ТОҤ БАЛЫК ТУЛА
Дьэ, сыл аайы Дьокуускай куоракка “Строганина-Тоҥ балык» күрэх саамай элбэх көрөөччүлээх ааһар. Бу дьон үксэ, туох кистэлэ кэлиэй, тоҥ балык амсайаары мусталлар. Тоҕо диэтэххэ бэйэлэрэ атыылаһан сиэхтэрин – сыана...
Сахабыт сирин өрүстэригэр, үрэхтэригэр уонна күөллэригэр балык арааһа үөскүүр. Ол эрэн кэнники бириэмэҕэ балыкпыт сыаната тоҕо тиэрэ үлүннэ? Киһи барыта күннээҕи аһылыкка атыыласпат үлүгэрэ буолла. Сыананы ким хонтуруоллууруй? - диэн ыйытыылар нэһилиэнньэни долгуппуттара быданнаата.
Күндү ааҕааччыбар бүгүн балык төһө сыранан бултанарын, сыананы ким быһарын, хайдах айаннаан кэлэрин уонна үчүгэй амтаннаах балыгы хайдах талан атыылаһар туһунан сэһэргииргэ сананным.
БАЛЫК СЫАНАТА ХАЙДАҔЫЙ?
Балык, биллэн турар, бэрт элбэх сыраттан-сылбаттан кэлэр, эт-тирии баранан бултанар аһа буоллаҕа. Ол эрэн кини сыаната ынах уонна убаһа этиттэн ыарыа суохтаах эбит. Ол өйдөнөр. Тоҕо диэтэххэ киһи сылгыны, сүөһүнү бэйэтэ көрөн-истэн иитэр, аһатар, төлөһүтэр. Оттон балыгы айылҕа барахсан бэйэтэ биэрэн эрдэҕэ.
Бү өрөбүллэргэ «Сайсары» бааһынай ырыынагар тиийэн, балык сыанатын үөрэттим. Ол курдук, эргиэмсиктэр тоҥ балык мургунун 500 мөһөөхтөн саҕалаан 1300 солк. (киилэтин) тиийэ атыылыыллар. Холобура, кууһунан ылар буоллаххына, сыананы түһэрэллэр эбит. Ырыынакка балык атыылыыр киһи элбээбит, онон конкуренция да сытыыта чуолкай.
ХОТУ ДАҔАНЫ БАЛЫК ЫҺЫЛЛА СЫППАТ
Илин эҥэр уонна киин улуустар хоту балык ыһылла сытарын курдук саныыллара баар суол. Ууга уста сылдьары ытыстарыгар түһэрэн ылалларын курдук да өйдөөччүлэр бааллар. Айылҕа буор-босхо ууммутун харчыга таһаара туралларынан сирэй-харах да анньааччылар аҕыйаҕа суохпут. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччыта Василий Афанасьев санаатын истиэх:
– Бастатан туран, тыа хаһаайыстыбата балык бородууксуйатыгар уонна бултааһыныгар субсидияны, көмө харчыны көрбөт. Балыктааһын эргиэмсик бас билиитигэр киирбитэ ыраатта. Хоту улуустар булчуттара хас эмэ сүүһүнэн биэрэстэлээх сиргэ тиийэн балыктыыллар. Аны туран, таҥнар таҥастара, уматыктара барыта сыана, аһылыктарын, кыра бытархай ороскуоттарын этэ да барыллыбат. Бултаабыт балыктарын бурааҥҥа сүгэн аҕалалларыгар даҕаны сэниэлэрэ эстэр. Бу балыксыттар дьиэ-уот диэни умнан, ыйы-ыйдаан хоно сытаннар илимнэрин көрөллөр, муҥхалыыллар. Онон атыыланар балык сыанатын атыылааччы бэйэтэ быһар. Биһиги статистикабытынан, Дьокуускайга сөмөлүөтүнэн быһа холоон 400-тэн туоннаттан тахса балык кэлэр. Сөмөлүөтүнэн ыытар ороскуоттаах, онон ахсынньы бүтүүтэ-тохсунньу саҕата эргин суол турдаҕына, сиринэн ыытыахтара. Онон бултаммыт балыгы тиэйэн аҕалар эмиэ саныыр курдук боростуой буолбатах.
ЫАРАХАН ДИИР БУОЛЛАХХЫНА, БИЭС МӨҺӨӨХТӨӨҔҮ ЫЛ!
Кыра кээмэйдээх балык сыаната 500 солк. эбит. Ырыынакка биир саҥалаах-иҥэлээх атыыһыты буламмын, туох кыһалҕалааҕын, дьон төһө балыкка наадыйарын сурастым. Аатын, суолун биллэр биричиинэнэн кистиибит.
