28.10.2020 | 14:46

Туһалаах лайфхактар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Таҥас сууйтарар массыына бороһуок кутар лотуога киртийэр. Ону хайдах ыраастыыбыт?

-Суоданы уонна ууну тэҥ-тэҥҥэ ылан булкуй уонна лотуокка кут. Туруора түһэн баран иһит сууйар губка кытаанах өттүнэн ыраастаа.

-9 %-наах уксуус иҥэн хаалбыт кири сүтэрэр. Лотуогу уһулан ыл уонна иһиккэ ук. Онно 1 ыстакаан уксууһу уонна 1 лиитирэ итии ууну кут. 6-8 чаас маннык туруора түс. Онтон иһит сууйар губканан сот.

Маҥан өҥнөөх наскы түргэнник киртийэр. Маннык наскыны сууйарга араас ньыма баар:

-Борнай кислота. 1 лиитирэ сылаас ууга 1 ост.ньуосканы кут. Бу суурадаһыҥҥа кирдээх наскыны 1-2 чаас сытыара түс. Онтон сөрүүн ууга сайҕаа уонна көннөрү сууй.

-Дьаабылыка уксууһа. Маҥан наскы сиэрэй буолан хааллаҕына, 1,5 лиитирэ сылаас ууга 1 ост.ньуоска маннык уксууһу кут. Бу ууга наскыны 1 чаас илитэ уур.

-Нашатырнай испиир. Ууга 1-2 ч.ньуосканы кут уонна наскыгын 2 чаас сытыара түс. Онтон сайҕаан баран сууй.  

-Хаһаайыстыбаҕа туттуллар мыыла – саамай судургу ньыма. “Для выведения сложных пятен” диэн суруктаах мыыла ордук. Наскыны мыылалаан баран, сылаас ууга сарсыардааҥҥа диэри хааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...