Тимир ис кыаҕын сөҕөбүн
Туймаада ыһыаҕар «Кудай Бахсы» уустар түһүлгэлэригэр дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустар. Манна сылын аайы өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин үйэтитэр тимир уустар күрэхтэрэ, маастар-кылаастар ыытыллаллар.
Маастардар тимири уһаарыыттан саҕалаан, быһах, хомус охсуутун көрдөрөллөр. Быйылгы түһүлгэ биир сонун көстүүтүнэн нууччалыы «художественная ковка» дэнэр тимири уустаан-ураннаан, ойуулаан-дьүһүннээн охсуу, сиэтии буолла. Тимири уустаан-ураннаан охсуу көрүҥэ сахаларга саҥа сайдан эрэр буолан, манан дьарыгырар маастар тарбахха баттанар дииллэр.
Бу көрүҥүнэн ыллыктаахтык ылсан уһанар, тимиртэн ураты оҥоһууларынан биллэр уус Николай Михайлов үөрэнээччитэ Алексей Апросимовтыын маастар-кылаас көрдөрдүлэр. Түөрт чаас устата уһуйааччы уонна уһуйуллааччы оҥоһуктарын дьон-сэргэ тулуурдаахтык кэтээтэ. Маастардар уһаныы ымпыгын-чымпыгын барытын көрдөрөн, быһааран иһэллэр. Быһатын эттэххэ, ким баҕалаах, сэргиир ылсыһарыгар суол солоон биэрэллэрэ киһи сэргиир көстүүтэ. Оҥоһуллан, чочуллан тахсыбыт үлэлэрэ көрүөхтэн эриэккэс. Ойуута-дьүһүнэ ураты.
«Киин куорат» хаһыаппыт үгэс буолбут «Талба талааннаахтар» рубрикатыгар анаан тимир ууһа Алексей Апросимовтан аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
– Алексей, бэйэҥ тускунан кэпсии түс эрэ. Хантан төрүттээххиний?
– Бэйэм Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук Суола нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Билигин Хатас нэһилиэгэр олоробун. Идэбинэн муосчуппун. П.П. Романов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр училищены 2012 сыллаахха бүтэрбитим. Онтон кыралаан муоһунан дьарыгыра сылдьан баран, соторутааҕыта тимиргэ кэлбитим.
– Туох санааттан тимиргэ көстүҥ?
– Тимири охсуу кыаҕа элбэх, киэҥ. Холобура, муоска, маска, тимиргэ кыайтарбат, нууччалыы эттэххэ, «тонкостары» хайдах таптаабыккынан иэҕилиннэриэххин сөп диэн санаанан салайтаран кэлбитим.
– Манна уһуйааччыгынан кими ааттыыгын?
– Өссө устудьуоннуу сылдьан Николай Михайлов үлэлэрин сэргээн, хаһан эрэ тимири ойуулаан-дьүһүннээн охсууга кэлэр сыал-сорук туруоруммутум. Бу көрүҥ дьикти, алыптаах эйгэтигэр сирдээбит, элбэх кистэлэҥин арыйбыт уһуйааччыбынан Николай Иосифович буолар. Быйылгы Улуу Туймаада ыһыаҕар уһуйааччым ыҥырыытынан көрөөччүлэргэ «с нуля» уһанан көрдөрдүбүт.
– Түһүлгэҕит элбэх киһини муста. Тимир курдук ыл да бүтэн-оһон тахсыбат көрүҥ түмүгүн көрүөн-истиэн баҕалаах үгүс эбит. «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар тугу оҥорон таһаарбыккын билиһиннэр эрэ.
– Хара дьайтан харыстаныы, көмүскэнии диэн тиэмэҕэ тохтооммун, суор, хотой уонна чыычаах харысхаллары оҥордум. Уонна бу үлэбин «Дьол ымыыта» диэн ааттаатым. Дьон сүрдээҕин сэҥээрэр эбит. Уопсайынан, тимири ойуулаан-дьүһүннээн охсуу киһи эрэ барыта билбэт көрүҥэ. Онон даҕаны дьон бөҕө тоҕуоруста.
– Тимир ууһа мас ууһуттан уратылаах буолуо.
