Тотоойу уонна судургу бүлүүдэлэр
Эт миинэ уонна сэлиэйдээх миин
Былыр-былыргыттан биһиги мииннээһиҥҥэ ынах этин ордук сөбүлээн туттабыт. Ынах этин бытархай гына кырбаан үөрэ оҥостон эбэтэр өлүү-өлүү кырбаһынан буһаран миин бэлэмниибит. Мииҥҥэ сүөһү холун, ойоҕоһун, түөһүн, амынньыарын туһаналлар. Кырбаһынан буһарыыга уҥуоҕу сөп гына тиксиһиннэрэн 250 г гына кырбастаныллар. Ынах этин сэлиэйдээн буһарыыга түөрт порцияҕа анаан уҥуохтаах 1,2 кг ынах этин, 75 грамм тууһаммыт күөх луук, 50 г бурдук, лавровай лиис, укуруоп, биэрэс, туус ылыллар. Кырбастаммыт ынах этин тымныы ууга сууйан баран миини буһарар анал көстүрүүлэҕэ кутуллубут 2 л ууга эти уган буһарыллар. Оргуйуутун саҕана көбөн тахсыбыт төбүрэх хайаан даҕаны холбуйуллар. Миин оргуйан этэ буһуутун саҕана, сэлиэйгэ анаан мииниттэн баһан кутуллар. Сойбут мииҥҥэ сэлиэй оҥоһуллар, эт үчүгэйдик буспутун кэннэ хоторуллар, сойутуллар уонна луугу, лавровай лииһи уонна сэлиэйи кутуллар. Миини салгыы оргутан сэлиэйин буһарыллар. Сэлиэйи уһуннук оргуттахха, миин убуур. Онон миин оннук убуор диэри оргуйууну ыыппат наадалаах. Хаһаайка миини буһарбыт көстүрүүлэтиттэн анал фарфоровай миискэҕэ кутан остуолга аҕалыахтаах.
И.И. Тарбахов “Эн остуолуҥ сахалыы астара”
Хаас соркуойа
Ханнык баҕарар көтөр этин сахалар үксүгэр мииннээн иһэллэрин сөбүлүүллэр. Ол эрээри көтөр этэ соркуойга эмиэ олус барсар.
Биир хааһы соркуойдуурга:
Састааба:
100 - 200 г кулинарнай сыа;
75 г бурдук;
Эриэппэ луук;
1,5 ыстакаан уу;
Лавровай лиис;
Туус;
Биэрэс бэлэмнэниллэр.
Ыраастаныллыбыт, буһарыыга бэлэмнэниллибит хааһы соркуой иһитигэр уулларыллыбыт итии кулинарнай сыаҕа угуллар. Хаас этэ мииннэнэн эрдэҕинэ бурдук тарҕатыллар уонна кыратык сылаас, оргуйбут уу эбиллэр, луук кутуллар. Буһарыыны салгыы ыга хаппахтаан баран орто уокка ууруллар. Хаас соркуойугар уулаах отону кытта хаппыыста салаата бэриллэр.
И.И. Тарбахов “Эн остуолуҥ сахалыы астара”
Ураты салаат
Састааба:
200 г ыыһаммыт халбаһы;
2 уст. буспут сүбүөкүлэ;
2 өлүүскэ чеснок;
2 уст. моркуоп;
2 уст. буспут сымыыт;
Майонез.
Халбаһыны соломолуу кырбыыбыт, сүбүөкүлэни, моркуобу түөркэлиибит, чесногу илдьиритэбит уонна салааппытын маннык араҥанан уурабыт: халбаһы - сүбүөкүлэ - чеснок - моркуоп. Үрдүн майонеһынан сыбыыбыт уонна кырбаммыт сымыыты табыгынатабыт.
Баахыла
Састааба:
0,5 ыстакаан маргарин;
0,5 ыстакаан саахар;
6 ост. ньуоска сымыыт бороһуога;
0,5 ч. ньуоска суода;
0,5 ыст. үүт, уу;
1 ыст. бурдук.
Эбэтэр 1 бааҥка сгущеннай үүккэ 2 сымыыты, 1 ч. ньуоска аҥаара суоданы, соччо тууһу кутан баран, булкуйан тиэстэ оҥоруохха сөп. Электрическэй вафельницаҕа буһарабыт.
Саахартан минньигэс соус
Састааба:
200 г саахар;
6 тэҥ куһуокка бысталаммыт 90 г сымнаҕас ынах арыыта;
20-30%-наах 120 мл чөчөгөй (дьиэтээҕи температураҕа турбут);
1/2 ч. ньуоска туус.
Ингредиеннэри мээрэйдээн бэлэмниибит. Халыҥ түгэхтээх иһиккэ саахары кутан, орто уокка уурабыт. Саахар уулуннаҕына, уотун кыччатабыт, лаппаакынан булкуйабыт. Янтарь өҥнөөх сироп буолуоҕа. Биир тэҥ маасса буолбутун кэннэ арыыны барытын угабыт. Булкуйабыт. Булкуйарбытын кубулуппакка, чөчөгөй эбэбит. Сэрэхтээх буолуҥ, оргуйар маасса бырдаҥалыан сөп. Чөчөгөй холбоспутун кэннэ уоту араарабыт, туус кутабыт. Туус суураллыар диэри булкуйабыт. Торт кремигэр, мороженайга эбэргэ, блиныны, алаадьыны кытта сииргэ бэртээхэй.
«Сахалыы» пицца
Тиэстэтэ:
1,5 ыст. аһыйбыт үүт (суорат, кефир);
2 уст. сымыыт;
Суода;
Туус;
Бурдук.
