30.03.2024 | 12:00

Тустууга уларыйыылары күүтэллэр

Тустууга уларыйыылары күүтэллэр
Ааптар: Вера Канаева, Таатта
Бөлөххө киир

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта – ССРС көҥүл тустууга аан дойду кылаастаах бүтэһик спорт маастара, Улуу Коркин сүмэлээх сүбэтин истибит, Таилиҥҥа тиийэ тренердээбит Михаил Протопопов. Михаил  Егорович «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларын кытта уһуйуллубут тренердэрин, көбүөргэ умнуллубат киирсиилэрин туһунан, тустууну сайыннарыыга тус көрүүлэрин үллэстэр.

– Михаил Егорович, үтүө күнүнэн! ССРС саҕана тыа сирин оҕото тустуунан үлүһүйэн улаатара. Эн ол көлүөнэ ыччата буоларгынан, кэпсэтиибит тустуу тула барыаҕа. Хас сааскыттан дьарыктанан саҕалаабыккыный уонна бастакы умнуллубат хапсыһыыҥ кимниин этэй?

– Тустуунан 13-14 сааспыттан, сэттис кылаастан, дьарыктанан барбытым. Бастакы тренерим Юрий Николаевич Комиссаров этэ. Спортсмеҥҥа бастакы кыайыы умнуллубат, оройуон чемпионатыгар Үчүгээйэп диэн Кириэс Халдьаайыттан сылдьар уолу финалга кыайбытым. Уолум сааһынан үс сыл аҕа, уҥуоҕунан кыра эрээри, күүстээх утарылаһааччы этэ. Улаханнык сыралаһан кыайбыппын өйдүүбүн.

– Тустуу улаатан эрэр уолаттарга тугу биэрэрин бэлиэтиигин?

– Тустуу эт-хаан өттүнэн сайдарга улахан кыаҕы, күүһү-күдэҕи биэрэр. Бэйэҕэ эрэллээх буоларга, туруоруммут сыалы ситиһэргэ көмөлөһөр, бэрээдэккэ үөрэтэр. Халбаҥнаабат биир санаалаах суолу тутуһарга сүрүн акылааты олохтуур.

– Киирсиилэр араас түгэни бэлэхтээтэхтэрэ, элбэх көбүөргэ кыайыы өрөгөйүн да биллэҕиҥ, хотторуу хомолтото да тумнубатах буолуохтаах.  Бу көстүү барыта дьарыктан тутулуктанара саарбаҕа суох. Тустуу маастара буолуугар ким өҥөлөөҕүй?

– Кырдьык, бу барыта баара. Сыралаах уһун дьарыктар кыайыыга тиэрдэллэрэ чуолкай. Ону таһынан тренер маастарыстыбата, тус ньымата элбэҕи эбэр. Улахан тустууга тахсарбар Дмитрий Коркин бэйэтинэн ыҥыттаран ылан, Мархаҕа байыаннай чааска сыһыаран дьарыктаабыта. Кини билиитинэн-көрүүтүнэн улахан көбүөргэ үктэммитим. Оччолорго Дмитрий Петрович ыалдьа сылдьара. Михаил Корякинныын маастар нуорматын толорбуппутугар анаан ыҥыран ылан, элбэҕи кэпсээбитэ, сүбэлээбитэ. Ол кэпсэтиигэ Хабаровскай университетын кытта кэтэхтэн үөрэниини кэпсэппитин эппитэ. Ити 1982 с. этэ. Оруобуна бэйэбит университеппытыгар  физкультурнай отделение аһыллан, атын оҕолору батыһан, онно киирэн хаалбыппыт. Дмитрий Петрович маннааҕы университекка анал тустуу чаастара суох диэн быһаарбыта, мөхпүтэ. Оннук да буолбута, улам үөрэххэ ыктаран, дьарыкпыт аҕыйаан испитэ. Дмитрий Петрович суох буолбутугар Александр Иванов, “эн тустуоххун, сборнайга киириэххин сөп” диэн, дьарыкка ыҥырбыта. Улахан тустууга сүҥкэн оруолу тренер быһаарар. Тренер эйигин бэйэтин өйүнэн-санаатынан, тустуутунан баһыйар эрэ буоллаҕына, эн киниэхэ итэҕэйэҕин, онтон тирэх ылаҕын. Оттон биир да приему быһаарбат, көрдөрбөт тренертэн эбиллибэккин. Уонна, оттон, Роман Михайлович, Павел Павлович кэлэннэр приемнары көрдөрөллөрө. Хаама сылдьар олимпиецтартан үөрэнии тустуукка дьол буоллаҕа. Дмитрий Петрович сүбэтин хойутаан өйдөөн, 24 сааспар күүстээх дьарыгы дьэ саҕалаабытым. Тустуук төһөнөн эрдэ чоччуллан тахсар да, соччонон ситиһиилэнэр. Кэми баттаһа улуу тренер Дмитрий Коркиҥҥа, Олимп  чыпчаалыгар тахсыбыт Александр Ивановка дьарыктаныым  олоҕум биир кэрэ өйдөбүлэ.

