30.12.2022 | 15:00

Тулуйарбытыттан аастыбыт!

Киин куоракка оҕо балаһаакката итиннэ-манна аһылынна диэн үөрүүлээх сонуну үгүстүк суруйабыт. Хомойуох иһин, кэнники кэмҥэ тупсаҕай тутуулаах эбийиэктэрбитин “синнэригэр түспүт” итирик-кутурук дьон мустар, сайын - куйаастан, кыһын тыалтан-куустан хорҕойор, күнү-күннээн күөлэһийэр сир оҥоһуннулар...
Тулуйарбытыттан аастыбыт!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ити сытыы кыһалҕа соторутааҕыта Уопсастыбаннай кииҥҥэ буолан ааспыт «Дьокуускай – чөл куорат» диэн аһаҕас дьүүллэһиигэ элбэхтик иһилиннэ. Бу күн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуону кытаатыннарар, куоракка итирдэр утаҕы атыылыыр «туочука», «наливайка» аҕыйыырын туруорсар уопсастыбанньыктар, араас түмсүүлэр, төрөппүттэр, эбэлэр, эһэлэр сааланы толору тоҕуорустулар. Ыччат элбэҕэ ордук үөртэ.

Олорон биэриэ суохтаахпыт!

Тэрээһин ыытааччыта Филипп Седых иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан Дьокуускай куоракка арыгы бородууксуйатын атыылыыр 249 уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтэ баар, сыл аайы ахсааннара элбии турар.

Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин аһыы утаҕы олоччу боппокко,  хааччахтааһыннары киллэрии диэн дьаһал аҥаара эрэ буолар диэн санаалаах. Ханна эрэ иэннэрин, арыттарын улаатыннарыахпыт, ол улаханнык дьайыа суоҕа. Ол эрээри, туох да дьаһалы ылыммакка олорон биэрдэхпитинэ, арыгы “туочукалара” өссө элбиир чинчилээхтэр.

Матвей Лыткин, “Трезвая Якутия” хамсааһын салайааччыта буоларын быһыытынан, оскуолаларга чөл олох уруоктара (“Уроки трезвости”) суох буолбуттара үлэни атахтыыр диэн бигэ санаалаах. Кини: «Маҥнайгы кылааска табаҕы тардыбат, арыгыны испэт оҕолор киирэллэр. Онтон онус кылааска тиийэн 80-90 бырыһыаннара номнуо амсайаллар», – диэн этиитэ мустубут дьону улаханнык ытырыктатта. Оттон: «Арыгыны атыылыыр дьон: «Айахтарыгар күүспүтүнэн куппаппыт, тоҕо биһигини хааччахтыыгытый, бобоҕутуй?»  – дииллэр. Аһыы утаҕы атыылыыр маҕаһыыннарга дьон өрүү тоҕуоруһар. Уочарат суох буоллаҕына, бэйэбит да сабыллыахпыт этэ дииллэр», – диэн этиитэ толкуйдатта. Кырдьык оннук буолбаат? Арыгы “туочукаларын” ааннара күнүстэри-түүннэри сабыллыбатын бары да көрө-истэ сылдьабыт.

Аһаҕас дьүүллэһии кыттааччылара маассабай арыгылааһын демографияҕа, социальнай политикаҕа охсуулааҕын, доруобуйаны айгыратарын таһынан, уопсай деградацияҕа тиэрдэрин статистика чахчыларынан бигэргэттилэр, улуу дьоммут этиилэринэн холобурдаатылар.

