Тулаайах оҕолорго кыбартыыралары түҥэтиэхтэрэ
![Тулаайах оҕолорго кыбартыыралары түҥэтиэхтэрэ](https://kiinkuorat.ru/wp-content/uploads/2020/11/die.jpg)
Сэтинньи ыйга, тутуу докумуона барыта ситэрилиннэҕинэ, Борисовка-1 микрооройуоҥҥа 123 кыбартыыралаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ. Манна тулаайах оҕолорго уонна хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар хапсыбыттарга дьиэлэри биэриэхтэрэ. Тутааччы - «ЛенаТрансСервис» ХЭТ.
«Бу сотору үлэҕэ киирэр дьиэҕэ барыта биир хостоох кыбартыыралар бааллар. 40 кыбартыыраны тулаайах оҕолорго, 72 кыбартыыраны “Нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрүү 2019-2025 сс.” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама кыттыылаахтарыгар ыллыбыт. 60 кыбартыыра 2019 сыллааҕы түһүмэҕинэн, быйыл 2020 сыллааҕынан 12 кыбартыыра түҥэтиллэр”, – диэн Дьиэ-уот демартаменын салайааччыта Александр Новолоков кэпсээтэ.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 17-ис кыбаартал, Сайсары, Киин о.д.а. уокуруктар олохтоохторо дьиэ ылыахтара.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар
![Мария Мигалкина: «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/zgV1bKwtkp.jpg)
![Изабелла Попова: Сүрэхпэр сөҥөрбүт дьүөгэлэрим](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/08bzwt1DHL.jpg)
![Баһаар буруйдааҕын тыллыаҥ — наҕараада ылыаҥ](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/FtpkFiKGrd.jpg)
![Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/6LP5o124wA.jpg)