Тиэргэннэри тупсарыы графиктан хаалыыта суох иһэр
Тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ “Мин тиэргэним” Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит бырагырааматын уонна федеральнай таһымнаах “Уһук Илиҥҥэ – 1000 тиэргэн” бырагыраама иитинэн үбүлэнэллэр.
Сүрүн сакаасчыт “Главстрой” МХТ иһитиннэрбитинэн, билигин бэдэрээтчиттэр өрөмүөн үлэтин үгэнигэр сылдьаллар.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин тупсарыы үлэтэ сайын устата күүскэ барар. Үлэ хаачыстыбатын уонна болдьоҕун Олохтоох дьаһалта кыраҕытык хонтуруоллуур. Хонтуруол уонна бэдэрээтчиттэри гарантийнай эбээһинэстэрин толорторуу биир көдьүүстээх ньыматынан көһө сылдьар мунньахтар буолбуттара. Саас устата маннык мунньахтарга куорат олохтоохторо быһаччы кыттыыны ылбыт буоланнар, саҥа оҥоһуллар тиэргэннэргэ кинилэр баҕа санаалара барыта учуоттанарын бэлиэтиэх тустаахпыт. Былырыын оҥоһуллубут сорох тиэргэннэргэ дьоҕус архитектурнай формаларын сөбүлээбэтэх дьон бааллара, бастаан таларга — үчүгэй, кэлин туһанарга табыгаһа суоҕун бэлиэтээбиттэрэ. Оннук быһыы-майгы тахсыбатын туһугар олохтоохтор ырытыһыыларга көхтөөхтүк кытталлара ирдэнэр.
Бэдэрээтчиттэргэ эппиэтинэс үрдүк
“Основа” ХЭТ Ленин пр., 21-гэр үлэлиир. Тротуар билиитэлэрин тэлгэтии, бетонунан кутуу номнуо бүппүт. Мастерфайбер эрэһиинэ бүрүөһүҥҥэ анаан сири бетонунан тэҥнээбиттэр. Аспаалланар суолларга кумах уонна хайыр таас кутуллубут.
Ленин пр., 36-гар дьиэ подьеһын таһыма тиэргэн сириттэн намыһах буолан, сир кырсын тэҥнээһин үлэтэ тоҕоостоох буолбут. Тротуар уонна тиэргэҥҥэ киирии суол бордюрдарын бетоннаан эрэллэр.
Ойуунускай уул., 8/1 аадырыһыгар киирии суоллар уонна тротуардар бордюрдарын бетоннааһын, тротуарга брусчатканы тэлгэтии ыытылла турар. Петровскай уул., 23/1 тиэргэнигэр эмиэ маннык хабааннаах үлэ бара турар. Маннык үлэлэри бу бэдэрээтчит Каландаришвили уул., 40/4 у?????онна 38/3 аадырыстарыгар толоруохтаах.
Птицефабрика, 11, 13 тиэргэннэрэ бадарааннаах, куталаах сир буолан, сир дьапталҕатын быһан ылан уларытан эрэллэр. Тротуар, суол бордюрдарын бетоннаан эрэллэр. Маны таһынан, Можайскай уул., 15, 15/1, 15/2, П. Алексеев уул., 12, 12/1 тиэргэннэрин көрүөлэрин көтүрүөхтэрэ, тротуардары уонна подьездка киириилэри уларытыахтара.
Үлэ эрдэ былааннаммыт графигынан барар, онно олоҕуран от ыйын 28 күнүттэн – Каландаришвили уул., 21, 21/1, 21/2, 23/2, 23/4, от ыйын 25 күнүттэн – Петровскай уул., 32, 32/2, от ыйын 31 күнүттэн Чайковскай уул., 30/1, 30/3, 30/4 аадырыстарыгар үлэ саҕаланар. Барытын “Основа” ХЭТ бэдэрээтчит толоруохтаах.
Кальвица уул., 7/1, 9/1 тиэргэннэрин өрөмүөнүн бэдэрээтчитэ өссө быһаарылла илик.
Нэһилиэктэр кытта хапсаллар
«Техсервис» ХЭТ Лермонтов уул., 6-гэр көтүрүү үлэтин бүтэрбит. Оҕо балаһаакката туруохтаах сирин бетоннаабыттар, бордюр, тротуар бэлэм буолбут. Эрэһиинэ бүрүөһүнү уонна күрүөнү туруораллара хаалбыт.
П. Алексеев уул., 10 уонна Губин уул., 5/2 аадырыстарга бетон, бордюр үлэтэ, сири бэлэмнээн кумах уонна хайыр тааһы кутуу ыытыллар. Халтурин уул., 14-гэр эргэ аспаалы көтүрэллэр. Халтурин уул., 4-гэр эмиэ маннык үлэ саҕаланна.
Бэдэрээтчит «Кинг-95» ХЭТ Маҕан суолун, 2 км 1, 2, 3 дьиэлэрин территорияларын тупсарар. Аспааллааһыны саҕалыыллара кыра хаалбыт, эрэһиинэ бүрүөһүнү уонна тиэргэн обрудованиетын атырдьах ыйын 15-20 күннэригэр ситэрэр былааннаахтар.
Табаҕа сэлиэнньэтигэр Комсомольскай уул., 11-гэр, Тулагыга Связистар уул., 1, 2 аадырыстарыгар, Кангалааска Комсомольскай уул., 10-гар тутуу матырыйаалын тиэйбиттэр, эргэ бүрүөһүнү көтүрэн эрэллэр. Маны тэҥэ, «Кинг-95» ХЭТ үлэһиттэрэ Маҕаҥҥа Кыайыы 40 сыла уул., 3-гэр тиэргэни тупсараллар.
Быйыл өрөмүөннэнэр тиэргэннэр:
Автодорожнай уокурук: Птицефабрика уул., 11, 13;
Гагарин уокуруга: Можайскай уул., 15, 15/1, 15/2;
Губин уокуруга: Губин уул., 5/2;
Октябрьскай уокурук: Ленин пр., 36, Петровскай уул., 23/1, 32, 32/2, Ойуунускай уул., 8/1, Каландаришвили уул., 21, 21/1, 21/2, 23/2, 23/4, 40/4, 38/3;
Промышленнай уокурук: Кальвица уул., 7/1, 9/1;
Сайсары: Чайковскай уул., 30/1, 30/3, 30к4
Строительнай уокурук: Халтурин уул., 4, 14, Петр Алексеев уул., 10, 12, 12/1;
Центральнай уокурук: Ленин пр., 21, Лермонтов уул., 60;
Маҕан: Кыайыы 40 сыла уул., 3;
Марха: Маҕанныыр суол, 1, 2, 3;
Табаҕа: Комсомольскай уул., 11;
Тулагы Киллэм: Связистар уул., 1, 2;
Кангалаас: Комсомольскай уул., 10.
Тупсарыы үс бырагырааманан үбүлэнэр: куорат бүддьүөтүттэн бу сыалга 150 мөл. солк. көрүллэр, "Мин тиэргэним" өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама иитинэн — 150 мөл. солк., "Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн" федеральнай бырагырааманан — 150 мөл. солк.