 

Бизнес дьон туһунан саныахтаах

Евгений Григорьев киин куоракка сымыйа кафелары тохтоторго туох үлэ ыытылларын сырдатта. Бэлиэтээн эттэххэ, баһылык быыбарга туруон инниттэн бу сытыы кыһалҕаҕа улахан болҕомтотун уурар. Ол курдук, куорат салалтата нэһилиэнньэни, урбаан салаатын кытта үгүс көрсүһүүлэрин түмүгэр 2022 сыл ыам ыйыгар Олохтоох дьаһалта 118п №-дээх уурааҕа ылыллыбыта. Онон дьокутааттарга, Урбаан министиэристибэтигэр арыгынан эргинэр уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэригэр өҥө оҥоһуллар саалатын иэнин 75 кв. миэтэрэҕэ диэри кэҥэтэр туһунан этии киллэриллибитэ.

“Икки пластиковай остуол, икки олоппос турар хос уопсастыбаннай аһылык тэрилтэтин аатын ылар, “кафе”, “ресторан”, “бар” дэнэр. Ол эрээри ис хоһооно биир – киирдиҥ, бытыылка ыллыҥ уонна тахсан бардыҥ. Уопсастыбаннай аһылык өҥөтө оҥоһуллубат. Повар, официант, сууйар-хомуйар үлэһит суох, куукуна диэн төрүт да суох. Көннөрү дьону арыгылата тураллар. Дьэ, итинник сымыйа кафелары утары үлэни күүһүрдүөхтээхпит. Онуоха бииргэ буоларбытын көрдөрүөхтээхпит, бары биир санаанан салайтарыахтаахпыт.

Киин куорат олохтоохторо үлэлэрин кэннэ дьиэлэригэр кэлэн сынньаныахтаахтар, оҕолор балаһааккаҕа туохтан да куттаммакка оонньуу тахсыахтаахтар. Биһиги урбааны суох оҥоро сатаабаппыт. Бизнес аҥаардас харчы киллэрэр туһунан эрэ толкуйдаабакка, дьон туһунан эмиэ саныахтаах”,  – диэтэ куорат баһылыга.

Евгений Григорьев ыччат спордунан дьарыктанарыгар, чөл олоҕу тутуһарыгар куоракка спорт саалалара, оҕо искусствотын оскуолалара элбиэхтээхтэр диэн этиитин уопсастыбаннас өйүүрүн ытыс дохсун тыаһынан биллэрдэ. Кини икки сыл иһигэр 30 воркаут-балаһаакка тутуллан үлэҕэ киирбитин, уопсайа 75 маннык эбийиэк оҥоһуллуохтааҕын, Ильменскэй уулуссаҕа улахан спортивнай саала, ДСК оройуонугар катоктаах саала тутуллуохтаахтарын иһитиннэрдэ.

 

Арыгыһыттар «сөрүүкүүр» сирдэрэ буолбатын!

Норуот дьокутаата Мария Христофорова сымыйа кафелары кытта “охсуспут” уопутун үллэһиннэ. Эриэйдэ кэмигэр харахтарыгар харчы кыбыллыбыт атыыһыттар 11-12 саастаах оҕолорго кытта пиибэ туттаран ыыталларын кэпсээтэ. Бэл диэтэр, биир сиргэ толору сааһын ситэ илик үлэһиттээхтэрэ биллибит! Мария Николаевна этэринэн, 5 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ биир участковай үлэлиир, онон хайдах даҕаны бэрээдэги хонтуруоллуур кыаҕа суох. Онон бу кыһалҕаны төрдүттэн быһаарарга Куораттааҕы Дууманы ыҥырда. “Оҕо секциялара, куруһуоктара аһаҕас буолуохтаахтар. Физкультуранан уонна спордунан маассабай дьарыкка сүрүн болҕомто ууруллуохтаах”, – диэтэ. Дьокутаат этэринэн, куоракка тупсаҕай оҥоһуулаах оҕо балаһааккалара тутуллан үлэҕэ киирэллэр, ол эрээри, хомойуох иһин, арыгыһыттар ордууланар сирдэригэр кубулуйаллар. Онон тиэргэннэри көрөр-истэр уопсастыбанньыктары көҕүлүүр үлэ ыытыллара буоллар диэн баҕа санаатын эттэ.

