Туолбут ый
Бу курдук арааһы эргитэ санаан, Тууна кыыһынаан куораты эбиэт саҕана булбуттара. Байбааһа ыйбыт аадырыстарыгар тиийээттэрин кытта, суоппар сып-сап массыынатыттан кинилэри түһэртии охсубута. Урут бу дьиэҕэ Байбааһынаан саҥа холбоһон баран, аҕыйах хонукка хонон-өрөөн аапсыттаахтара ээ. Байбаас тастыҥ, олоҕун тухары сулумах эдьиийэ Биэрэ күлэн-үөрэн оччолорго бэрт сэргэх киһи этэ. Билигин дьэ бу хараҥа дьыаланы оҥороору сылдьар кийиитин хайдах эрэ көрсөр. Маннык ытырыктата саныы-саныы, Тууна кыыһын уонна кыра суумкатын көтөхпүтүнэн иккис этээскэ таҕыста. Аҕыс сыыппаралаах квартираҕа чуо-бааччы тиийэн, сэрэнэн аан звоногун баттаата.
Арай ааннара сып-сап арылла биэрдэ да, кур бэйэтэ кубулуйбатах, эдьиийдэрэ Биэрэ, кинилэри манаан турар курдук:
-Уой даа, кимнээх кэллилэр буу? Кырасаабысса Машенька уонна килбик кийиитим Тууна. Киириҥ-киириҥ, атаххытын манна устуҥ. Кыыскын миэхэ биэр, суумкаҕын манна аҕал, -диэн икки илиитин нэлэппитинэн, элбэҕи кутан-симэн, уруккутун курдук, үөрэ-көтө көрсөн барбыта.
Дьонноро сыгынньахтанан, суунан-тараанан, саалаҕа киирэн кыратык уоскуйа түспүттэрин кэннэ, Биэрэ аймахтарын чэйдэтэ ыҥырбыта.
-Чэ, манан киирэн олоруҥ, Машенька уһун айантан сылайда буолуо. Уу чукучук, улааппыт аҕай. Хаһа буолла? Ким курдугуй кинии, -диэн эдьиийдэрэ быыкаа кыыһы таптаан ымманыйа-ымманыйа, Туунаҕа чэй кута турда.
-Үһүгэр чугаһаата,-Тууна хайдах эрэ мулук-халык туттан, кыыһын баттаҕын көннөрбүтэ буолла.
-Чэ, Тууна, эн олох кыбыстыма. Бэйэ дьоно буоллахпыт. Хайдах-туох олордугут? Дэлби сылайбыт көрүҥнээххин дии. Сэрэн эрэ, кыыскын итии чэйгэ,-дии-дии чааскытын остуолга уураат, уун-утары олорунан кэбистэ.
-Этэҥҥэбит. Байбаас аҕатын кытта маска сылдьар, -диэтин кытта, Тууна кулгааҕа итийбитинэн барда.
-Чэ бэрт, үлэлээтин. Этэҥҥэ эрэ сырыттын. Испэт-аһаабат дуо? Бу диэн аһаҕастык эттэххэ, дьэ биһиги аймах кытаанах, тоҥуй, олох олоруох диэтэххэ ыарыахан дьоммут. Арай мин киһи бэрдэ, ийэм дьонун батаммын арыый элэккэйбин, киһиргэспин да диэххэ сөп, уопсайынан, атыммын, олох атын киһибин. Онон эн кинилэри атыҥырыы көрөр буоллаххына, мин онно сүүс бырыһыан өйдүүбүн. Кыбыстыма-кыбыстыма, аһаан ис. Кыыскар бу кэтилиэттэн сиэт. Наһаа сымнаҕас, минньигэс, сөбүлүөҕэ, - Биэрэ биир кэм мичээрдии-мичээрдии, Тууналаах Маасыҥканы сыҥаах баттанан, өрө мыҥаан олордо.
Онтон төлөпүөнэ талыгыраабытыгар “уой, киммит эмиэ бу эбиэт саҕана эрийдэ?” диэт, ньуоскатын туппутунан, саала диэки татыгырайа турда.
Арай Тууна иһиттэҕинэ “туох айылаах, сөп чэ, бэйэбит билэбит, сарсын-сарсын. Суох, ыҥырбаппын, утуйа сыталлар” диэн улаханнык туохтан эрэ тымтар саҥата иһилиннэ. Ол кэннэ эдьиийдэрэ хайдах эрэ сирэйэ таастыйан, саҥата суох кэлэн, дьонун утары эмиэ олорунан кэбистэ.
