25.07.2020 | 18:00

Тулуура, бэлэмэ суох киһи үлэлээбэт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Айылҕабыт барахсан баһаарга былдьанарын, курааҥҥа көрүүгэ-истиигэ наадыйарын бары көрө-истэ олоробут. Сайын аайы ойуурдарбыт умайалларыттан киһи хараастар. 

Күн бэҕэһээ Дьааҥы сирин баһаарыттан кэлбит Николай Григорьев –  СӨ «Якутлесресурс» судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтин 2 категориялаах тыаны харыстыыр инженерэ. Ол иннинэ баһаарынай-химическэй ыстаансыйа 3 салаатыгар үлэлии сылдьыбыт. Николай бу тэрилтэҕэ үлэлээбитэ номнуо бэһис сыла. Мөлтөх киһи эстэр үлэтигэр сылдьар эр бэрдин кытта кэпсэтиибин таһаарабын.

-Дорообо! Хантан төрүттээххин, туох үөрэхтээххин кэпсии түс эрэ.

-Дьокуускай куорат биир бастыҥ хаһыатын ааҕааччылара, дорооборуҥ! Бэйэм Үөһээ Бүлүү улууһун Тамалакаан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Эбэлээх, эһэбэр иитиллибитим. Дьокуускай куорат 14 №-ээх оскуолатын бүтэрэн баран, ДьТХА-ҕа  туттарсан киирбитим. “Биолог-охотовед” салаатыгар үөрэммитим. Ол сылдьан өрөспүүбүлүкэҕэ буолар баһаардарга үлэлиирим. Устудьуоннуур кэммэр үлэҕэ киирээри гыммыппар “лесной” үөрэҕиҥ суох диэбиттэрэ. Ол иһин  төрдүс кууруска «инженер лесного хозяйство» диэн салааҕа киирбитим. Онон икки үрдүк үөрэхтээхпин.

БЫЙЫЛГЫ БАһААРДАР

-Баһаар биричиинэтэ сүнньүнэн барыта биир: этиҥ уонна дьон. Үксүн уоту сыыһа-халты туттууттан тахсар. Сорох дьон табаҕын умуруорбат, бааҥка иһигэр уган кэбиһэн баһаары ыыталлар. Уот отуннахтарына ол иһэ барыта бөх, сыыс буолар, онтон сылтаан күн ититэн эмиэ баһаар тахсар. Чаҕылҕантан сылтаан ыраах сирдэргэ баһаардар тахсар буоллулар.

Быйылгы сайыны киһи билгэлиир кыах суох. Сахалар: “Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ”, – дииллэр. Үлэ син биир баар буолуо, баһаардар син биир буолаллар. Билигин нэһилиэнньэ бары кэриэтэ айылҕаҕа сылдьар. Ойуур умайа турдаҕына тыаҕа тахсыбат ордук. Бастатан туран, олохтоох дьаһалта салайар, онтон МЧС-тар кэлэллэр, ол кэнниттэн биһиэхэ сайаапка киирэр. Бастаан биир бөлөх айанныыр. Онтон балаһыанньа хайдаҕыттан көстөр. Баһаар улахан буоллаҕына, биллэн турар, элбэх киһи уоту умуллара тахсар.

БАҺААР ТАХСЫБАТЫН ТУҺУГАР

-Киһи барыта даачаҕа эбэтэр сир ылан сайылыыр буолла. Инникини тымтыктанан көрбүт суох дииллэр эрээри, бачча үлүгэр өҥүрүк куйааска тугу сүбэлиэҥ этэй?

Чааһынай сирдээх, оҕуруоттаах эбэтэр ыраах эркин баар үүннэриилээх дьон,  сиргитин тула өттүттэн хастаран кэбиһэргит ордук. Охто, суулла сытар мастаргытын ыраастыыргытыгар сүбэлиибин.

ДЬААҤЫ БАҺААРА БАРЫБЫТЫН ДОЛГУТТА

-Дьааҥыттан кэлбит эбиккин, ол диэки балаһыанньа хайдах буолла? Куттал суоһуо дуо?

-Биһиги 17 буолан барбыппыт. Бастакы уочарат ньиэп баазатын маныырга үөһэттэн бирикээс кэлбитэ. Мин биир бөлөҕү ылан баран Эбээн Бытантай Кустууругар тиийбитим. Кустуурга ойуур баһаара турара, ити икки ардыгар баара-суоҕа 4 км хаалбыт этэ. Ми-8Т бөртөлүөт уу куппута. Ол бириэмэҕэ биһиги бэйэбит тактикабытын көрөн баран, икки күн күүстээх үлэ саҕаламмыта. Эбээн Бытантайтан Дьааҥы аэропордугар кэлбиппит, манна локализация биэрэн баран, уот  Эһэ хайатыгар чугаһаабытын билэн, бөлөхпүн илдьэ айаннаабытым. Икки күн баһаары тула эргийэн, локализация биэрбиппит. Онтон, төттөрү аэропорка кэлэн күүстээх үлэни ыыппыппыт. Ити сырыттахпытына Саха сирин киин өттө умайа турар диэн, биһигини үөһэттэн бирикээстээн ыҥыран ыллылар.

Кустуурга, Эһэ хайатыгар, аэропорка, ньиэп баазатыгар билигин куттал суоһаабат буолла. Туох баар үлэни барытын ыыттыбыт. Мин салайан илдьэ сылдьыбыт бөлөҕүм Мэҥэ Хаҥалас Майа сэлиэнньэтин таһыгар үлэлии барбыта.