Начыыныгар:
200 г эриллибит эт;
50 г буспут рис;
100 г хортуоппуй;
2 уст. орто помидор;
4 уст. сымыыт;
Майонез;
Туус.
Састаабы суруллубут бэрээдэгинэн үрүт-үрдүгэр тэлгэтэн уурабыт уонна итии духуопкаҕа 45 мүнүүтэ буһарабыт
Оҕуруот астаах, кууруссалаах бөрүөк
Састааба:
1 кг көтөҕүллүбүт тиэстэ;
3 уст. буспут сүбүөкүлэ (орто) ;
200 г шпинат;
1 бааҥка шампиньон;
300 г үс ууга буспут куурусса түөһэ;
500 г ууга буспут хаппыыста;
2 уст. сымыыт уонна туус.
Тиэстэ аҥаарын 1,5 см халыҥнаах гына тэнитэбит уонна үрдүк формаҕа угабыт. Кыра гына кырбастаммыт сүбүөкүлэни уонна шпинаты булкуйан баран, араҥанан тиэстэҕэ уурабыт. Тууһуубут. Онтон кыра гына кырбаммыт хаппыыстаны, шампиньону, сымыыты итии хобордооххо кутан, булкуйа-булкуйа, буһаран ылабыт. Тууһаан баран, сойбутун кэннэ сүбүөкүлэлээх араҥаҕа кутабыт. Куурусса түөһүттэн тириитин ылабыт, эппитин кубиктыы кырбыыбыт. Ону туустаан, биэрэстээн баран эмиэ хаппыысталаах араҥа үрдүгэр кутабыт. Тиэстэбит хаалбыт аҥаарын тэнитэн, бөрүөкпүтүн бүрүйэбит, кытыытын "косичка" оҥоруохха сөп. Бөрүөк үрдүн сымыытынан биһэбит уонна итии духуопкаҕа 40 мүнүүтэ буһарабыт.
Лапсалаах, бэлимиэннээх миин
Лапсаҕа: 1 сымыыты ыстакаан аҥаара ууга булкуйабыт, кичэйэн мэһийэбит. Тиэстэни тэнитэн, рулет курдук эрийэбит уонна синньигэс гына кырбаан лапса оҥоробут. Лапсабыт бэйэ-бэйэтигэр сыстыбатын курдук үөһэ быраҕан араартыыбыт.
Бэлимиэҥҥэ: 2 уст. сымыыты ыстакаан аҥаара ууга булкуйан тиэстэ оҥоробут. Манна кылаабынайа тиэстэҕэ сымыыта элбэх буолуохтаах, оччоҕо эти уктахха алдьаммат, бөҕө буолар.
Начыыныгар: Сыалаах эти талан мясорубкаҕа эрийэбит. Эккэ бүөрү уонна чоҕочу сыатын эбэтэр чесногу эбиллэр. Эриллибит эти илиинэн үлтү мэһийиллэр. Бэлэм эти тиэстэҕэ сууланар. Маннык мииҥҥэ кутуругу эбиэххэ сөп, ол эбэтэр ханнык баҕарар уҥуохтаах эт барсар.
Өҥүрүк куйааска утахта оҥостуох
Мутукча утаҕа
50 г бэрдьигэс (эдэр бэс) мутукчатын илдьиритэ ньыһыйабыт уонна 2 ыстакаан ууга илитэ уурабыт. 2 чаас устата хараҥа сиргэ ууруллуохтаах. Бу суурадаһыны сиидэлээн, саахардаан, кыратык лимоннай кислота эбэн иһэллэр.
Бэс мүөтэ
Бэрдьигэс туорааҕын тымныы ууга уган, 15 мүнүүтэ тэптэрэн оргуталлар. Тэбэ түспүтүн кэннэ оргуйбут ууну эбэбит уонна сойутабыт. 2 ост. ньуоска саахары кутабыт. Эмиэ уокка тэптэрэбит, сойутабыт, сиидэлиибит. Аһаабат кэмҥэ күҥҥэ 4-5-тэ 1 ост. ньуосканан иһэбит.
Тарбаахаптыы быырпах
Быырпаҕы сүнньүнэн икки суол ньыманан бэлэмниэххэ сөп. Бастакыта: 3 лиитэрэ быырпаҕы ылар ырысыап: 400 г биир бааҥка сгущенка, 2 ыстакаан суорат, 2,2 л уу бэлэмнэниллэр. Оргутуллубут ууга кэнсиэрбэ үүтү кутуллар. Ити кэнниттэн суорат эбиллэр. Муос ытыгынан үчүгэйдик ытыйыллар уонна иһити ыга хаппахтаныллар. Бэлэмнэниллибит быырпаҕы 8-10 чаас туруорабыт. Быырпах үрдүгэр бытархай хабахтар тахсалларын саҕана эмиэ үчүгэйдик ытыйабыт уонна 4-5 чаас устата ыга хаппахтаан, салгыы туруорабыт. Бэлэм көөнньөрүллүбүт быырпахха, иһиэх иннинэ, сүөгэй куттахха, утах ордук минньигэс буолар.
Быырпах иккис көрүҥэ өссө судургу: 3 литр быырпаҕы ыларга ыстакаан аҥаара сүөгэй, 1,2 лиитэрэ суорат, 1 литр уу, 20 г саахар бэлэмнэниллэр. Оргутуллубут ууга сүөгэйи, суораты, саахары кутан ытыйыллар. Ытыйыы бытархай хабахтар тахсыахтарыгар диэри оҥоһуллар. Ол кэнниттэн утаҕы 8-10 чаас устата итии сиргэ ыга хаппахтаан ууруллар. Көөнньөрүллүбүт быырпаҕы сойутан баран иһиэх иннинэ ытыйыллар