25.05.2023 | 12:00

Тиит мас хатырыга тутууга туттуллуон сөп

Тиит мас  хатырыга тутууга туттуллуон сөп
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

ХИФУ инженернэй-техническэй институтун устудьуона Тимур Жебсаин Саха сиригэр киэҥник тарҕанан үүнэр тиит мас (даурская лиственница) хатырыгын тутууга туттуллар матырыйаал быһыытынан чинчийэр. Кини этэринэн, тиит мас бытархай гына үлтүрүтүллүбүт хатырыга сылааһы тутар уонна иҥэринэр (сорбирующий) кыахтаах.

Тимур тиит хатырыгын чинчийиинэн 6-ыс кылаастан дьарыктаммыт. Дьиэ кэргэнинэн 2011 сыллаахтан бу хайысхаҕа араас чинчийиилэри, уопуттары оҥорон, үөрэтэн саҕалаабыттар эбит.

“Тиит хатырыга билиҥҥитэ сылааһы тутар уонна иҥэринэр матырыйаал быһыытынан ханна да туттулла илик. Дьиҥэ, биһиги региоммутугар бу саамай тарҕаммыт чэпчэки тутуу матырыйаала буолар кыахтаах. Тиит биһиги сирбитигэр киэҥник үүнэринэн уонна хатырыгын бытарыттахха көпсөркөйүнэн атын матырыйааллары кытта холбоотоххо сылааһы тутар кыаҕа өссө үрдүөн сөп”, - диир эдэр чинчийээччи Тимур Жебсаин.

Кини бу чинчийиитинэн норуоттар икки ардыларынааҕы “Ломоносов-2023”  устудьуоннар, эдэр учуонайдар уонна аспираннар научнай конференцияларыгар ситиһиилээхтик кыттыбыт. Практическай уопуттары туруорарыгар ХИФУ Арктическай инновационнай киинигэр баар “Интергра спектра” спектральнай анализаторы туттубут. Хатырык тутулугун модификациятын үөрэппит. Маны таһынан бэйэтэ сыах куортамнаан чинчийиилэри ыыппыт.

“Бастатан туран, чинчийиибэр матырыйааллары бэлэмниирим үлэлээх соҕус этэ – сиидэлээһин, ыраастааһын, хочуолга термическэй обработкалааһын. Буһан тахсыбыт хатырык сылааһы тутар уонна иҥэринэр кыахтааҕа быһаарыллыбыта, - диэн кэпсиир Тимур, - үлэлии сылдьарбын хаартыскаҕа да сүгүн түһэрбэккэ хаалбыт эбиппин, суруналыыстар ыйыттахтарына, ыытарым да суох”, - диэн күлэн кэбиһэр.

Тимур Жебсаин этэринэн, Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар сылааһы тутар, көдьүүстээх уонна табыгастаах матырыйаалы көрдөөһүн наар бара туруохтаах. Сиртэн хостонор баайдары баһылааһын сайдыбыт кэмигэр, кыһын ититии систиэмэтигэр туттуллар уматык айылҕаҕа буортулааҕын өйдөөн туран, экология өттүнэн ыраас матырыйаалларга көһө сатыахтаахпыт. Тимур бу чинчийиитигэр тирэҕирэн инникитин араас хайысхаҕа боруобаланан көрүөн, оҥорон таһаарыыга, тутууга уонна тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр туһалаах саҥа арыйыыларга тиийиэн  баҕарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...