– Холобур оҥостубут бөҕөһүҥ кимий? Уонна ханнык утарсааччыгын умнубаккыный?

– Айылҕаттан тренер буолар ыйаахтаах орто дойдуга ананан кэлбит Дмитрий Коркин, олимпиецтар Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов олоҕум тухары холобур буолаллар. Кинилэр суолларынан саха биллэр тустууктара кыайыыны ситиспиттэрэ, ситиһэллэр даҕаны. Олохпор  олох умнуллубат өйдөбүлүнэн аан дойдуга аатырбыт икки төгүллээх олимпийскай чемпион Джон Смиттыын Аан дойду Кубогар тустуум буолар. Туста сылдьан илиибин өлөрөн туораан турабын. Джон Смит Сэбиэскэй Сойуус аатырбыт тустууктарын барыларын кыайбыта. Ол кэнниттэн 1990 с. сойууска бэһис буолбутум. Аан дойду кылаастаах маастары ылан баран, улахан спортан  тохтообутум. Саха сириттэн ССРС аан дойдутааҕы кылаастаах бүтэһик бөҕөһө буолабын. Бэйэтэ эмиэ история.

– Тас дойдуга сырыыҥ...

– Тас дойдуга бастакы улахан ситиһиим Монголияттан саҕаламмыта. Ити турнирга иккис буолбутум. Элбэх баллбын аахпатахтара, бэл, Арассыыйа старшай тренера Илья Токмаков бэйэтинэн “эн кыайдыҥ” диэн этэн турар. Венгрияҕа “А” категориялаах норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга биир да киһиэхэ балл биэрбэккэ, барыларын ыраастык кыайбытым. Фила Бэрэсидьиэнэ Милан Ерцоган бэйэтинэн "Лучший борец турнира" диэн кубок туттарбыта. Бу Америкаҕа Аан дойду Кубогар барыам иннинэ этэ.

Университекка 2012 с. үлэлии сылдьан ХИФУ “обмен преподавателями” диэн бырагырааматынан Таилаҥҥа дуогабарынан тустуу тренеринэн үлэлээбитим. Таилаҥҥа “пляжная борьба” диэнинэн көҥүл тустууга дьарыктаналлар эбит. Ол эрээри  олимпиадаҕа эҥин кыттыбаттар. Федерацияны баай киһи үбүлээн олорор, онон бэйэлэрин истэригэр эрэ тусталлар. Миигин спортивнай оскуолаларынан кэриттэрэ сылдьан тустуу тиэхиньикэтин, стойкаҕа, партерга хайдах үлэлиири көрдөрбүттэрэ. Тустууга таһымнара мөлтөх эрээри, күүстээх тустууктардаахтар эбит этэ. Сылаас дойду буолан, наар таһырдьа дьарыктаналлар, хардыы аайы бассейн. Үчүгэй тренердэрдээхтэрэ буоллар, тустуу сайдыан сөп дойдута.

– Биир эмит ураты түгэни ахтан аас эрэ...

