07.04.2023 | 21:12

Тротуары күрдьэҕинэн ыраастыыгыт? Сайсарылар – тиэхиньикэнэн!

Тротуары күрдьэҕинэн ыраастыыгыт? Сайсарылар – тиэхиньикэнэн!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Сайсары управата тротуарга уонна суол кытыытыгар дьапталҕаланар хаары көйөн ыраастыыр анал тиэхиньикэлэммит. 

Управа исписэлииһэ Алексей Явловскай иһитиннэрбитинэн, билиҥҥитэ, эксперимент быһыытынан, биир эрэ «тротуар ледоколун» атыыласпыттар. 

«Быйылгы курдук элбэх уонна ирэ-ирэ тоҥон чигди буолар хаардаах дьылга, чахчы, олус наадалаах тэрил диэн сыаналаатыбыт. Саҥа тиэхиньикэ сүрүн биһирэмнээх өрүтүнэн тротуар уонна аспаал бүрүөһүнүн алдьаппата буолар», – диир Алексей Явловскай.
Оттон чуолаан маннык, муус чигдигэ кубулуйбут хаары кытта «охсуһар» үлэһит Роман Новгородов: «Өскөтүн урут наар илиибитинэн көйөн күнү-күннүктээн ыраастыыр буоллахпытына, бу тэрил дьапталҕаламмыт хаары бэрт түргэнник алдьатар эбит», – диэн биһирээбитин биллэрэр.
Онон Сайсары управата, бука, маннык тиэхиньикэни эбии атыылаһара, атыттар даҕаны үтүктэллэрэ буолуо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...