22.06.2023 | 12:00

Туох саҥа, сонун баарый?

Туох саҥа, сонун баарый?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунаска управлениетын салайааччыта Индира Ли иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллар быйылгы Үрүҥ Тунах ыһыах Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылларыгар ананар уонна «Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората» девиһинэн ыытыллар.

Маны сэргэ, куорат баһылыга Евгений Григорьев быһаарыытынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ананар. Ол эбэтэр куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын мобильнай сыһыарыы QR-кодунан «Победа» пуондаҕа кылааттарын киллэрэргэ ыҥыраллар. Үс Хатыҥҥа ыһыах кэмигэр уу харчынан туттарар кыах эмиэ баар буолуоҕа.

Икки күн устата барыта 112 култуурунай, ол иһигэр 14 сиэр-туом тэрээһинэ, 19 араас куонкурус, ол иһигэр 4 фольклорга күрэх, 9 быыстапка, 6 оҕо күрэҕэ, 5 спорт күөн күрэһэ о.д.а. ыытыллаары турар.

Ураты тэрээһиннэр

Саха уһаайбатын ураһатыгар Национальнай уус-уран музей быыстапката тэриллиэҕэ.

Саха уһаайбатын балаҕаныгар 19-с үйэтээҕи олоҕу-дьаһаҕы кэрэһилиир быыстапка күүтэр.

«Театральнай» диэн саҥа 13 №-дээх түһүлгэҕэ Августина Филиппова 75 сааһынан дизайнердар күрэхтэрэ ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан кыттар дизайнердар «Күннээҕи таҥас», «Бырааһынньыкка кэтиллэр таҥас», «Дьиэ кэргэн таҥаһа» номинацияларга бастыыр иһин киирсиэхтэрэ. Бириис пуондата – 454 000 солкуобай, кыайыылааҕы 100 000 солк. күүтэр.

Күрэх кэнниттэн алта улуустан кэлбит норуот тыйаатырдарын испэктээктэрэ туруоҕа.

Саҥа тутуулар

Кэккэ түһүлгэлэргэ саҥа олорор сирдэр.

Күнү көрсүү сиэрэ-туома ыытыллар түһүлгэтигэр икки туос ураһалаах саҥа балаһаакка.

Саҥаны киллэриилэр

Үс Хатыҥ каартата интэриниэккэ киирдэ. Ол эбэтэр 2ГИС сыһыарыынан сирдэтинэн, ыһыахха кэлбит киһи ханнык баҕарар балаһаакка, тутуу эбэтэр түөлбэ чуолкай навигациятын булар кыахтанна. Саамай үчүгэйэ диэн – интэриниэт ситимэ хаппат да түгэнигэр каарта үлэлиир кыахтаах. Туһанааччылар маны таһынан тимир көлөнү ханна туруоруохха сөбүн, оптуобус тохтобулларын, уопсастыбаннай туалеттары уонна суһал көмө пуунун кэбэҕэстик булуохтарын сөп. Маны сэргэ, «2ГИС» сыһыарыытыгар бырааһынньык бырагыраамата эмиэ киирэ сылдьар. Онон, бу сыһыарыыны төлөпүөҥҥүтүгэр хачайдыыргытыгар сүбэлиибин.

Түөрт информационнай пууҥҥа ыйанар QR-код көмөтүнэн Wi-Fi холбонуохха сөп.

Дьөһөгөй Айыыга аналлаах күрэхтэр

Саха халандаарынан быйылгы ыһыах Дьөһөгөй Айыыга ананар. Онон хас даҕаны күрэх онно туһаайыллан ыытыллара былааннанар.

Бэс ыйын 24 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан 9 №-дээх балаһааккаҕа – И.С. Свинобоев (Тыыннаахап) аатынан ипподромҥа Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын тэрийиитинэн «Күн Дьөһөгөй» ат симэҕин көрүү күрэҕэ күүтэр. Балаһыанньа быһыытынан, күрэххэ маастары кытта улуус баһылыга кыттар. Ол эбэтэр хас биирдии улуус толору симэхтээх биир атынан киирэр – ыҥыыр, үүн, иҥэһэ, чаппараах о.д.а. барыта үгэс буолбут ирдэбилинэн оҥоһуллар.

