13.03.2022 | 10:00

Тиэхиньикэ — сайдыы төрдө

Тиэхиньикэ — сайдыы төрдө
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Кэнники кэмҥэ өрөспүүбүлүкэбит киин куората тэтимнээхтик сайдара, ол иһигэр олох-дьаһах араас эйгэтигэр аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттиир саҥа тиэхиньикэ кэлэрэ нэһилиэнньэ сүргэтин көтөҕөр. Ол курдук, бу күннэргэ кин куоракка саҥа оптуобустар кэлитэлээн эрэллэр.

Саҥа оптуобустар кэлэллэр

Кулун тутар 3 күнүгэр Дьокуускайга ЯПАК муниципальнай тэрилтэ ылбыт КАВЗ мааркалаах 2 саҥа оптуобус кэллэ. Бу иннинэ, кулун тутар 1 күнүгэр, 4 оптуобус кэлбитэ, өссө 2 Тыындаттан айаннаан иһэр. Саҥа оптуобустары куорат баһылыга Евгений Григорьев көрдө-иһиттэ.

ЯПАК МУТ иһитиннэрбитинэн, оптуобустар кондиционердаахтар, иккилии хос стеклопакеттаахтар, муосталара эмиэ иккилии хос, эбии ититэр тэриллээхтэр уонна доруобуйаларынан хааччахтаах гражданнарга табыгастаахтар.  «Ходовой» чаастарын ЯПАК «туйгунунан» сыаналаата. Итини таһынан, саҥа тиэхиньикэ гааһынан айанныыр, экологияҕа буортута кыра уонна барыстаах.

«Бу сыл устата куорат кытыыларыгар сылдьар оптуобустар бүтүннүү саҥардыллыахтара. Итиннэ эбии 15 оптуобус куорат иһигэр сүүрүөҕэ. Маны таһынан, ЯПАК МУТ 10 оптуобуһа оройуоннар икки ардыларыгар сылдьар буолуоҕа. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан бары оптуобустар собуокка хомуллан кэлэргэ бэлэм тураллар», – диэтэ Евгений Григорьев. Кини өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уонна Тырааныспарга министиэристибэтин кытта бииргэ үлэлэспит былааннар уонна туруоруллубут соруктар ситиһиилээхтик олоххо киирэн иһэллэрин бэлиэтээтэ.

100 саҥа оптуобус Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар атыылаһылынна.

Манна даҕатан эттэххэ, саҥа оптуобустар бары Дьокуускайга муус устар 10 күнүгэр диэри кэлиэхтээхтэр. Ол иһигэр 65 КАВЗ мааркалаах улахан кылаастаахтары ЯПАК МУТ атыыласпыт. Итинтэн 55-һэ куорат иһигэр уонна нэһилиэктэринэн, оттон 10 оптуобус чугастааҕы оройуоннарга – Горнайга, Намҥа, Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка уонна соҕуруу өттүгэр – Алдаҥҥа, Нерюнгрига сылдьыахтара.

«Союз Авто» кэмиэрсийэтэ суох уопсастыба чааһынай таһааччылара атыыласпыт 35 ПАЗ оптуобустара «Вектор NEXT» мааркалаахтар, орто кылааска киирсэллэр.

 

Куорат тырааныспарын ситимэ оҥоһуллар

Дьокуускайга куорат тырааныспарын саҥа ситимэ оҥоһуллуута саҕаламмытын туһунан ааспыт ый ортотугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэн турар. Тырааныспар ситимэ саҥардыллыбыт марштруттардаах уонна автопааркалаах, оптуобустарга инфраструктуралаах, пассажирдарга табыгастаах буоларын курдук цифровой сервистаах буолуохтаах.

Министиэристибэлэр салайааччылара, куорат былааһа уонна туһааннаах тэрилтэлэр кыттыылаах мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев пассажирдары таһар эйгэни саҥа таһымҥа таһаарар соругу туруорбута. Кини ый иһигэр былаан бырайыагын бэлэмнииргэ сорудахтаабыта. «Дьокуускай – Уһук Илиҥҥэ уонна дойду бүттүүнүн да үрдүнэн саамай түргэнник улаатар куораттартан биирдэстэрэ. Манна уулусса ситимнэрэ кэҥииллэр, суол өрөмүөннэнэр, нэһилиэнньэ ахсаана улаатар. Итини кытта дьон ирдэбилэ эмиэ улаатар, өрөспүүбүлүкэбит киин куората олохтоохторун баҕа санааларыгар сөп түбэһиэхтээх», – диир Ил Дархан. Ол эрэн кини автопаарканы саҥардыынан эрэ муҥурданыы кыһалҕаны быһаарбатыгар, бүтүн систиэмэни уларытарга уолдьаспытыгар бүк эрэллээх.

Кини бэлиэтээбитинэн, оптуобустар төһө өр буола-буола сылдьыахтаахтарын, ханнык саҥа маршрут ирдэнэрин, ханна туһааннаах инфраструктураны, ол иһигэр сапараапкаланар сирдэри тэрийэр наадатын чуолкайдыырга научнай-чинчийэр үлэни ыытар, баар кыһалҕалары чопчу анаалыстыыр сорук турар. Итини барытын учуоттаатахха эрэ куорат саҥа тырааныспарын ситимэ оҥоһуллар кыахтаах. Маны сэргэ, Айсен Николаев киин куорат сайдыытын маастар-былаанын кытта тэҥнээн оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтиир. Кини этэринэн, саҥа ситим аныгы олох ирдэбиллэригэр толору эппиэттиирин ааһан, уопсастыбаннай тырааныспар кыһалҕатын саамай кырата уон сылга умуннарыахтаах.

