Тиэргэни тупсарыы үлэтэ хайдах баран иһэрий?
«Уһук Илиҥҥэ – 1000 тиэргэн» федеральнай бырайыагынан Дьокуускай куоракка быйыл 75 тиэргэн тупсаран оҥоһуллар. Бу туһунан хаһыаппытыгар тиһигин быспакка сырдатабыт. Бу сырыыга нэһилиэнньэ санаатын истээри, Курашов уулуссатын 27, 27/1, 27/2, 29, 29/2 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин көрдүбүт, үлэ хаамыытын билистибит.
Ньургустаан Семенов, «Север-Строй” салайар хампаанньа маастара:
— Билигин Курашов уулуссатын 27, 27/1, 27/2, 29, 29/2 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин тиэргэннэригэр демонтаж бара турар. Саҥа бордюрдары, тротуардары уурабыт, ол кэннэ аспаал кутуллуоҕа уонна оҕо балаһааккатын оҥоруохпут. Билиҥҥитэ биир балаһаакка буора кутуллан турар. Үлэ барыта алтынньы 31 күнүгэр диэри бүтүөхтээх. Болдьохтон хаалыы суох, барыта график быһыытынан бара турар.
Екатерина Горосюк, «2003” ТСЖ бэрэссэдээтэлэ:
— Үлэ олох соторутааҕыта саҕаламмыта. Сорох үлэни тута миэстэтигэр быһаарабыт. Түмүгэр туох тахсыахтааҕын билбэппит, бырайыагы олохтоохтор бигэргэппэтэхпит. Үлэһиттэри уонна салайар хампаанньаны кытта уопсай тылы буллубут. Бэдэрээтчитинэн «Основа” ХЭТ үлэлиир.
— Үлэ чахчы алтынньы 31-гэр диэри бүтүө дуо, олохтоохтор саарбахтыыллар эбит?
— Оннук! Саарбахтааһын баар. Ол эрээри үлэ тэтимнээхтик барар диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьон үксэ аспаалы хаар үрдүнэн ууруохтара диэн сэрэхэдьийэр.
Олохтоохтор санаалара:
Николай:
— Үлэ бара турар эрээри, өр баҕайы оҥороллор эбит. Бордюрдарын сыыһа оҥорон быһыылаах, биир нэдиэлэни быһа көннөрдүлэр. Билигин саҥаттан оҥоро сылдьаллар. Инньэ гынан бириэмэлэрэ уһаан-тэнийэн иһэрэ барыбытын ыгылытар. Ханнык тэрилтэ оҥорорун бу диэн чуолкайдаан билсибэтэҕим. Тымныылар номнуо түһэн эрэллэр, быйыл бүтэрдэллэр бэрт буолуо этэ...
Пелагея:
—Үлэ барар, тохтоон турар диир кыаллыбат. Ол эрээри олус бытааннар. Харчылара кэлэн биэрбэт дуу, матырыйыыллара тиэллэн испэт дуу. Сүүс миэтэрэ кээмэйдээх уулуссаны үс ыйтан ордук оҥорон эрэллэр: бэс ыйа, от ыйа... этэҥҥэ балаҕан ыйыгар үктэнэн эрэбит.
Любовь:
—Мин быйыл сүнньүнэн даачаҕа сайылаатым. Куораттааҕы кыбартыырабар кэлэ-бара сылдьабын. Үлэһиттэрэ манна уһун сайыны быһа сырыттылар. Ол эрээри, мин көрүүбэр, бытаан курдуктар, ыксатар эмиэ кыаллыбат курдук. Саамай сүрүнэ – хаачыстыбалаах эрэ буоллар ханнык.
Григорий:
— Хата, куорат салалтата болҕомто ууран, тиэргэммит тупсар суолга киирдэ. Үлэлии сылдьар дьону туох да диир кыаҕым суох, үлэ күн аайы бара турар курдук, күн ахсын үлэһиттэр бааллар. Олох үлэлээбэттэр, сыталлар диир сатаммат буоллаҕа. Хаар түһүөр диэри бүтэрэллэр ини диэн эрэх-турах санаалаахпыт. Уонна, оттон, оҥоһуллан эрдэҕэ дии, онтон биһиги, олохтоохтор, үөрэбит эрэ.
Розалия:
— Кытаатан хаар түһүөр диэри аспаалын кута охсуҥ. Онуоха-маныаха диэри ардах суох дииллэр ээ.
Аркадий:
— Тиэргэммит дьэ тупсан эрэр, олорбуппут син ыраатта даҕаны. Хомойуох иһин, бырайыагы харахтаан көрө иликпин, баара дуу, суоҕа дуу, ким билэр. Саха сырайдаахтар манна үлэлээбэттэр, барыта кэлии дьон. Үрдүнэн-аннынан оҥороллоро да буолуо эрээри, суоҕунааҕар баара ордук. Ханнык хаһыаппын диэтиҥ?
— «Киин куорат» хаһыат. Олохтоох дьаһалта үбүлээн таһаарар хаһыата.
— Ээ, мээрбит хаһыата диэ. Дьэ, оччоҕо эдэр салайааччыга хаһыат нөҥүө махталбын тиэрдэбин! Чахчы, куорат сайдыытыгар, олоҕо тупсарыгар, суол да оҥоһуллуутугар кэнники кэмҥэ улахан болҕомто ууруллар буолла! Бу хайҕабыл! Бу эппиппин бэчээккэ таһаарар...