– Уратылаах бөҕө буоллаҕа. Холобура, айылҕаҕа бэлэм тимир суох этэ буоллаҕа дии. Маһыҥ буоллаҕына – баар. Онон тимир ууһа матырыйаалын бэйэтэ оҥостон дьарыгырар. Мин санаабар, тимир иннин этинэн-хаанынан, кутунан-сүрүнэн кыайа-хото тутар киһи ылар. Уоту кытта ураты сыһыан эмиэ ирдэнэр.
– Александр, бу көрүҥүнэн бастакы оҥоһуккар тохтоон ааһыахха.
– Бастакы оҥоһугум 2 м 40 см уһуннаах кынатын даллаппыт хотой этэ. Бу үлэбин оҥорорбор уһуйааччым Николай Иосифович сүбэ-ама буолбута. Ити 2021 сыллаахха этэ.
– Хара маҥнайгыттан көстүүлээх, киһи хараҕа туолар үлэтин ылсыбыт эбиккин. Кэлин туох үлэлэрдээххиний?
– Төҥүлүгэ Иван Иванович Борисов тимир уустарын күрэҕин тэрийбитэ. Онно тиийэн ньыгыл тимиртэн ыскамыайканы санаам иһинэн табыллан оҥорбутум.
Быйыл үһүс үлэбин мохсоҕолу оҥордум. Айылҕаҕа баар дьиҥнээх кээмэйин тутуһан. Быыһыгар быһах, анньыы, батыйа оҥоруутунан дьарыктанабын.
– Муосчут киһи бөдөҥ кээмэйдээх үлэлэри ылсар эбиккин. Тимири матырыйаал быһыытынан ордордоҕуҥ?
– Оннук. Тимиргэ кэлиэм иннинэ элбэх матырыйаалы боруобалаабытым. Муос да буоллун, муус, мас, көмүс да буоллун. Ол гынан баран көмүс миэнэ буолбатах эбит диэн чопчу биллим. Кэлин наар тимиргэ тохтоотум, ордордум. Тоҕо диэтэххэ кыаҕа киэҥ. Бу дьарыкпынан, оҥоһуктарбынан дьоҥҥо тимир ис кыаҕын көрдөрөр, арыйар баҕа санаалаахпын.
– Александр, искусство кэрэ эйгэтигэр аан бастаан сиэтэн киллэрбит уһуйааччылардаах буоллаҕыҥ дии?
– Муосчут идэтигэр сиэтэн киллэрбит киһибинэн Иннокентий Иннокентьевич Акимов буолар. Оттон училищеҕа Олег Иннокентьевич Соловьев үөрэппитэ. Искусство диэн эйгэ «прикладной» уонна «народные промыслы» өйдөбүллэригэр кини быыһы арыйан, сэгэтэн биэрбитэ. Оттон тимиргэ уһуйааччыбынан Николай Иосифович Михайловы ааттыыбын.
– Алексей, ааҕааччыларбытыгар «художественная ковка» – тимири уустаан-ураннаан охсуу диэни кылгастык быһаардахпытына хайдаҕый?
– Бу, дьиҥинэн, уопсай аат буоллаҕа дии. Иһигэр киирдэххэ, хайысхалардаах. Чеканка диэнтэн саҕалаан, иһэрдиигэ тиийэ. Маны барытын идэтийэн туран баһылыыр киһи, дьэ, кырдьык, таһымнаах оҥоһуктары оҥоруон сөп.
– Идэлээх киһи буоларыҥ быһыытынан ситиһиэххин сөп буоллаҕа дии.
– Баҕа санаа баар!
– Биһиэхэ бу хайысханы дьон ылынара хайдаҕый?
– Атын омуктарга «художественнай ковка» уруккуттан сайдыбыт хайысха. Күрүөттэн-хаһааттан саҕалаан, иһиккэ-хомуоска, миэбэлгэ тиийэ уустаан-ураннаан охсон, ойуулаан-дьүһүннээн таһаарар үйэлээх уопуттаахтар, баай историялаахтар. Биһиги бу хайысханы талан, «сахалар эмиэ тимиринэн сатаан дьарыгыраллар эбит ээ» дэттэрэрдии үлэлиэхпитин баҕарабыт. Онно бу Туймаада ыһыаҕын «Кудай Бахсы» түһүлгэтигэр бүгүҥҥү көрдөрүү тирэх буолуо диэн эрэнэбит!
– Оннук. Бу хайысхаҕа саҥа ааттар тахса туралларыгар баҕа санаабытын этэбит!
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан