12.02.2020 | 11:45

Туолбатах ыра

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
1960-1961 үөрэх дьылын күһүнүгэр Уус Алдан Курбуһаҕар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах интэринээт-оскуола аһыллыбыта. Бу дьиэ 1988-1989 сылы хабан, уопсайа 28 сыл ньиргиччи үлэлээбитэ. Бу кэмнэр устата төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт үгүс тулаайах оҕо Курбуһаҕы дойду оҥостон, оскуолаҕа үөрэнэн, киһи-хара буолбута. Интэринээт-оскуола бастакы дириэктэрэ Иосиф Семенович Портнягин салалтатынан улахан кэлэктиип күүрээннээх үлэтин саҕалаабыта. Учууталлар, иитээччилэр бары биир киһи курдук ыраахтан кэлбит тулаайах аҥаардаах ыччаттары бэйэлэрин оҕолорун курдук көрөн-истэн, ис сүрэхтэриттэн кыһанан үлэлээбиттэрэ...

Курбуһахха үөрэнэ кэлбиттэр ортолоругар араас дьоҕурдаах оҕолор бааллара, холобура, үөһээттэн айдарыылаах бырааттыы Дьэкириэм уонна Лааһар Винокуровтар...

1960 сыл атырдьах ыйыгар Өймөкөөн оҕолоро кэлбиттэрэ. Кинилэртэн биһиги кылааска Леня Сакварс, Ефрем уонна Лааһар Винокуровтар үөрэммиттэрэ. Леняны 4-с кылааска хаалларбыттара, Лааһары биир-икки сыл буолаат дойдутугар төттөрү ылбыттара. Лааһардыын биир хоско олоро сылдьыбыппын. Төһө бэрт кылгас кэмҥэ, орой мэник сааска алтыһа сырыттарбыт, бу ааспыт 60 сыл устата умнубатахпын. Лааһар кыра саастаах оҕо диэтэххэ, бэйэтин көрүнэр бэрт чэбэр, элбэх кэпсээннээх-ипсээннэх, киһи хараҕар быраҕыллар, интэринээт оҕолоругар кыратыттан улаханыгар тиийэ биллэр уол этэ. Биир хоско олорбут буолан, ким да истибэтигэр биирдэ эмэ ыллыырын билэр этим. Бинсээгин дуу, ырбаахытын дуу тимэҕин тиктэ олорон Волга өрүс бурлактарын, улуу Шаляпин ыллыыр “Эй, ухнем” диэн норуот ырыатын тардан кээһээччи. Ол саҕана оскуолабыт саҥа тэриллэн эрэр буолан  ырыа ыллааһын тэнийэ илик кэмэ этэ, бырааһынньыктарга оскуола иһинэн тэриллибит да буоллаҕына, улахан кылаастар кытталлара. Ол иһин ырыаһытын билбэккэ хаалбыт буолуохтаахтар.. Кэннэки куорат былааһыгар үлэлии сылдьан телевизорга Өймөкөөннөр кэнсиэрдэрэ буолбутугар Лааһар ыллыырын истэн турардаахпын, бэркэ ыллаабыта, үөрэммитэ буоллар, улахан ырыаһыт буолара хаалбыт диэн санаа төбөбөр охсуллан ааспытын билигин санаан кэлэбин...  

Дьэкириэм туһунан оскуола 50 сыллаах үбүлүөйүнэн таһаарыллыбыт “Ахтылҕан кыымын күөдьүтэн” диэн кинигэҕэ: ”...Интернат оҕолоро муостан кыһан уонна маслянай кыраасканан оҥорбут уруһуйдара аан дойду таһымнаах быыстапкаларга тиийэ турбуттара. Ефрем Винокуров, Юра Сивцев о.д.а. биһиги “кумирдарбыт” этилэр...”- диэн СӨ үөрэҕириитин туйгуна, САССР спордун маастара Павел Окоемов ахтыытыгар суруйбут.