«Хаһан баҕарар тырааныспар кыһалҕата сытыытык турар. Уматык сыаната күн турдах аайы үрдээн, тиэхиньикэ сыаната хонон турдах аайы үллэн иһэр. Дьон үксэ бу балыкпыт төһөлөөх сыранан бултанарын өйдөөбөт, өйдүү да сатаабат. Сайынын мотуорунан, кыһынын бураанынан утуйар ууну умнан туран сырыт эрэ! Дэриэбинэттэн 200-300 км ыраах сиргэ кытта тиийэн балыктыыллар. Сыана дьыл кэмиттэн, хаар халыҥыттан кытта тутулуктаах. Онон, мин санаабар, куорат олохтоохторо сибиэһэй балыгы босхону эрэ үрдүнэн атыылаһаллар. Төһөлөөх сыранан кэлэрин эһиги түһээн да баттаппаккыт! Сылаас дьиэҕэ-уокка олорон балык сыанатын ырытартан соло булбаккыт! Хата, тоҕо тойоттор балыгы сөмөлүөтүнэн тиийэн буор-босхо тиэйэн кэлэллэрин ону ырытыҥ! Хоту дьоно баччааҥҥа диэри балык баар буолан тыыннаах олороллорун ким да өйдүү илик. Сыана ыарахан диир дьон бастаан бэйэҕит баран балыктаан көрүҥ! Бу күннэргэ хоту балык элбээтэ, ону аҕалыаҕа сөптөөх тырааныспар да, суол-иис, уматык да суох! Балыксыттар бултаан сордоммут астарын буорту оҥорумаары, чааһынай да сөмөлүөккэ сүүрүөхтэрэ. Чуолаан Ил Дархан Айсен Николаев бу кыһалҕаны түргэнник быһаарарыҥ буоллар!» - диэн сэһэргэһээччим бу сылларга тоҥмут-хаппыт, дьон хаҕыс тылыттан атаҕастаммыт кыһыытын-абатын биир тыынынан түһэрдэ.
ОТТОН “ТУЙМААДА-АГРОСНАБ” ТУГУ ТИЭЙЭРИЙ?
Хотугу улуустартан балык тутар, тиэйэр-таһар, астыыр “Туймаада-Агроснаб” ААУо генеральнай дириэктэрэ Николай Алексеев:
– Биһиги тэрилтэбит оҕуруот аһын хоту улууска тиэрдэр. Онтон кэлиитигэр муус аннынан бултаммыт чыыры, муксууну киилэтин 70-80 солк. сыанаҕа атыылаһан аҕалар. Билиҥҥи туругунан аны 7 рейс Усуйаана, Аллайыаха, Аллараа Халыма, Орто Халыма, Үөһээ Халыма уо д.а. улуустартан кэлэрэ күүтүллэр. Оттон атыыланар сыанатын 650 солкуобайтан халбаҥнаппаппыт”.
БАЛЫГЫ ТАЛЫЫ КИСТЭЛЭҤЭ
Саха сиригэр үксүн чыыр (муҥур), тууччах, муксуун (чорбоҕор), уомул, сорох улуустарга дьарҕаа, күндүөбэй балыктары тоҥнуу кыһан сииллэр. Маҕаһыынтан ылар балыгыҥ хаачыстыбатын быһаарсыбат буоллаххына, Роспотребнадзор сүбэтин билис: “Илбиркэй, саһархай, хара бээтинэлэрдээх уонна балык бэйэтин форматын сүтэрбит аһы атыылаһыма. Бу хат-хат ирэн-тоҥон эргэрбит балык. Эргэ балык киһи муннун саба биэрэр ураты сыттаах, арыынан ыһыллыбыт курдук сыалаах буолар. Куҥ балык киһи доруобуйатыгар кутталлаах.
ХАТЫРЫКТАММЫТ БАЛЫК
Хатырыктаммыт балыгы хаһаайкалар ордук сөбүлээн атыылаһаллар. Куорат мааны дьиэтигэр «балыгы кытта өрө тустар” кыахтара суох буолан. Дьиҥэр, үксүн эргэ балыгы хатырыктаан атыылыыллар, эргэтэ хатырыгар биллэ сылдьарын иһин. Салапааннаах балык эмиэ амтана уларыйар.
УУГА ӨЛБҮТ БАЛЫК
Кистэл буолбатах, ырыынакка ууга өлбүт балыгы кытта атыылыыллар. Быһаарсыбат киһи оннукка дэбигис албыннатыан сөп. Ууга өлбүт балык үксүгэр айаҕын улаханнык аппыт уонна хараҕа иһирдьэ киирэ сылдьар буолар. Өр сыппыт балык эмиэ маныха майгынныыр уонна этэ-хаана харааран хаалбыт буолар.
ХААННААХ БАЛЫК
Таһыгар хааннаах балыгы ууттан таһаараат имиппиттэр. Имитиллибит балык сиһин уҥуоҕар хааннаах буолар, маннык балык сииргэ кырыата суох, ордук минньигэс.
СИБИЭҺЭЙ БАЛЫК
Сибиэһэй булт лапчааннарыттан биллэр, сараччы тоҥмут буолаллар. Уонна айаҕа кыратык аппыт буолуохтаах. Сибиэһэй балык сыттыын-сымардыын сибиэһэй буоллаҕа дии.
ТҮМҮК
Сүөһүнү көрүү олус үлэлээх. Биир да күн өрөбүл, сынньалаҥ, «ээ чэ, хааллын” диир кыах суох. Өҥүрүк куйааска, кумаарга оттуохха, онтукайгын харчы төлөөн, тиэйтэриэххин наада. Онтон балык? Дьэ, манна баҕас, кырдьык, үлэтэ арыый кыра курдук. Ол эрээри ити омос санааҕа эрэ. Судаарыстыбаттан биир көмөтө суох, аҥаардас тыыннаах хаалар эрэ туһугар үлэ. Онон, доҕоттоор, балыкпыт сыаната сөбүгэр эбит диэн санааҕа кэлиэххэ сөп курдук. Хотулар эмиэ дьон сиэринэн аһаан-таҥнан олоруохтаахтар буоллаҕа. Суола-ииһэ, сайдыыта суох, айылҕа тыйыс усулуобуйатыгар үөскээбиттэрэ кинилэр буруйдара буолбатах буоллаҕа.