-Иһит эрэ, ити Байбаастыын оҕо түһэттэрэ сатыыргытын мин олох өйдөөбөппүн. Тоҕо кэлэ сатыыр киһини төттөрү үтэйээри гынаҕыт? Ити эмиэ киһиҥ эрийэр. Сэрэйдэххэ, арааһа, кини дьаһалынан кэлбиккин дуу, хайдах?-диэн өтөрү-батары көрөн олорон, туруору ыйытан соһутта.
-Суох... иккиэн сүбэлэһэн быһаарыммыппыт. Билигин сатаан икки оҕону иитэр кыахпыт суох. Ол иһин, - Тууна сымыйалаабытыттан кыбыстан, икки имэ кэйэн барда.
-Хайдах эрэ сирэйгиттэн-хараххыттан көрдөххө, наһаа көҥүл өттүгүнэн кэлбэтэх курдуккун. Тугу эрэ кистиигин. Быраатым майгытын билэбин бөҕө буоллаҕа. Арба, тойонуҥ соҕотоҕун мастыы бардым, аспын бэлэмнээбэтэх диэн тымтар. Эйигин ыҥырбытын утуйа сыталлар диэтим. Ол-бу буолбатын, соҕотох айаҕар бэйэтэ да бэлэмнэннин. Айан дьоно сылайдаххыт даҕаны. Оо, Машенька баай-баай буолаары гыммыт. Утуктаабыт ээ кини. Көр, кыыһыҥ аччыктаабыт аҕай. Эдьиий биир кэтилиэтин барытын сиэн кэбистэ дии. Минньигэс бөҕө дуу? Ии, оҕобун, бэйэҕин кэтилиэт курдук ньам гыммыт киһи баар ини. Кэл эрэ, эдьиийгэ көтөхтөр, -диэт икки илиитин сараппытынан Биэрэ Маасыҥкаҕа чугаһаан кэллэ.
Маасыҥка хараҕа сириҥнии олорон эмискэ соһуйан, ходьох гына түстэ уонна хайдах эрэ дьиктитик килэччи көрөн баран, төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ ийэтигэр ыга сыһынна.
-Ньиэ, ийэлээҕэ хаарыаны. Атыҥырас эбит ээ, кини. Туох абааһы эмээхсинэ арбаллан кэллэ диэтэҕэ дии, оҕом сыыһа. Оннук буолумна, сөп ээ. Чэ, бээ, оҕону куттаамыахха. Кэлиҥ эрэ, бу хоско. Орон бэлэмнээбитим. Хоонньоһон да утуйар инигит, -дии-дии эдьиийдэрэ дьонун батыһыннаран кыра хоско киллэрдэ.
Тууна хоско киирэн, Биэрэ тахсаатын кытта, кыыһын былаачыайатын, таапачкатын устан ороҥҥо сытыарда. Бэйэтэ эмиэ кыыһын бэйэтигэр ыга тардан баран, аттыгар сытынан кэбистэ.
-Маасыҥкаа, тоҕо барыта манныгый? Оҕом балтылаах дуу, бырааттаах дуу буолуо этэ буоллаҕа. Хата, манна кэлэн мөҕүллүбэтибит дии. Аҕаҥ саас буолла, аны тыаҕа тахсыбаппын диэн баран, бүгүн тоҕо соҕотоҕун мастыы бардаҕай? Чэ, тугу эмэ булан өйүөлэнэр ини. Ыксаабыт киһи эбээҕэр да барыан сөп. Утуйуохха, сылайыы барда. Сарсын... барыта сарсын быһаарыллыа,- дии сытан, Тууна халтаһата ыараан, бэрт түргэнник утуйан хаалла.
***
Бу бириэмэҕэ Байбаас ыгыччы кыыһыран, эдьиийин Биэрэни уонна Туунатын суостаахтык мөҕүттэ-мөҕүттэ, халыҥ ойуур иһигэр киирдэ. Бэлиэр ууллан эрэр, үрдэ ньалҕаарыйбыт тоҥуу хаары кэһэ-кэһэ, ыраахтан суон соҕус тиит маһы бэлиэтии көрдө. Ээ, сөп, бу турар дии, оттон, сэргэ буолуон сөптөөх мас. Көнө, үрдүк даҕаны. Ыһыах түһүлгэтигэр туох да ааттаах. Сэбиэт Сэмэн сиэри-туому тутуһаар диэбитэ да, айа... эмиэ тугу ньаҕайданан, аата мас аата мас ини. Оччолоох маһы кэрдэн-кэрдэн кэллэҕим.
