14.05.2020 | 09:53

Өттүк Леха баары-баарынан кэпсиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр интэриниэт сайдыаҕыттан дьон кыаҕын араастык туһанар, онтун киэҥ араҥаҕа балысханнык сырдатар буолла.

Өттүк Леха, Мотор Леха диэни истибэтэх ыччат, бука, суоҕун кэриэтэ буолуо. Алексей Михайлов бүгүҥҥү күҥҥэ сахаҕа биир биллэр вайнер, артыыс, продюсер, олохтоох «сулустары” барыларын куоһарбыт «прокаченнай” блогер.

СУОЛ АРЫЙААЧЧЫ

- Кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха...

- «Киин куорат» ааҕааччыларыгар дорҕоонноох дорообо! Мин Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Cунтаар – аҕам дойдута. Хомойуох иһин, кини мин сааһым да суох эрдэҕинэ бу олохтон күрэммит. Ийэм балай эмэ кэм буолан баран кэргэн тахсан, Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр көһөн кэлбиппит. Одьулууҥҥа мэник-тэник оҕо сааһым ааспыта. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Быраатым «Триумф» спорт уораҕайыгар инструкторынан үлэлиир, балтыларым: биирим — устудьуоҥка, иккиһим 11 кылааһы бүтэрээри сылдьар. Ийэм билигин Одьулууннааҕы  техникумҥа вахтерынан үлэлиир, урут баспытаатал этэ.

- Туох идэлээххиний? Өттүк Леха буолуоҥ иннинэ тугунан дьарыгырар ыччат этигиний?

- Култуура уонна ускуустуба колледжыгар режиссер идэтигэр үөрэммитим. Билигин кэтэхтэн тыа хаһаайыстыбатын университетыгар үһүс кууруска үөрэнэбин.

Режиссер идэтигэр баҕаран туран үөрэммитим. Оскуолаҕа үлэлиир кэммэр араас хабааннаах сыанкаларга, көр-күлүү тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттарым. Ол эрэн баҕарар баҕам, саныыр санаам өрүү киинэ этэ.

«Кастинг» диэн тылы истээт, тута манна, Дьокуускайга, айаннатан кэлэрим. Дэриэбинэҕэ олорор буоллаҕым дии, суол сабыллар кэмигэр 10 тыһ. солк. тиийэ төлүү-төлүү, Өлүөнэ өрүһү туораан, бэтэрээ биэрэккэ бырахтарарым. Кастиҥҥа кэллэхпинэ, куруук «эрийиэхпит”, “билсиэхпит”, “биллэриэхпит” диэнтэн атыны туойбаттар, саатар “эн хапсыбаккын” да диэн эрийбэтэхтэрэ (күлэр). Оччолорго киинэҕэ уһуллар баҕаттан режиссердар социальнай ситимнэригэр күҥҥэ хастыы эмэ суруга ыытарым, ханнык киинэни устан эрэҕит, миигин киинэҕэ устубаккыт дуо дии-дии, тыллана-тыллана сибээскэ тахсарым. Кыбыстар диэҥҥэ олох наадыйбаппын. Эккирэтиһэн-эккирэтиһэн «Хаамаайы Бааска» киинэ иккис чааһыгар уһуллан, баҕабын толорбутум. Бандьыыт оруолун оонньообутум. Онтон салҕыы сайдыахха наада диэн, «Республика Z» киинэни усталларын иһиттим. Киинэни Степан Бурнашов устан саҕалаабыт, кинилэр нүөмэрдэрэ миэхэ суох, ол иһин Facebook-кка: «Оо, бэртээхэй киинэ! Тоҕо ыҥырбатыҥ?»- диэтим. Бу иннинэ киниэхэ элбэхтэ суруйар этим да, эппиэт суоҕа. “Мэлийдим” дии саныырым. Степан, арааһа, миигин “төбөтүн кытары доҕордоспот” дии санаабыт буолуон сөп (күлэр). Ол буоламмыт, дьэ, миигин көмөлөһөөччү быһыытынан ыҥырбыта. Олус үөрдүм! Тугу баҕарар үлэлииргэ бэлэм киһи сылдьабын. Бүтэр уһугар ас астааччынан сырыттым (күлэр). Ардыгар кыралаан худуоһунньукка көмөлөһөн, устуу локациятын, массовканы булууга-талыыга сылдьар этим. Дьэ сыаналанным, сэҥээрэн бардылар. Билигин Степалыын үчүгэй доҕордууларбыт. Мин кини студиятыгар толорооччу дириэктэринэн үлэлиибин.