Дьэкириэмниин 9-ка диэри бииргэ үөрэммиппит, сорох сыл биир хоско түбэһэрбит. Сахатынан киэн туттара, аҕам Арыйаан диэн сахалыы ааттаах диирэ. Сымнаҕас, элэккэй майгылаах уол этэ. Улахан кылаастарга тахсан истэхпит аайы, оскуолабыт атаҕар туран, араас тэрээһиннэр элбээн испиттэрэ. Оҕо дьоҕурун сайыннарыыга, кэрэ эйгэтигэр уһуйуу үлэтэ күүскэ ыытыллыбыта. Үҥкүүһүттэри анал үөрэхтээх балетмейстер Юлия Федоровна Слепцова үөрэппитэ. Оччолорго ССРС норуоттарын үҥкүүлэрин барытын толороллорун өйдүүбүн. Кини кэргэнэ Чурапчы Бахсытыттан төрүттээх Свердловскайдааҕы консерваторияны бүтэрбит талааннаах музыкант Егор Егорович Слепцов духовой оркестры салайан үлэлэппитэ. Ырыаҕа дьоҕурдаах оҕолору сүүмэрдээн  дарыктаабыта. Оҕолор уруһуйдуур, муостан кыһар дьоҕурдара сайдарыгар улахан сабыдыалы Репин аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, РСФСР норуодунай худуоһунньуга Терентий Васильевич Аммосов оҥорбута. Онон уруоктар кэннилэриттэн оҕо барыта кэриэтэ дьарыктаах буолара...

Бу сылларга Дьэкириэм айылҕаттан бэриллибит ырыаҕа уонна уруһуйга дьоҕура арыллан испитэ.

Уруһуйдьут бэрдэ

Хоспут истиэнэтигэр Дьэкириэм маслянай кыраасканы буккуйан араас өҥү булан-талан, айылҕа дьикти кэрэ көстүүлэринхолустаҕа уруһуйдаан араамаҕа тиирбит хартыыналара ыйанан тураллара. Алаас сиргэ үөскээбит оҕо хайа диэн хайдаҕын ол уруһуйдартан билбитим. Ахсыс кылааска үөрэнэр сылбытыгар оччотооҕу Орджоникидзевскай оройуонун Иккис Дьөппөн интэринээт оскуолатын эһэннэр, Курбуһахха элбэх оҕо кэлбитэ. Биһиги кылааска 8 оҕо эбиллибитэ. Кинилэр истэригэр Аня Ефремова диэн уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, кэрэ дьүһүннээх кыыс баара. Дьэкириэм киниэхэ кутун-сүрүн туттарбытын туһунан миэхэ тыл быктарбыта баара... Ол кыыс соҕотоҕун түспүт хаартыскатын хантан эрэ булан, кыһаллан-мүһэллэн уруһуйдуу турара ардыгар харахпар билигин да көстөн кэлэр. Ол бэртириэти балайда өр   оҥорбута, 1966 сыл сайын Дьокуускайга ыытыллыбыт интэринээт-оскуолалар уонна детдомнар иитиллээччилэрин 3-с өрөспүүбүлүкэтээҕи слеттарыгар быыстапкаҕа бастаабыта.

Айылҕаттан бэриллибит ырыа куттаах этэ

Леонид Попов хоһоонугар айыллыбыт “Хоптолор” диэн ырыаны олус сөбүлээн, бэркэ табыллан ыллыыра:

“Чуумпурбут муораҕа мунньустан

Хоптолор кылбаҥныы дайдылар.

Мин санаам, сүрэҕим тардыста

Хотугу төрөөбүт дойдубар.”...

Дьэкириэм төрөөбүт-үөскээбит Өймөкөөнүн сиригэр күүстээх таптала бу ырыаҕа иһиллэр... Бу ырыатынан үөһээ ахтыллыбыт слекка кыттан бастаабыта, дипломунан наҕараадаламмыта. Ол сыл күһүнүгэр 9-с кылааска үөрэнэ сырыттахпытына Дьэкириэми биллиилээх опера ырыаһыта, саха бастакы опера режиссера, РСФСР норуодунай артистката Анна Ивановна Егорова ыҥыттаран ылан, М.П. Мусоргскай аатынан Свердловскайдааҕы (билиҥҥитэУраллааҕы) консерваторияҕа үөрэттэрэ ыыппыта. Биллиилээх ырыаһыт Анна Егорова Дьэкириэм слекка ыллаабытын биһирээн уонна тыйаатырга ыҥыран ыллатан истэн баран консерватория салалтатын кытта быһаччы кэпсэтэн үөрэххэ ылларбыта мээнэҕэ буолбатах, хайаан да улахан ырыаһыт тахсыа диэн сылыктаабыт буолуохтаах. Бииргэ үөрэммит доҕорбут, атаспыт ыраах аттанарыгар кылаас оҕолоро харчы хомуйан биэрбиппитин өйдүүбүн. Кини «Хоптолору” сэргэ Христофор Максимов мелодиятыгар “Эйэ, дьол холууба”, комсомол туһунан, Орто Азия норуоттарын ырыаларын бэркэ сөбүлээн ыллыыра. Билиҥҥи курдук интэриниэт, суотабай төлүпүөн суох кэмигэр хантан булан ылан ыллыырын сатаан санаабаппын. Аныгы ырыаһыт Ахмед Шад “Страдаю без тебя”диэн ырыатыгар майгынныыры хаһы да ыллыыр этэ... Маҥнайгы оҕолуу ыраас тапталыгар Аняҕа аныырын билэр этим...

