ТУПСАРЫЫ ҮС СЫЛА БИЛЛЭРИЛЛЭР!
Кэлэр 2021 сыл туох сыла буолара билиҥҥитэ биллибэт. Ол эрэн Дьокуускай куоракка Тупсарыы үс сыла биллэриллэр. Эһиилгиттэн киин куоракка Тупсарыы сыллара саҕаланалларын туһунан куорат баһылыгын бастакы солбуйааччыта Евгений ГРИГОРЬЕВ пресс-конференция кэмигэр кэпсээтэ.
Тупсарыы сылын үбүлээһинэ көмүскэннэ
Бэлиэтээн эттэххэ, баһылык бастакы солбуйааччытын пресс-конференцията Дьокуускай куорат бүддьүөтүн Куорат дууматыгар иккис ааҕыыта буола илигинэ ыытылынна. Бүддьүөтү бастакы ааҕыыга Тупсарыы үс сылыгар суоттаммыт үбүлээһин дьокутааттарынан биир хос тыла суох бигэргэммитэ.
Дьаһалтаҕа кэпсээбиттэринэн, бу үс сыл сүрүн хайысхатынан буолуохтара: экология, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, рекреация уонна куттал суох буолуута. Манна, тиэргэннэртэн уонна сквердэртэн саҕалаан, көҕөрдүү, уулуссалары сырдатыы уонна бэйдиэ сылдьар кыыллары дьаһайыы кытта киириэҕэ.
Сыаната төһө буолуой?
Бастакы сылга – 2021 сылга тупсарыы үлэлэригэр уопсайа 184 мөл. солк. аныахтара; 2020 сылга – 220,7 мөл. солк., 2023 с. - 193,8 мөл. (1-кы табылыыссаны көр).
Инньэ гынан, уопсай суумата – 600 мөл. солк. үс сыл устата туттуллуохтаах. 2021 сылга 140 мөл. солк. кэриҥэ сууманы дьаһалта тиэргэннэри тупсарыыга тыырыаҕа. Манна бырайыактааһыҥҥа Кылаабынай архитектурнай-былаанныыр управление (ГлавАПУ) үлэлиэҕэ. Онно эмиэ үбүлээһин былааннаммыт. Евгений Григорьев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, ГлавАПУ бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары бэлэмнээһини, ол иһигэр тиэргэннэри тупсарыы барыта биир истиилинэн, биир ньыманан барарын хааччыйыаҕа.
Маны таһынан харчы кытаанах бөҕү-сыыһы мунньар сирдэри тупсарыыга туһаайыллыаҕа; доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах куорат эйгэтин олохтооһуҥҥа эмиэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Территориятааҕы бэйэни салайыныы уорганнарыгар, ТОСтарга, саҥа бырагыраамаҕа тирэҕирэн 3 мөл. солк. тыырыахтара. “Сырдык киин куорат” бырайыак салгыы үлэлиэҕэ.
“Уопсай ылан эттэххэ, бу национальнай бырайыактары уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамалары таһынан тэрээһиннэр уонна эбии көрүллэр үп буолар”, - диэн Евгений ГРИГОРЬЕВ чорботон бэлиэтээтэ.
Өссө биир инники күөҥҥэ туруоруллар сорук – ардах уутун аһардар канализацияны тэрийии, ууну аһардар схеманы оҥоруу. Дьаһалтаҕа эппиттэринэн, маныаха туһуламмыт үбүлээһин 2022 уонна 2023 сылларга былааннаммыт.
Евгений Григорьев этэринэн, тупсарыы үлэтэ Дьокуускайга номнуо бара турар: “Тупсарыыга “Куттала уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” бырайыак, тиэргэннэри сөргүтэр үлэлэр ситимин быспакка ыытыллаллар. Бу үлэни барытын биир концепцияҕа түмэн, 2023 сылга үрдүк хаачыстыбалаах суоллары, тупсаҕай көстүүлээх, олохтоохторго табыгастаах тиэргэннэри, саҥа уопсастыбаннай эйгэлэри тэрийиэхтээхпит; манна пааркалар уонна сквердэр, тупсарыы диэн өйдөбүлгэ тугу киллэрэрбит барыта баар буолуохтаах”.
"Формирование современной городской среды" муниципальнай бырагыраамаҕа ыйылларынан, тупсарыыга билигин 97 тиэргэн наадыйар. Бу бырагыраамаҕа киирбит сайаапкалартан куонкуруһунан сүүмэрдээн ылбыттара.
2021-2023 салларга 40-тан кырата суох тиэргэни тупсарар былаан баар. Манна олохтоохтор эмиэ үбүнэн кыттыһаллара эрэйиллэр. Тиэргэн ахсаана бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары оҥоруу түмүгэр биллиэҕэ. (Хаартысканы көр)
Сквердэри уонна набережнайдары предпринимателлэргэ биэриэхтэрэ
“Сезон саҕаланыыта уопсастыбаннай эйгэлэргэ үлэлиэн баҕалаах предпринимателлэрдээх буолуохпут. Кинилэр турар сирдэрин бэйэлэрэ көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ. Уопсастыбаннай тэриллиилэр кытта улахан интэриэстээхтэрин биллэрдилэр. Баҕа санааларын куорат уопсастыбаннай сэбиэтин мунньаҕар эппиттэрэ”, – диэтэ Евгений Григорьев.
Билиҥҥитэ Дьокуускайга 10 сиргэ саҥа уопсастыбаннай эйгэ тэрилиннэ: "Белое озеро", "Дьокуускайга киирэр аан", "Кыайыы паарката", "Р.Дмитриев набережнайа", " 202/203 мкрн. набережнайа", "Землеустроителлэр сквердэрэ", "Үлэһиттэр сквердэрэ", "Учуутал бульвара", "Ыччат скверэ" "Зона отдыха набережная оз.Теплое Охр.зоны №2". Евгений Григорьев эппитинэн, бу эйгэлэр бары Биир кэлим салайар кииҥҥэ бэриллиэхтэрэ.
Биир кэлим салайар киин Дьокуускай куораттааҕы сынньалаҥ уонна култуура пааркатын базатыгар тэриллиэҕэ. Уопсастыбаннай эйгэ тэриллибит сиригэр предпринимателлэр куонкурус нөҥүө ааһыахтара.
«Дьокуускайы соһуччу уларытар»
Бу үөһээ ааттаммыттан барытыттан, саамай элбэх сыраны эрэйэр эйгэнэн тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ буолар. “Биһиги куораппытын дьон олороругар табыгастаах гына уларытыахтаахпыт. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” бырайыак көмөтүнэн 2024 сылга тупсаҕай суолларынан айанныахпыт. Ол иһин куораты тупсарыы үлэлэрэ эмиэ былааннаныллар. Икки араас-араас эрээри, биир тэҥ сыаллаах хамсааһыннары силбэһиннэрэн, 2024 сылга Дьокуускайы соһуччу уларытар санаалаахпыт.
Суруналыыстар сытыы ыйытыыларга хоруйдары ылан тарҕастылар.