Хомунаалынай эйгэ паарката саҥардыллар

Куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, былырыын 119 хомунаалынай тиэхиньикэни ылар курдук улахан үлэ ыытыллыбыт. Итинник миэрэлэр суолу көрүү-истии хаачыстыбатын тупсарарга, суукканы эргиччи, төгүрүк сыл тохтоло суох үлэлиир хомунаалынай тиэхиньикэ пааркатын саҥардыыга уонна кэҥэтиигэ туһуламмыттар.

«Хаарбах туруктаах хомунаалынай тиэхиньикэ элбэхтик алдьанар, ол иһин үлэ хаачыстыбата мөлтүүр, тэтимэ бытаарар. Итини таһынан, куоракка суолу тутуу уонна өрөмүөн көхтөөхтүк ыытыллар, сыл аайы саҥа уулуссалар суоллара, тротуардар эбиллэллэр. Балаһыанньаны тупсарар курдук хомунаалынай тиэхиньикэни улахан хабааннаахтык саҥардар туһунан быһаарыыны ылынныбыт», – диир  Инстаграм ситимигэр Евгений Григорьев.

Итини таһынан, 2022 сылга куорат салалтата уулуссалары хомуйуу ньыматын саҥаттан көрөр санаалаах.

«Түмүк уулуссаны сиппийэр массыына хас километры барбытынан буолбакка, уулусса төһө ырааһырбытынан көрүллүөхтээх», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир куорат баһылыга.

Тохсунньу ыйтан саҕалаан киин куоракка саҥа хомунаалынай тиэхиньикэ кэлэр.

Сергей Анатольевич Юрченко, «Якутдорстрой» АУо автобаазатын начаалынньыга:

Муус устар 15 күнүгэр диэри 18 устуука хомунаалынай тиэхиньикэ кэлиэхтээх. Билиҥҥи туругунан 6 ДЗ-98В грейдер кэлбитэ, учуокка туруорар, докумуоннаһар үлэ бара турар. Итиннэ эбии 6 МТЗ-82 тыраахтары, СМП-18 хаар таһары, тиэйэр эсколаторы, 2 КАМаз самосвалы, ууну уонна кумаҕы ыһар массыынаны күүтэбит. Былаан быһыытынан өссө 34 устуука Арассыыйаҕа уонна 11 устуука омук сиригэр оҥоһуллубут тиэхиньикэ кэлиэхтээх этэ, ол эрэн аан дойду үрдүнэн буола турар балаһыанньанан сибээстээн хайдах буоларын этэр кыаҕым суох. Ити хайысханан Олохтоох дьаһалта өттүттэн үлэ барар, тиэхиньикэ атыылаһыытын кинилэр үбүлүүллэр. Саамай элбэх ахсааннаах тиэхиньикэ бүтэһигин 2013 сыллаахха кэлбитэ, ол сыл биһиги 72 устуука тиэхиньикэни туппуппут, онтон кэнники сылларга аҕыйахтыы кэлэр. Быйыл былаан быһыытынан от ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйыгар диэри сайаапкалаабыт тиэхиньикэбит барыта кэлиэхтээх.

ЫБММ сулууспаларыгар – саҥа тиэхиньикэ

Саха сиригэр 20 араас тиэхиньикэ баһаарынай уонна саахалтан быыһыыр үлэлэргэ кэллэ: 10 баһаарынай КАМаз баазалаах автоцистерна уонна 10 саахалтан быыһыыр массыына.

Саҥа тиэхиньикэ күлүүстэрин үөрүүлээх быһыыга-майгыга Баһаары утары уонна быыһыыр сулууспалар улуустааҕы уонна куораттааҕы салааларын бэрэстэбиитэллэригэр вице-премьер Дмитрий Садовников уонна Нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Лепчиков туттардылар.

Саахалтан быыһыыр 10 массыына күлүүһүн быыһыыр сулууспалар Халыматааҕы, Бүлүүтээҕи, Ленскэйдээҕи, Нерюнгритааҕы, Үөһээ Дьааҥытааҕы уонна Дьокуускай куораттааҕы этэрээттэргэ туттардылар. Итини кытта 10 баһаарынай автоцистерна күлүүһүн – ГПС Анаабырдааҕы, Аллайыахатааҕы, Мэҥэ Хаҥаластааҕы, Намнааҕы, Усуйаанатааҕы, Хаҥаластааҕы уонна Дьокуускай куораттааҕы салаалара туттулар.

Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, тиэхиньикэни былырыын өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан атыыласпыттар. Ол курдук, нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйар сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн 563 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 45 тиэхиньикэ ылыллыбыт. Хаалбыт 25-һэ Саха сиригэр муус устар ыйга диэри кэлиэхтээх.

Кэмитиэт баһылыга Дмитрий Лепчиков чуолкайдаабытынан, Саха сиригэр ГПС 153 территориальнай салаата үлэлиир, итинтэн 47 баһаарынай чаас уонна 106 аҕыйах ахсааннаах чаастар. Кинилэр 405185 киһилээх 228 нэһилиэнньэлээх пууну көрөллөр-истэллэр. Күн аайы төгүрүк суукканан дьуһуурустубаҕа 491 киһи уонна 330 тиэхиньикэ тахсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...