ӨТТҮК ЛЕХА

- Өттүк Леха оруола хайдах айыллыбытай?

- Чиэһинэ эттэхпинэ, былааҥҥа да суох этэ. Хайдах эрэ барыта бэйэтин бэйэтэ оҥорон таһаарбыта. Испэр хорсун-хоодуот уобараһы өрө тутабын. Биир тэттик вайн уста сылдьаммын, күүстээх-уохтаах спортсмен уобараһын оҥордум. Бэйэм тустуунан дьарыктанабын. Ол устубуппун Дьулустаан Захаров уонна Николай Бястинов бэлиэтии көрөннөр, миэхэ Коркин турнирыгар реклама оҥорорго этии киллэрбиттэрэ. Сценарий суруйа охсон, аат толкуйдаан, түргэн үлүгэрдик рекламабыт таҕыста. Ол түмүгэр Өттүк Леха оруолун элбэх киһи сөбүлээтибит. Коркин рекламата тахсыаҕыттан, киһи бөҕө миэхэ «подпискаланна”, өссө таһаар диэн көрдөстүлэр. Оччону истээт, мин «Саха Арена» күрэххэ кыттыыны ыларга быһаарынным.

МОТОР ЛЕХА

- Оттон Мотор Леха?

- Массыына өрөмүөннүүр сервистэн этии киирбитэ. Былаан быһыытынан, кинилэр Өттүк Леханы көрөр баҕалаахтара даҕаны, доҕорбунаан  Аскалоннуун саҥа уобараһы толкуйдаабыппыт. Глушак Леха, Двигатель Леха диэбит курдук буолар-буолбат ааттары  барытын боруобалаан устубуппут. Мотор Леха нууччалыы эрэ саҥарар, онон аудиторията киэҥ. Ити оруол кэннэ оннооҕор нууччалыы тыллаахтар билэр буолбуттара. Сүнньүнэн рекламабытын киинэ эбэтэр сериал быһыытынан нэһилиэнньэҕэ тириэрдэ сатыыбыт, оччоҕуна сурутааччылар интэриэһинэйдик ылыналллар. Мээнэ, буоллун-хааллын диэн устубаппыт.

- Бу оруоллар эйиэхэ бэйэҕэр төһө чугастарый?

- Бу икки оруолга сөп түбэһэбин. Массыыналарынан дьарыктанабын, онон чугас.

АЛЕКСЕЙ КИИНЭ УСТАР

Арба, киинэбит хаһан тахсар? Кэтэһэн сөп буолаары гынныбыт дии.

Киинэбит быйыл саас күөх экраҥҥа тахсыахтаах этэ. Хомойуох иһин, бу коронавирус былааммытын тоҕо сыста. Онон, пандемия бүттэҕинэ, күһүн таһаарыахпыт. Билигин тыас-уус таҥылла сылдьар. Үлэбит хаачыстыбаннай уонна интэриэһинэй буоларыгар күүспүтүн-уохпутун барытын ууран үлэлээтибит.

- Кимнээх үлэлэстилэр?

- Саха сирин биир тарбахха баттанар оператордара Иван Семенов уонна Михаил Кардашевскай устубуттара. Икки идэтийбит оператор устубута, хата, уратытык көстүөҕэ. Киинэбит билиҥҥи аата “Враг по крови” диэн. Сценарийбытын Чурапчы улууһун Бахсы нэһилиэгин аҕа баһылыга Иннокентий Туйма суруйбута. Сүрүн оруолга бэйэм оонньуубун, Аскалон – режиссер.

- Продюсер, артыыс быһыытынан санааҕар, саха киинэтэ салгыы сайдарыгар туох итэҕэс баарый?