 

Оҕолорго куттал суоһуо суохтаах!

Валентина Пермякова, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия дириэктэрэ:

– Бу – биһиэхэ “ыарыылаах” тиэмэ буолбута, итинник эбийиэктэри кытта “охсуспуппут” ыраатта. Биһиги оскуолабытыттан чуп-чугас “Дельта” атыы-эргиэн киинигэр “У бати” диэн “наливайка” үлэлиир. Онтон чугас арыгы маҕаһыына эмиэ баар. Бу суолунан биһиги үөрэнээччилэрбит бараллар-кэлэллэр. Киһи кыайан холкутук сылдьыбат, оҕолорбут куттаналлар диэн төрөппүттэр үҥсэллэр. Оскуолалартан 300 миэтэрэ тэйиччи туруохтаахтар диэн да, мин этиилээхпин – баҕар, 1 км да ыраах турдуннар!

 

Тула өттүбүт барыта «туочука»

Санфея Птицына, Киин уокурук олохтооҕо, уопсастыбанньык:

– Биһиги, Курашов уул., 19, Орджоникидзе уул., 17, Ленин пр., 14, 16 нүөмэрдэригэр олорор дьон, дьиэбит таһыттан аһыы утаҕынан эргинэр эбийиэктэри суох оҥоруҥ диэн Ил Түмэн дьокутааттарыгар улахан көрдөһүүлээхпит.

Дьиэлэрбит сыста тураллар, тула өттүбүт барыта “туочука”. Соҕотох оҕо балаһааккалаахпыт, онно күнүстэри-түүннэри арыгыһыттар мусталлар. Киэһэ 5-6 чаастан саҕалаан хара сарсыардааҥҥа диэри охсуһуу, айдаан, үөхсүү. Сайын киһи эрэ барыта онно-манна сынньана барбат, даачаҕа тахсыбат. Мин курдук ыарыһахтар дьиэбитигэр олорорго күһэллэбит, баҕарбатахпыт да иһин, барытын көрө-истэ олоробут. Маннык олохтон сылайдыбыт, тулуйарбытыттан аастыбыт. Саамай куттанарбыт – бу “туочукалар” арыгыны оҕолорго атыылыыллар. Бэйэм илэ харахпынан хаста да көрбүтүм. Бу сайын дьиэбит таһыгар биир оптуобус, улуустан кэлбитэ быһыылаах, 20-чэ оҕону аҕалан түһэрбитэ. Сорохтор тута атыы-эргиэн кииннэрин диэки барбыттара, аҥаардара пиибэ атыылыыр сиргэ ойбута. Итинник төһө баҕарар холобурдуохпун сөп. Эдэр дьон кыыстыын-уоллуун иһэллэрэ ордук хомолтолоох. Онон кытаанах миэрэни ыларга уолдьаста.

Санфея Романовна олохтоохтор үҥсүү суруктарын, хаартыскаларын барытын тута сылдьар. Уопсастыбанньык Ил Түмэн кинилэр көрдөһүүлэрин ылынарыгар эрэлэ улаханын биллэрдэ.

***

Бу күн нэһилиэнньэттэн элбэх үҥсүү, этии киирдэ. Дьон-сэргэ, кырдьык, тулуйарыттан ааспыт. Уопсастыбанньыктар «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр арыгы бородууксуйатын биирдиилээн атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуону кытаатыннарары өйүүллэрин биллэрэн, сурукка илии баттаатылар. 

СӨ Уопсастыбаннай палаататын социальнай политикаҕа хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Елена Колесникова иһитиннэрбитинэн, аһаҕас дьүүллэһиигэ киирбит этиилэр, баҕа санаалар учуоттаныахтара, онон сирдэтэн 2023 сылга сырдатар, өйдөтөр тэрээһиннэр былааннара торумнаныаҕа. Маныаха 8-924-161-57-69 чат-бот нүөмэргэ этиилэргитин ыытыаххытын сөп.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....