Тупсарыллыбыт тиэргэннэри бэрэбиэркэлээһин салҕанар
«Уһук Илиҥҥэ - 1000 тиэргэни» федеральнай бырайыагынан тупсарыы үлэтэ былырыын Киин уокурукка Короленко уул., 21, 21/1, 19/1 уонна Промышленнай уокурукка Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 23 дьиэлэр тиэргэннэригэр ыытыллыбыта.
Чуолаан Короленко, 21, 21/1, 19/1 дьиэлэр тиэргэннэригэр «Основа» ХЭТ бэдэрээттээх тэрилтэ күүһүнэн аспаал, дьоҕус архитектурнай пуормалар, оонньуур уонна спордунан дьарыктанар балаһааккалар оҥоһуллубуттар. «Главстрой» МХТ салайааччыта Алексей Варламов бэлиэтээбитинэн, манна Горькай уулуссатыттан киирииттэн саҕалаан 5,5 тыһ. кв миэтэрэ иэннээх сиргэ аспаал тэлгэммит итиэннэ уу сүүрэр ханаабалара иҥнэри оҥоһулланнар, билигин манна уу тохтообот буолбут.
Куорат баһылыга тиэргэннэри тупсарыы бырагырааматын иитинэн тутуллубут эбийиэктэр хаачыстыбаларын бэрэбиэркэлиир уочараттаах эриэйдэтигэр Короленко уулуссатын олохтоохторо тиэргэҥҥэ лаампа аҕыйаҕын бэлиэтээннэр, «Горсвет» МУП манна икки лаампаны эбэргэ сорудахтанна.
Оттон Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 23 тиэргэнигэр былырыын 1 383 кв. м иэннээх аспаал ууруллубут. «Основа» ХЭТ тротуар билиитэлэрин көннөрөн уурарга сорудахтанна.