Дьэкириэмниин тиһэх көрсүһүүм...

70-с сыллар ортолорун диэки биир күн Дьэкириэм баар буолан хаалбыта. Сэргэлээх уопсайдарыттан Ганя Аммосов биһигини булан, Ефремова Аняны көрүһүннэриҥ диэн көрдөспүтүн ылынан, тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар бара сылдьыбыппыт. Наһаа ис киирбэх көрсүһүү буолбатаҕа, көннөрү бииргэ үөрэммит табаарыс быһыытынан кэпсэтии барбыта. Онтон көрсүһүүбүтүн салҕаан оччолорго Ленин проспегар турар ”Север” рестораҥҥа сылдьыбыппыт. Кини соҕуруу барыаҕыттан номнуо аҕыс сыл ааһа охсубут этэ. Дьэкириэм киһи үөрэр да, хараастар да түгэннэрин элбэҕи кэпсээбитэ. Бастаан тиийээтин кытта анал муусука үөрэҕэ суоҕунан бэлэмнэнии куурсугар үөрэппиттэр. Ити кэнниттэн Ураллааҕы байыаннай уокурук ырыатын, үҥкүүтүн ансаанбылыгар 2 сыл сулууспалаабыт. Сулууспа кэмигэр ордук элбэҕи билбитим, көрбүтүм  диэн кэпсээбитэ. Үөрэҕин салгыыр кэмнэригэр тымныйан күөмэйигэр охсон, салайаачытын кытта кыайан өйдөспөккө, үөрэҕин бүтэһик сылларыгар кэккэ ыарахаттар үөскээннэр уурайарга күһэллибит, онно кими да буруйдаабатын кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн Казахстаҥҥа Алма Ата куоракка Абай аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар икки сыл солиһынан үлэлээн баран уурайан бу дойдубар төннөн кэллим диэбитэ. Кэпсиирин быыһыгар элбэх ырыаны, романсы, ариялартан быһа тардыыны, Орто Азия норуоттарын ырыаларын толорон, рестораҥҥа сынньана кэлбит дьону улаханнык соһуппута, сөхтөрбүтэ. Аһары баран сорохтор сөбүлүүр ырыаларын харчы төлөөн туран ыллаппыттара. Дьэкириэм бэйэтэ да элбэх ырыаны дуоһуйа ыллаан астыммыта быһыылааҕа. Сааһыран олорон санаан көрдөхпүнэ, олоҕум устатыгар син улахан, кыра да таһымнаах кэнсиэрдэргэ сырыттым гынан баран, Дьэкириэм курдук Орто Азия норуоттарын ырыаларын кэрэтик, киһи уйулҕатын таарыйар гына ыллыыр ырыаһыты истэ иликпин...

Түмүк тыл оннугар...

Дьэкириэмнээх Лааһар бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрэ, РФ  үөрэҕириитин туйгуна 73 саастаах Акулина Ариановна ахтарынан, ийэлэринэн эһэлэрэ Гаврил Васильевич Кривошапкин биллиилээх норуот эмчитэ. Дьэкириэм олоҕун  тиһэх күннэригэр диэри Муомаҕа кэргэннэнэн олорбута. Ол дойду олохтоохторо кэпсииллэринэн, дьону илбийэн эмтиирэ үһү. Аны туран Ульяна диэн кыыһа эмиэ аҕатын курдук ырыаһыт, уруһуйдьут эбит, Дьокуускайга художественнай училищеҕа үөрэнэр. Лааһар70 сааһын туолара чугаһаан баран сүрэҕинэн өлбүтэ. Светлана диэн кыыс оҕото Чурапчыга олорор, 3 оҕолоох, уруһуй учуутала идэлээх, норуот эмчитэ. Онон утум салҕанар. Кинилэр ыра санааларын ыччаттара толоруохтара диэн бүк эрэнэбин.

Николай МЕСТНИКОВ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...