Инньэ диэн саныы-саныы, Байбаас чугас сытар сыгынахха чугаһаан, сынньана түһэн, тыын киллэринэргэ сананна. Үрүксээгиттэн тиэрмэстээх итии чэйин ороото, онтон арыылаах килиэбин сулбу ойутан таһаарда. Көр, бу дьахтар, саатар, куоракка икки хонукка барарын билэ-билэ, миин эрэ буһаран хаалларар буоллаҕа. Атын эбитэ буоллар, туох эмэ бурдук аһын да буһарыа эбит. Билигин куоракка тиийэн таах мээнэ, эдьиийин Биэрэни кытта тугу да гыммакка, ону-маны ыаһахтаһа, мээнэ хобу-сиби тарҕата олордохторо. Көр, ити киһи эрийбитигэр, олох “суох диэ, кэпсэппэппин” дии-дии ити дьахтар эдьиийим аттыгар кыймаҥныы турбут буолуохтаах. Эдьиийим Биэрэ даҕаны, кинини албыннан, сымыйанан Туунаны куоракка ыҥыран баран, акаарыны төбөтүн булкуйан аҕай эрэр быһыылаах. Олох даҕаны төрөө диэтэ ини, бэрт киһи. Аҕам Биэрэни сөпкө сөбүлээбэт эбит. “Тэлээрбэх” диирэ оруобуна. Өссө кини кэргэнин, сокуоннай кэргэнин ыҥырбаппын диэбит буола-буола. Санаатыгар, бу кэмҥэ Тууна эдьиийин кытта кини акаарытын күлүү гынан, икки дьахтар тэбис-тэҥҥэ күлэн алларастаһар курдуктара.
Байбаас ити элэктээх хара санааларыттан абаран, иһэ олорбут итии чэйин дьалкытан, тоҕон кэбистэ. Онтуттан абаран, чэйин туора илгээт, быдьардык тыллаһа-тыллаһа, аһын дуомун төттөрү сиирэ-халты үрүксээгэр батары биэрээт, ойон турда да, иһийэн турбут хара тыа хайа баран сатарыар дылы “Дружбатын” собуоттаан бирилэттэ. Онтон аҕыйахта үктэнээт, маһыгар чугаһаан, маҕыйа-маҕыйа, харса суох эрбээн барда. Икки хараҕа көстүбэт буолуор дылы ыгыччы кыыһыран, омунугар, сотору маһын кытта бэйэтэ иҥнэри баран эрэрин, өйдөөбөккө да хаалла. Тиит мас кыыкынаабытынан “оччотугар бу баар” диэбиттии эр киһини курданары алларатынан күр гына илдьи түһэн кэбистэ.
Арай Байбаас кыл түгэнэ өйдөнөн кэлбитэ, муннуттан-айаҕыттан хаан бөҕө баран эрэр эбит. Хамсыыр, тыынар да кыаҕа суох суон тиит мас анныгар сытар. Хаһыытыах буолта, саҥарар кыаҕа букатын да суох. Салгыы биир кэм мэйиитэ эргийэн, түҥ-таҥ баран, тууймааран барда. Өйүн хайа эрэ кылам гынар көстүүтүгэр Тууна уонна кыыһа Мааһыҥка ытаабыт, куттаммыт сирэйдэрэ көстөн кэллэ. Аттыларыгар ийэлээх аҕата буруйдаммыттыы умса көрөн тураахтыыллар. Эмискэ арай төбөтүн оройунан, сааскы күн сыламар, быыкаа кынаттаах, үрүҥ ырбаахылаах, атах сыгынньах, сып-сырдык эһээхэй оҕо көтөн кэллэ да, Байбаас түөһүгэр түүтэх курдук сып-сымнаҕастык олоро биэрдэ. Байбаас кылгас олоҕун чаҕыл түгэннэрэ биир кэм киинэ лиэнтэтин курдук элэстэнэн аастылар. Ол тухары мотохоно курдук уол оҕо кинини аһыммыттыы, хап-харананан унаарыччы көрөн олордо. Хантан ылбыт күүһэ эбитэ буолла, биитэр өлөн эрэр киһи тиһэх күлүм кыланыыта эбитэ дуу “бырастыы, Тууна... Барытын өйдөөтүм. Төрөө-төрөө... күн сириттэн уолбутун күрэтимээ даа...” дииргэ дылы гынна да, ханна барбытын билбэккэ хаалла.
