээн, махтал тыллары истибиппит.

Ил Дархан этэрээтэ

404 байыас Ил Дархан этэрээтин чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр үлэлии сылдьаллар – күрүө тутуутугар, от-мас үлэтигэр, хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ о.д.а.

Педагогическай этэрээт

Педэтэрээттэр оҕо сайыҥҥы лааҕырдарыгар баһаатайынан үлэлии сылдьаллар. Оҕону иитиигэ, кини киһи быһыытынан сайдарыгар, улахан олоххо үктэнэригэр, үөлээннээхтэрин кытта алтыһарыгар баһаатай сабыдыала улахан.

Челябинскай уобалас

“Мирный Атом” объект Челябинскай уобалас Озерск куоратыгар үлэлээбитэ хас да сыл буолла. Быйыл Саха сириттэн уонча киһилээх тутар этэрээт «РОСАТОМ» корпорацияны кытта кэпсэтэн, Атомнай электростанция объектарын тутууга үлэлиэҕэ. Бүгүҥҥү туругунан оҕолорбут “Мирный Атом” объекка тиийэн олороллор. Арассыыйа 31 регионуттан манна уопсайа 1300 кэриҥэ устудьуон кэлиэхтээх.

Камчатка

«Путина» тутар этэрээт быйыл сэттис төгүлүн Камчаткаҕа «Лойд-Фиш» хампаанньаҕа балыкка үлэлии бараары сылдьар. Баҕалаах ыччаттары сүүмэрдээн бүттүбүт, уопсайа 160 устудьуон аймах барара күүтүллэр. Камчаткаҕа тиийэн, оҕолорбут муора балыгын (чавыча, нерка, кета, горбуша, кижуч) ыраастааһыныгар, атыыга бэлэмнээһиҥҥэ үлэлиэхтэрэ. Байыастар уопсай дьиэҕэ олороллор, күҥҥэ түөртэ аһыыллар. Маҥнайгы потуок от ыйын 10 күнүттэн атырдьах ыйын 8 күнүгэр диэри үлэлиир, иккис потуок от ыйын 17 күнүттэн атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри салгыы хаалыаҕа.

Красноярскай кыраай

Быйыл бастакы регионнар икки ардыларынааҕы сервиснай этэрээттэр үлэлиэхтэрэ. Ол курдук, «Бухта” уонна “Боотур” диэн ааттаммыт икки этэрээт Сочи куорат гостиницаларыгар горничнай быһыытынан үлэлээн эрэллэр.

ХИФУ штаба

Абитура бириэмэтигэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарын экологическэй, тупсарыы уонна көмпүүтэрнэй үөрэҕирии этэрээттэрэ үлэлии сылдьаллар. Сорохтор Намҥа Олоҥхо ыһыаҕа, Аммаҕа спартакиадаҕа үлэлээн киирдилэр. “Туймаада”  этэрээт Эбээн-Бытантай улууһугар уу хачайдыыр систиэмэни олоххо киллэриигэ үлэлээтэ. “Горняк” тутар этэрээт вахта ньыматынан промышленнай хампаанньаларга үлэлии сылдьар. Бу оҕолор сайыны быһа үлэлииллэр.

Төһө харчы өлөрөллөр?

Былырыын тутар этэрээттэргэ үлэлээбит устудьуоннар ортотунан ыйга 31 тыһ. солк. аахсыбыттара.  Хамнас кээмэйэ устудьуонтан бэйэтиттэн – кини  баҕатыттан уонна кыаҕыттан – итиэннэ үлэ ис хоһоонуттан, болдьоҕуттан эмиэ тутулуктаах. Холобура, сорох үлэлэр ый буолаллар, сорохтор сайын устата ыытыллаллар.

Быйылгы сылга биһиэхэ 7000 үлэ миэстэтин көрбүттэрэ. Билиҥҥи туругунан барыта туолан турар.

Түмүк

Устудьуоннар этэрээттэрэ Саха сиригэр саамай актыыбынай, барытыгар ситиһиилээх, халыҥ тэрилтэ буолар. Быйыл тэриллибитэ 60 сыла буолар эбит. Бу сыллар тухары сүүһүнэн тыһыынча ыччат байыас аатын чиэстээхтик сүгэн, устудьуоннуур сылларын умнуллубатык атаарда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...