- Эппитим курдук, харчы боппуруоһа быһаарыллыан наада. Уонна киинэ устарбытыгар сөптөөх оборудование, тиэхиньикэ наада.

ЗИНА УОННА ЛЕША

-  Аны, Зиналаах Леша туһунан кэпсэтиэх.

- Бу дьону эмиэ реклама устаары толкуйдаабыппыт. Зина оруолун Иннокентий Колесов толорор, НВК-ҕа операторынан үлэлиир. Зиналаах Леша дэриэбинэ дьоно, онон тыа олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөллөр.

- Хата, бэккэ тайанан оонньуур дии? Кинини эмиэ элбэх киһи  сэҥээрдэ.

- Табыллар, талаан бөҕө киһи буоллаҕа.

БОРОСТУОЙ ВАЙНЕРБЫН

- Дьон эйигин көрөн, уулуссаҕа төһө билэрий?

- Оннук айылаах түөспүн охсунар киһи буолбатахпын ээ (күлэр). Саха боростуой, туох да үөнэ-күрдьэҕэтэ суох ыччатабын. Дьон билэр, билбэт диир табыллыбат.

- Социальнай ситимҥэр массыына оонньоппут эбиккин. Ким сүүйдэ?

- Араассыыйа атын куораттарын блогердара бары оонньотоллор. Мин туруорбут массыынабын нуучча кыыһа сүүйбүтэ, ыал ийэтэ эбит. Кэргэнинээн иккиэн биир массыынаны атастаһа сылдьан 15 сыл  мииммиттэр. Бу куонкурус барыта аһаҕас эфиргэ, чиэһинэйдик ыытыллыбытын кыттыбыт дьон бары бэлиэтээбиттэрэ. Өссө аҕыйах хонугунан сир учаастагын оонньотуом.

- Сир учаастага да? Бээрэ, онтубут нолуоктаах дуу? Буор босхо биэрэн кэбиһэҕин дуу?

- Нолуок диэни төлөөбөттөр. «Дарение” диэн оҥоһуллар. Буор босхо биэрэн кэбиһэбин. Өссө дьиэ туттуутугар  сертификат, тиис  оҥотторорго сертификат уо.д.а. курдук сыаналаах бириистэр баар буолуохтара.

- Ыал буолбуккунан эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэниҥ туһунан кылгастык кэпсии түс.

- Кэргэним, олоҕум аргыһа мин хас биирдии бырайыакпын сүрдээҕин өйүүр. Төһө даҕаны идэтинэн быраас буоллар, олус талааннаах киһи. Кэргэммин күүскэ таптыыбын, харыстыыбын уонна сыаналыыбын.

БЭЙЭНИ КӨРҮНҮҮ

- Ыран хаалбыккын дии, хайдах ырдыҥ?

- Тас көстүү үчүгэйэ, спортивнай быһыы-таһаа, сахалыы номоҕон дьүһүнүм барыта тахсан кэллэ. Урут сөбүлээбиппин барытын сии сылдьарым. Харчы суох кэмигэр доширагынан да аһаан сылдьыбытым. Онон билигин доруобуйабын көрүнэр суолга туруннум. Спорт аһылыгы тарҕатар тэрилтэни кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, онон аһыыбын уонна фитнес-саалаҕа дьарыктанабын. Тренерим Игнат Чомчоев миигин сүрдээҕин сааһылаата диэххэ сөп.

- Инники былааннарыҥ?

- Кимиэхэ даҕаны киһиргээбэппин уонна кистээбэппин даҕаны. Үлэм сырата сыаналаныан баҕарабын. Ол инниттэн киинэбин нуучча тылынан таһааран баран, Монголия, Казахстан, Тыва эргин көрдөрөр сыаллаахпын. Онтон сиэттэрэммин, киин регионнар блогердарын кытта үлэлэһиэхпин баҕарабын. Хас биирдии киһи бу олоххо сыаллаах-соруктаах буолуохтааҕа буолуо. Мин бэйэм сыалларбын кыра-кыралаан да буоллар, олоххо киллэрэн иһэбин. Эһиэхэ эмиэ туох баар былааҥҥыт барыта туоларыгар баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...