21.04.2023 | 12:16

Тулагы бэтэрээннэрэ Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө

Тулагы бэтэрээннэрэ Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тулагы бөһүөлэгэр үгэс буолбут «Бэтэрээн күнэ” аахсыйа буолан ааста. 
Тэрийээччилэр – Дьокуускай куораттааҕы Үлэ уонна социальнай харалта управлениета, Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин сэбиэтэ, «Бэтэрээн» кулууп, РФ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр социальнай пуондата, СӨ Доруобуйаларынан хаарчахтаах дьону комплекснай реабилитация социальнай-чэбдигирдэр киинэ уонна «Забота-Арчы» хаһыат.
Дьокуускай куораттааҕы Үлэ уонна социальнай харалта управлениетын начаалынньыга Семен Матвеев тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин социальнай өйөбүл миэрэлэрин уонна уонна буолаары турар Кыайыы күнүн бырагырааматын кытта билиһиннэрдэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа социальнай пуондатын бэрэстэбиитэлэ Василий Тихонов биэнсийэни индексациялааһын, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ айан ороскуотун толуйуу, үлэлээбэт гражданнары дьиэҕэ көрүүгэ көмө харчы о.д.а. туһунан ыйытыыларга хоруйдаата. 
«Бэтэрээн» кулууп бэрэссэдээтэлэ Ирина Соловьева ыччаты патриотическай иитии, бэтэрээннэргэ култуурунай сынньалаҥ туһунан иһитиннэриини оҥордо.
СӨ Доруобуйаларынан хаарчахтаах дьону комплекснай реабилитациялааһын социальнай-чэбдигирдэр киинин бэрэстэбиитэлэ Дария Яковлева Киин үлэтин уонна манна киирэн чэбдигирии туһунан билиһиннэрдэ. 
«Забота-Арчы» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Василий Мандаров хаһыат нэһилиэнньэ ханнык араҥатыгар ананарын, туох матырыйаал тахсарын билиһиннэрдэ уонна сыл иккис аҥаарыгар сурутууну ыытта. 
Оттон Тулагы бэтэрээннэрин долгутар кыһалҕалар – быраастарга көрдөрүү, оптуобус тохтобулун сөптөөх сиргэ көһөрүү, көҥүлэ суох сөтүөлүүр сир кыһалҕата. 
Бэтэрээн күнүн Станислав Олесов салайааччылаах А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһын устудьуоннара киэргэттилэр. 
Түмүккэ Семен Матвеев бэтэрээннэргэ уонна анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда, диэн Дьокуускай куораттааҕы Үлэ уонна социальнай харалта управлениета иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...