Тиэргэн территорияларын тупсаран оҥоруу түмүктэнэн эрэр
Тупсарыллыбыт тиэргэннэр аадырыстара: Рыдзинскай уул., 18/3, 18/4, 18/6, Короленко уул., 21, 21/1, Сэргэлээхтиир суол, 1, Көтөр фабриката уул., 6, 7, Чкалов уул., 1, Крупская уул., 21, 23,. Автодорожнай уул., 40/5, 40/6, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 23, Каландаришвили уул., 1, Ленин пр., 46, Лермонтов уул., 138/2, 138/3, 138/4.
Суоллары аспааллааһын, тротуардары оҥоруу 53 аадырыска бүттэ, итинтэн 18-һа – Строительнай, 15-һэ – Гагаринскай, 7-тэ – Киин, 6-та – Промышленнай, 1 – Губинскай, өссө биир – Сайсары уокуруктарыгар, 3 тиэргэн – Хатас сэлиэнньэтигэр. Ити эбийиэктэргэ аччыгый архитектурнай пуормалар (тренажердар, хачыаллар, ыскамыайкалар, ууруналар) өссө туруорулла иликтэр.
Алтынньы 20 күнүгэр диэри Рыдзинскай уул., 18/1 тиэргэнин аспааллааһын ыытыллар.
Суоллары уонна тротуардары аспааллааһын анал технологияны тутуһан оҥоһуллар. Оҕо балаһааккаларын бүрүөһүнүн тэлгэтии уонна аччыгый архитектурнай пуормалары туруоруу техническэй хонтуруол исписэлиистэрин кэтэбиллэринэн ыытыллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ тротуардары оҥоруу 99%, бүрүөһүҥҥэ бэлэмнээһин 95%, аччыгый архитектурнай пуормалары таҥыы 30% бүттэ.
Тиэргэннэри тупсарыы алтынньы 31 күнүгэр түмүктэниэхтээх.