– Биир сүүмэрдээһин кэмигэр маннык буолан турар. Тренерим Александр Иванов дьарык кэмигэр икки төгүллээх олимпийскай чемпион Сергей Белоглазовка “бу уолу кытта партерга үлэлээ, эргит” диэн, миигин партерга туруорда. Сергей Алексеевич үөрүүнэн сөбүлэнэн, партерга үлэлээбитэ. Биир да баллы биэрбэтэҕим. Онтон кини турбутугар мин киниэхэ үлэлээммин, хас да балл ылбытым. Ыйааһыннаан көрбүттэрэ да, оруобуна 65 киилэни көрдөрбүтүм. “Ыйааһына үчүгэй, эппит” диэт, санныга таптайбыта. Ол иннинээҕи сылларга миигин халаачык курдук эргитэрэ. Тренерим күүстээх чемпионнарга итинник уган биэрэн, маастарыстыбабын үрдэтэрэ.

– Саха тустуутун бүгүҥҥү туругун хайдаҕын сыаналыыгын?

– Бэйэм санаабын этэн көрүүм. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыттан Арассыыйа чемпионатыгар биир да тустуук уон иһигэр киирбэтэ. Онон тустуубут олох күүскэ сайдан турар диир кыахпыт суох. Миниистирбит Леонид Спиридонов бэйэтэ үрдүк кылаастаах тустуук, онон тренердэр киниэхэ эрэлбит улахан. Мин санаабар, тустууга улахан уларыйыылар киириэхтэрин наада. Уонна олимпиецтарбыт Павел Пинигин, Александр Иванов, Аан дойду призера Василий Гоголев тыыннаахтарын тухары сүбэ-ама, көмө буола туруохтара буоллаҕа. Сүүмэрдэммит хамаанда бөҕөстөрө кинилэр тиэхиньикэлэрин хото туһаннахтарына эрэ, тустуубут сайдыа, киирсиилэр сытыырхайыа этилэр. Билигин быраабыла олох тупсан турар. Партерга биир балаһыанньаттан элбэх баллы ылыахха сөп, урут итинник суоҕа. Биир кириэс приему оҥордоххо тохтотоллоро, атын приемҥа барыахха наада буолара. Ол ыарахаттардааҕа. Ол иһин ситимниир прием айан оҥорор буоларбыт. Билигин, үчүгэйдик үлэлээтэххэ, кыайыыны ылар судургу. Ону тустуубут федерацията үчүгэйдик үлэлээбэккэ турар. Федерациябыт  Дагестан, Осетия, Бурятия өрөспүүбүлүкэлэрин курдук күүскэ үлэлиэхтээх. Эргийэ сылдьан үлэлээтэххэ эрэ хамсаныы, үлэ тахсыаҕа, кыайыы кэлиэҕэ.

– Дьиэ кэргэн аҕата уол оҕотугар хайдах холобур буолуохтааҕый?

– Орто дойдуга кэлбит бэлиэм уоллаах кыыс оҕолордоохпун.  Ийэбит  Елена Иннокентьевна учаастактааҕы балыыһаҕа оҕо бырааһа. Уолбут Ефим  Ангарскайга аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар, бу кыһын барбыта. Кыыспыт устудьуон. Оҕоҕо төрөппүт холобур буолара чахчы, уол оҕоҕо – аҕата, кыыска – ийэтэ. Эн хайдах үлэлиигин, бэйэҕин хайдах көрдөрөҕүн даҕаны, оҕоҥ ону үтүктэр. Биһиги оҕолорбутун оннук иитэбит. Чөл олоҕу тутуһуу, эт-хаан өттүнэн кыахтаах буолуу – иитии сүрүн ирдэбилэ. Бэйэм иллэҥ кэммэр бултуурбун сөбүлүүбүн, кэлин илим таҥыынан, оҥоруунан дьарыктанабын. Уолбар тирэх буолабын диэн бигэ эрэнэбин.

– Михаил Егорович, улуу тренердэриҥ үөрэхтэрин саҥа көлүөнэ ыччакка тарҕатар сыралаах үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...