Эмиэ бу кэмҥэ, бэс ыйын 24 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан, 12 №-дээх «Симэх түһүлгэтэ» балаһааккаҕа «Кыл алыптаах, сиэл ситимнээх» кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарга өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-куонкурус буолар. Быыстапка-куонкурус Арассыыйаҕа буола турар Учуутал уонна Уһуйааччы сылынан эдэр талааннары арыйар уонна маастардар уопуттарын тарҕатар сыалтан ыытыллар. Кыайыылаахтары «Сөрүө», «Панно», «Дэйбиир», «Сэлээппэ», «Симэх» номинацияларынан сыаналыахтара.

20 №-дээх «Кымыс кырдала» түһүлгэҕэ 14.00 чаастан «Кымыс – Айыы аһа» VI-с бэстибээл-куонкуруһу үөрүүлээхтик арыйыы буолуоҕа. Кыайыылаахтары дипломнар уонна харчынан бириэмийэлэр күүтэллэр: бастакы миэстэ – 150 тыһ. солк., иккис миэстэ – 125 тыһ. солк., үһүс миэстэ – 100 тыһ. солк.

Бэс ыйын 24 күнүгэр 20.00 чаастан Тыыннаахап аатынан ипподромҥа 2 мөл. 100 тыһыынча солкуобай бириис пуондалаах ат сүүрдүүтэ буолуоҕа.

Үгэс быһыытынан, 1 600, 1 800, 2 400, 3 200 уонна 4 800 миэтэрэ дистанцияларга 5 эргиир былааннанар.

«Үс уонна онтон аҕа саастаах сылгылар 2 400 миэтэрэ уһуҥҥа сырсыахтара. Атын үс эргииргэ сүүрдүү саха сылгытын ортотугар ыытыллар: 1 800 миэтэрэҕэ Саха сиригэр төрөөбүт ыраас боруода сылгылар, 3 200 уонна 1 600 миэтэрэлэргэ тупсарыллыбыт саха боруодатын сылгылара күрэхтэһиэхтэрэ. Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бирииһэ 4 800 миэтэрэ уһуҥҥа олохтонор, кыайыылааҕы 1 мөлүйүөн солкуобай күүтэр»,– диэн Олохтоох дьаһалта Тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын салайааччыта Марат Данилов кэпсээтэ.

Быйылгы күрэхтэһиигэ 10 улуустан  – Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Амма, Чурапчы, Нам, Хаҥалас, Таатта, Уус Алдан, Өлүөхүмэ уонна Горнай – 40 сылгы кыттыаҕа.

Ыһыах иккис күнүгэр, бэс ыйын 25 күнүгэр, киэһэ 18.00 чаастан Ил Дархан бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ буолуоҕа.

«Саха инновацията-2023» тугу бэлэмнээтэ?

Бэс ыйын 24 күнүгэр ыһыах аһыллыытын кэмигэр «Саха инновацията – 2023» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ХI-с быыстапкаҕа IT уонна биотехнология эйгэтиттэн 30-тан тахса бырайыак турара күүтүллэр.

Ол курдук, –50 кыраадыс тымныыны тулуктаһар «Хопоо» утуйар сон, таба тириититтэн оҥоһуллубут «Хоту Тент» хампаанньа утуйар мөһөөччүгэ, электрическэй бэлисипиэттэр, "Сокол Пикап1.5" уонна "Сокол ПРО+" вездеходтар уо.д.а. көрөөччү болҕомтотун тардыахтара.

VK бэйэтэ түһүлгэлээх буолар

«ВКонтакте” социальнай ситим быйылгы ыһыахха бэйэтин түһүлгэтигэр ыҥырар.  Манна өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр артыыстара уонна Тима Акимов, Роман Каграманов, ESMI курдук элбэх сурутааччылаах блогердар күүтэллэр.

Бу эрэ күн этническэй макияж, тематическай фотозонаҕа хаартыскаҕа түһэр кыах баар буолар. Ону таһынан остуол оонньууларыгар араас күрэхтэр, сөрүүкэтэр утахтар ыалдьыттары күүтэллэр, оннооҕор смартфоҥҥутун кытта ииттэриэххитин сөп.

Балаһаакка бэс ыйын 24 күнүгэр 14:00-00:00 уонна бэс ыйын 25 күнүгэр 10:00-19:00 чч. үлэлиэҕэ.

Оттон Күнү көрсүү сиэрин-туомун кыттыылаахтара гигапиксельнай интерактивнай хаартыскаҕа үйэтитиллэр кыахтаахтар. Хаартыскалары уонна видеолары социальнай ситим «Ысыах Туймаады» бөлөҕөр көрүөххэ сөп буолуо.

Оттон ыһыах быһа эпиирин ГТРК "Саха" gtrksakha.ru,  сигэнэн көрүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...