Тиэргэни тупсарыы үлэтэ үс бырагырааманан ыытыллар
Быйыл Дьокуускай куоракка элбэх кыбартыыралаах 38 дьиэ тиэргэнэ тупсарыллыаҕа. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.
"Бэдэрээтчиттэр, сакаасчыттар кыттыылаах көһө сылдьар хамыыһыйалар үлэлэрэ саҕаланыаҕа. Олохтоохтору кытта көрсүһүүлэр буолуохтара, көҕүлүүр бөлөхтөр тэриллиэхтэрэ. Онно бэйэм хайаан да сылдьыһыаҕым", - диэтэ Евгений Григорьев.
Баһылык иһитиннэрбитинэн, быйыл киин куоракка үс бырагырааманан тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ салҕаныаҕа. Ол курдук, куорат бүддьүөтүттэн бу сыалга 150 мөл.солк. көрүллэр. Ону таһынан, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өйөбүлүнэн "Мин тиэргэним" бырагыраама үлэлиир. Итиннэ эбии былырыыҥҥыттан Юрий Трутнев көҕүлээһининэн "Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн" бырагыраама саҕаламмыта.
"Икки кэнники сылга барыта 90 тиэргэн тупсарылынна.
Сүрүн болҕомто тиэргэннэр территорияларын аспааллааһыҥҥа ууруллуоҕа" , - диэтэ куорат баһылыга.
Быйыл Дьокуускай куоракка Тупсарыы үс сыла түмүктэнэр.