***
Унньуктаах уһун тымныы кэннэ, саймаархай салгыннаах сандал саас кэлбитэ, бүгүн хаһааҥҥытааҕар да биллибит, халлаан лаппа сылыйан, сүрэҕи-быары сылаанньытар олус үтүө күнэ үүммүт этэ. Ол курдук сып-сырдык чаҕыл күн уота хас биирдии тыынар тыыннааҕы, оту-маһы сып-сылааһынан имэрийэ угуттаан, саҥардыы уһуктан эрэр тыа иһэ чыычаах күйгүөрүнэн, “чырып-ирип” көрдөөх, сэргэх ырыанан толору туолбут этэ. Сир аннынан хара уу онон-манан быгыалаан, харалдьык тахсыбыт сиринэн, сыккыс буолан кылыгырыы устан эрэрэ. Бэс чагда өр кэмҥэ күлүгүрэ соҥуоран турбут бэйэтэ, хаар саҕынньаҕын киэр илгэн, сиккиэр тыалга бигэнэн, кур көтөҕөтүнэн тамнааттана, биир кэм ыраахтан аргыый аҕай далбаатана турарга дылыта.
Эмискэ, муҥур тиит мутугар сохсоллон олорор, хара тураах, туохтан эрэ соһуйан, улаханнык дааҕырҕаан, дууһаны сылаанньытар кэрэкэ матыыбы үрэйэн кэбистэ. Арай, ыраахтан көрдөххө, чороҥ соҕотох эдэр киһи кимиэллээхтик хааман, тыа саҕатынааҕы булгунньах томтордоругар чугаһаан кэллэ.
Кэлэн, аллара сыыр эниэтиттэн чарапчыланан, үөһэ томтордору кыҥастаста. Эдэр киһини өйдөөн көрдөххө, буутун этэ буһан, холун этэ хойдон эрэр, бэрт сэргэх, уолан киһи эбит. Эдэр киһи чочумча тохтоон, тулатын кэрэхсээбиттии, чочумча таалан турда. Онтон эрчимнээхтик хааман, үөһэ сыыры дабайан, томтордорго көмүллүбүт дьон уҥуохтарыгар таҕыста. Чуо-бааччы тыа быыһыгар киирэн, кимиэллээхтик хааман, дьон уҥуохтарын быыһынан, биир тимир эргиирдээх киһи уҥуоҕар кэллэ. Уол боччумнаах сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, олоҕор туох эрэ олус суолталааҕы оҥороору гыммыкка дылы. Тимир эргиири сэрэнэн эргиччи хаамта, онтон чоҕул хара, кип-киэҥ харахтара ууланан, саҥата суох балай да өр киһи уҥуоҕун өҥөйөн турда. Онтон дириҥник өрө тыынан баран:
-Аҕаа, дорообо, бу уолуҥ, Эрэл, кэллим. Өр кэлбэтэхпэр бырастыы гын. Миигин аармыйаҕа ыҥырдылар. Онон бу сарсын сулууспалыы барар буоллум. Онон өтөр эйиэхэ кэлбэтим буолуо. Билигин дьалхааннаах кэмҥэ хайдах эрэ ытырыктатар курдукпун... Ол эрээри, ийэм этэрин курдук, эр киһи киэбин кэтэммин хайаан да бардахпына табыллар. Ийэм миигин куруук аҕаҥ курдук күүстээх, хорсун санаалаах буолуохтааххын диир... Онон хайдах эрэ эйигин түһэн биэрбэт курдук, дьон сиэринэн этэҥҥэ сылдьан, эргиллиэм диэн тылбын биэрэбин. Кэлэн үөрэхпин салҕыам, хайаан да ыал буолуом... дойдубар төннөн, манна олохсуйуом. Оҕолонон-урууланан, биһиги аймах аатын ааттатыам, ... уонна хайаан да, эн курдук... үтүө киһи буолуом,- диэтэ уонна эдэр киһи ах баран, төбөтүн умса туттан, өр соҕус нөрүйэн турда. Онтон аны ким эмэ көрүө диэбиттии, хараҕын уутун туора хаһыйаат, эргиллэ биэрдэ да, сылбырҕатык хааман, дьон уҥуоҕуттан тахсан, сыыры таҥнары түһэн, суолга киирдэ. Уол атыла кэҥээтэр кэҥээн, тэйдэр-тэйэн, дьон уҥуоҕуттан ыраатан, киэҥ айан суолугар киирдэ.
Маны барытын кыраҕытык кэтии олорбут хара тураах, уол кэнниттэн батыһа, тугу эрэ бөрүкүтэ суоҕу кэпсээн, халлаан хараҥарыар дылы бэлэһэ хайдыаҕынан дааҕырҕыы олордо. Ол эрээри кини сэтэриир сэмсэ саҥатын ой дуораана иилэ хабан ылан, ойуур тыа саҕатыгар илдьэн, биир тыынар тыыннаах истибэтин курдук, туомтуу баайан, саһыаран истэ. Манна эбии, бачымах сулустаах хараҥа халлааҥҥа, саҥа төрөөбүт сып-сырдык ый, ону биир кэм кэлтэйдии мэлдьэһэн, ып-ырааһынан көрөн турда.