Тиэргэнинэн ыллыыбыт...
Марха бөһүөлэгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Наум Трифоновичы Слепцовы эҕэрдэлээтэ. Эҕэрдэ кэнсиэркэ ИДьМ «Служба 02» ырыа ансаамбылын солистара, «Туймаада талааннара» бэстибээл кыттыылааҕа Евгений Рябченко уонна Наум Трифонович ыаллара кытыннылар. Олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэ тылы бөһүөлэк баһылыга Николай Ксенофонтов эттэ.
Наум Трифонович Слепцов Аҕа дойду көмүскэлигэр 1945 сыллаахха ыҥырыллыбыт уонна икки ыйдаах бэлэмнэнии кэнниттэн сулууспалыыр чааһын кытта Хайлар кириэппэһи штурмалааһыҥҥа кыттыыны ылбыт. Кыргыһыы кэмигэр Наум Трифонович пулеметунан дьоппуоннар кимэн киириилэрин иккитэ тохтотон, «Туйгун пулемётчик» анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Төрөөбүт дойдутугар 1950 сыллаахха эргиллибит.
Петр Алексеев, 21/3 дьиэтин олохтоохторо Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ Валентина Васильевна Ефремованы эҕэрдэлээтилэр. Олохтоох дьаһалта аатыттан эҕэрдэ тылы куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко эттэ. Оттон А. Г. уонна Н. К. Чиряевтар ааттарынан куорат национальнай гимназиятын үөрэнээччилэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна норуоттар икки ардыларынааҕы ырыа бэстибээллэрин лауреата Айыына Харабаева, эстрада ырыаһыттара Любовь Константинова – Кыталы Куо, Ариан Дьяконов, Киин уокурук «Доҕордоһуу тойуга» хора, Дайаана Иванова, Аввакум Алексеев, Артем Васильев, Арина Суюндюкова музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Валентина Васильевна Ефремова Аҕа дойду сэриитигэр Москва анныгар тааҥкалары тохтотор хаһыыларга сылдьыбыт, санитарнай дружинник куурсугар үөрэнэн, госпитальга үлэлээбит. Валентина Васильевна маны сэргэ «Катюша» фроннааҕы дьүөгэлэр кулууптарын бочуоттаах чилиэнэ.
Гагарин уокуруга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа 100 саастаах Семен Иванович Колтовскойу эҕэрдэлээтэ. Олохтоох дьаһалта аатыттан бэтэрээҥҥэ куорат баһылыгын солбуйааччы Георгий Гаврильев, ИДьМ миниистирин солбуйааччы полиция полковнига Сардана Кисанаева, Управа салайааччыта Евгений Сидоренко махтаннылар.
Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа, ИДьМ туйгуна, старшина Семен Иванович 1922 сыл балаҕан ыйын 14 күнүгэр 1922 сыллаахха Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэр төрөөбүт. Аҕа дойду Улуу сэриитин II-с истиэпэннээх уордьаннаах, «Бойобуой үтүөлэрин иһин», Германияны, Японияны кыайыы иһин, эҥкилэ суох сулууспатын иһин мэтээллэрдээх. Кыайыы саллаатын «Служба 02» ансаамбыл, 24 №-дээх С.И. Климаков аатынан оскуола 4 "б" кылааһын үөрэнээччилэрэ, Гагарин уокуругун олохтоохторо эҕэрдэлээтилэр.
202-с түөлбэ олохтоохторун кытта «Биир ньыгыл Арассыыйа» паартыйа Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Роман Тихонович Николаевы эҕэрдэлээбит.
Ньурбаттан төрүттээх Роман Тихонович 1944 сыллаахха эдэркээн 19 сааһыгар сэриигэ ыҥырыллан, Япония милитаристарын үлтүрүтүүгэ кыттыбыт, стрелковай отделение, звено хамандыырынан сулууспалаабыт. Кыайыыны уһансан баран эйэлээх олоҕу тутууга олоҕун анаан, киин куораты тутууга, кэккэ сылларга Өлөөн оройуонун Харыйалаах нэһилиэгэр киинэ мэхээнньигинэн үлэлээбит. Кэргэнэ Евдокия Прокопьевнаны кытта 65 сыл бииргэ олорон, элбэх ыччаттардаахтар.
Промышленнай уокурук олохтоохторо уокурук Бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Марияна Алексеевна Кузьмина салалтатынан Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа 98 саастаах Мартын Герасимович Григорьевы эҕэрдэлээтилэр, Опера уонна балет тыйаатырын артыыстарын ыллам ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Киин уокурук «Тиэргэнинэн ыллыыбыт» аахсыйа чэрчитинэн Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Кирилл Егорович Павловы эҕэрдэлээтэ. Бэтэрээҥҥэ Ыччат миниистирин солбуйааччы Надежда Мохначевская, уокурук салайааччыта Юрий Семенов, «Кыайыы волонтердара», устудьуоннар, оскуола үөрэнээччилэрэ махтаннылар, «Туймаада» Судаарыстыбаннай ырыа ансаамбыла «Журавли», «Темная ночь», «Туруйалар», «День Победы» о.д.а. ырыалары бэлэх ууннулар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускай куоракка 12 Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа , 10 Ленинград блокадатын кыттыылааҕа, 144 Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнин огдообото, 957 тыыл бэтэрээнэ, 6756 сэрии сылларын оҕото олорор.
(Хаартыскалар социальнай ситимнэртэн ылылыннылар)