ТЫАТААҔЫГА ХААЙТАРЫЫ

-Баһаары утары үлэлиир киһи, мүччүргэннээх сырыы бөҕөҕө түбэспитиҥ буолуо?

-Былырыын Дьааҥы Табалааҕар үүтээҥҥэ сыттахпына, тыатааҕы сэттэ чааһы быһа хаайбыта. Сырыы ахсын мүччүргэннээх сырыы элбээн иһэр. Киһи айылҕаҕа сылдьан, араас хартыынаны, кыылы-сүөлү барытын көрөр. Биири кэпсиэм.

2018 с. Эргэ Табаҕаҕа бөлөҕү кытта барбыппыт. Киэһээҥҥэ диэри уотун барытын умулларан, локализация биэрбиппит. Киэһэ суоппарбын уонна биир үлэһиппин кытта баҕар, туох-эмит буолан–хаалан туруо диэммин, харабыллыы хаалбыппыт. Киэһээҥҥи хонтуруол кэннэ үс чааһынан эмиэ тахсабын диэн сыттым. Төлөпүөммүн көрөбүн. Ол сыттахпына, иннибэр иһит-хомуос тыаһаата. Хата, суоппарым эбит, түүн туран аһыы олорор. Кэннибэр эмиэ тыас тыаһаата, арааһа, уоруйахтар быһыылаах дии санаатым. Эмискэччи муннубар сытыйбыт, аһыйбыт сыт саба биэрдэ. Суоппарбар эрийэ сатаатым да, киһим балааккатыгар киирэн утуйан хаалбыт, төлөпүөнүн тыаһа суохха туруорбут. Онтон салалтабар эрийдим. Кинилэр тута Ис дьыала министиэристибэтигэр уонна быыһыыр сулууспаҕа эрийдилэр. Биһиэхэ полиция нарядын ыыттылар. Мин уонна үлэһитим иккиэн балааккаҕа хаайтаран хааллыбыт. Тугу да саҥарбаппыт, тыаһаабаппыт, уон мүнүүтэ уолуйан хааллым, долгуйдум, этим сааһа барыта аһылынна. Онтон, дьэ өй ылан, сытар олбохпун “трубка” курдук оҥорон буруо таһаардым. Буруо сытын ылан барыах курдук буоллулар быһыылаах, тарбахпын сиэтэн кэбиһэммин, хаһыытаабытынан ойон таҕыстым да, икки тыатааҕы ыстанан хаалла. Түргэн соҕустук массыынабытыгар киирдибит уонна полицияҕа туоһулааһын, көрдөрүү биэрдибит. Ким эрэ итэҕэйдэ, ким эрэ итэҕэйбэтэ. Сотору буолан баран Табаҕа тумуһун үлэһиттэрэ ити диэки икки тыатааҕыны көрбүттэрэ.

Ити курдук, араас буолуон сөп. Онно бэлэмнээх уонна дьаныардаах буолуохха наада. Сайын аайы тыа, ойуур баһаарыгар сылдьар буоламмын элбэххэ үөрэнним.

-Кыыл-сүөл элбэхтэ көстөр диэтиҥ.

-Дьааҥыга сылдьан элбэх куруппааскыны көрдүм. Кэнники сылларга тыатааҕы олус элбээбит. 2017 сыллаахха Горнайга, Бүлүүгэ тайах көрбүтүм. Илин эҥээр улуустарыгар туртас элбэх эбит. Ону хараххынан көрөн эрэ кэбиһэҕин, барахсаттар, айылҕа оҕолоро сирдэрин былдьатаннар сүүрэкэлэһэллэр.

СЫЛДЬА ҮӨРҮЙЭХ КИҺИ ҮЛЭЛИИР

-Мин бэйэм устудьуон эрдэхпиттэн баһаары утары үлэлээтим, онон үөрэммиппин. Хас сайын ахсын биир да баһаары көтүппэккэ сылдьабын. Кистэл буолбатах, тулуура суох уонна ыараханы көрбөтөх, билбэтэх киһи бу үлэҕэ сатаан сылдьыбат, тулуйбат. Кырдьык, көһүтүллүбэтэх түгэн элбэхтэ буолар.  Бииргэ үлэлиир уолаттарым бары тулуурдаах, айылҕа араас тургутуутугар барытыгар бэлэм дьон буолаллар. Уулуссаттан киирбит киһиҥ, баҕар, аныгыскыга кэлиэ суоҕа дии? Эт-хаан, өй-санаа, толкуй өттүнэн барытынан сайдыбыт киһи буолуохтаах. Мин үлэлээбитим тухары уопут элбэҕи быһаарар уонна эрэннэрэр диэн түмүккэ кэллим. Манна биири этиэм этэ, айылҕаны кытта киһилии сыһыаннаһыҥ, сөптөөхтүк уонна сиэрдээхтик дьаһанан сылдьыҥ.

АЙЫЛҔАНЫ ХАРЫСТЫАХ

-Айылҕабыт барахсан дэлби уларыйан, кэхтэн, сылайан да диэххэ дуу, араас кыылы-сүөлү, үөнү-көйүүрү барытын аҕалар буолбут. Билигин, саамай итии күннэр турар кэмнэригэр айылҕаҕа хоно барыы эбэтэр шашлыктааһын, онтон да атын аралдьыйыыгытын хонтуруоллана түһэргит буоллар. Ийэ сирбит киртийэрэ, кыылбыт-сүөлбүт сүтэрэ, ама, үчүгэй дуо? Биир бэйэм УТАРАБЫН!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...