Тоҥмут бөҕү, мууһу тиэйиини тэтимирдэр сорук турда
Бэҕэһээ, кулун тутар 30 күнүгэр, куорат баһылыгын хаһаайыстыба боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Кардашевскай Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы штабын мунньаҕар ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр отчуоттарын иһиттэ – «Водоканал» ПАО, ЯТЭЦ, «Теплоэнергия» АУо, «Пригородная теплосетевая компания» уонна «Жилкомсервис» муниципальнай унитарнай тэрилтэлэр.
«Водоканал» ПАО иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ тэрилтэ Можайскай, 21, Октябрьскай, 27/4, Семен Данилов, 7/3 аадырыстарга үлэлээбит, тэрилтэлэр тиэргэннэриттэн уопсайа 200 куб/м муус тиэйиллибит. Тэрилтэ сыл саҕаланыаҕыттан куорат уокуруктарыттан уопсайа 898 куб/м мууһу ыраастаан тиэйбит, кыһын саҕаланыаҕыттан – 1223 куб/м. Бу күннэргэ Орджоникидзе, 56, Газовиктар, 19 Б аадырыстарга уонна 3 №-дээх поликлиника таһыгар үлэлии сылдьаллар.
ЯТЭЦ бэрэстэбиитэлэ ааспыт нэдиэлэҕэ – 50 куб/м, Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы иитинэн уопсайа 2397 куб/м мууһу тиэйбиттэрин иһитиннэрдэ. Бу күннэгэ 5 аадырыска үлэлии сылдьаллар, муус устар 4 күнүн ааспакка үлэлэрин түмүктүүр былааннаахтар.
«Теплоэнергия» АУо кыһыҥҥы кэм устата 2475 куб/ м иэннээх мууһу ыраастыыр былааннааҕыттан 2220 куб/м тиэйэн бүтэрбит. Онон үлэ бу нэдиэлэнэн түмүктэнэр туруктаах.
«Жилкомсервис» МУП Үс ыйдаах санитарнай ыраастаныы чэрчитинэн 5096 куб/м тоҥ бөҕү уонна 3900 куб/м мууһу тиэйбитин, олунньу ыйтан саҕалаан 117 бөх тоҕор дьааманы ыраастаабытын, аны 4 дьааманы ыраастыыр хаалан турарын иһитиннэрдэ.
«Пригородная теплосетевая компания» МУП былаанын толорбут, муус устар ыйтан саҕалаан эбии 20 куб/м тоҥ бөҕү ыраастыырга ылыммытын отчуоттаата.
Егор Кардашевскай үлэ тэтимин күүһүрдэргэ, мууһу икки бөҕү тиэйиини түмүктүүргэ сорудахтаата.