Тиһэх чуораан чугдаарда, БКЭ чугаһаата
Быйылгы үөрэх дьыла хайдах ааста? Пандемия төһө охсуулаах буолла? Оскуоланы бүтэрээччилэр ханнык идэҕэ талаһаллар? Бу туһунан төрөппүт, учуутал уонна үөрэнээччи санаатын истиэххэ.
ОҔОЛОРБУТУГАР ОЛОХ КИЭҤ ААРТЫГА АРЫЛЛАР
Алла Прокопьевна Евсеева национальнай гимназия төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ 7 сыл буолла:
— Быйыл Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияны кыра уолбут бүтэрэр. Үс сыллааҕыта төрдүс оҕом эмиэ бу оскуоланы бүтэрбитэ. Ол кэми уонна билиҥҥи кэми тэҥниир буоллахха, уратыта олус элбэх буолан таҕыста. Бастатан туран, аан дойдуну аймаабыт коронавирус дьаҥа олохпут тутулун биллэрдик уларытта. Ыарыы тэнийбэтин наадатыгар оскуола оҕолоро дьиэттэн олорон үөрэнэргэ күһэлиннилэр. Ол бастаан кэккэ ыарахаттары үөскэппитэ саарбаҕа суох. Интэриниэт мөлтөҕө улахан харгыс буолар. Ити куорат кытыытыгар олорор оҕолорго ордук биллибитэ. Ону таһынан алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ маннык үөрэх тутулугар оҕустардылар. Учуутал дуоска иннигэр турарын оннугар көмпүүтэр нөҥүө олорон истэр, манна оҕо өйдөөбөтөҕүнэ тута быһааран биэрэр уустуктардаах быһыылааҕа. Төрөппүттэр иккис учуутал оруолун толорон, ону илдьиритэн, быһааран биэрээччинэн буоллулар. Бу диэн эттэххэ, кинилэр эмиэ бэйэлэрэ туһунан үлэлээх дьон, онуоха "ханна да суруллубатах" эбээһинэс курдук эбилиннэ. Ол да буоллар төрөппүт барахсан оҕотун туһугар тугу кыайбатаҕа баарай. Этэҥҥэ оҕолорун кытта бииргэ үөрэх дьылын түмүктээн эрэллэр. Үрдүкү сүһүөх оҕолоро маннык үөрэхтээһин ньыматыгар син тута киирбиттэрэ.
Иккиһинэн, бары бииргэ, учуутал-үөрэнээччи-төрөппүт диэн биир ситиминэн үлэлиир тэрээһиннэрбит үгүстэрэ тохтотуллубуттара. Пандемия саҕаланыан иннинэ олус киэҥ, баай ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытарбыт. Үгүстэр үтүө үгэскэ кубулуйбутттара. Холобур, «Көмүс түгэн” диэн үөрэх дьыла саҕаланыытыгар ыытар тэрээһиммит киэҥ бырагыраамалаах буолара. «Рождественское чудо” диэн аһымал аахсыйабыт үрдүк таһымҥа ыытыллара. Киирбит үп тута кыһалҕалаах дьиэ кэргэҥҥэ тиксэриллэрэ. Оттон Ороһуоспатааҕы баалбыт оскуола төрүттэниэҕиттэн тэриллэр буолан, өрөспүүбүлүкэ үгүс оскуолаларыгар төһүү холобур буолбута. Ону таһынан хаһыс да сылын “Ааҕыы көлүөнэни ситимниир” диэн дьиэ кэргэнинэн ааҕыы түһүлгэтин тэрийэбит. Бу тэрээһин элбэх дьон сэҥээриитин ылан, билигин эмиэ атын оскуолаларга холобур буолла.
Сааскы уонна күһүҥҥү кэмнэргэ "Родительский патруль" үлэлиир. Оҕолорбут олохторо чөл буоларыгар, төрөппүттэр бары биир сүбэнэн киэһэ өттүгэр дьуһуурустубаҕа тахсар этибит. Өссө биир үтүө үгэспитигэр кубулуйбут тэрээһиммит – ыһыах. Хомойуох иһин, үөһэ ааттаабыт тэрээһиннэрбит пандемия кэмигэр тохтоон тураллар. Санаабытын туһэрбэппит, олох ирдэбилигэр сөп түбэһэн, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт.
Аҕыйах хонугунан 11-с кылаастарга Тиһэх чуораан буолаары турар. Төрөппүттэр оҕолорбутуттан итэҕэһэ суох долгуйабыт. Бастаан утаа онлайн халыыбынан буолуо диэн онно бэлэмнэммиппит. Билигин куорат хас биирдии оскуолатыгар Тиһэх чуораан линиэйкэтэ ыытыллар буолла. Үөрүүлээх сурах төрөппүттэргэ уонна оскуоланы бүтэрээччилэргэ үйэлэргэ умнуллубат өйдөбүл буоларын өйдөөн, оскуола кэлэктиибэ бары ирдэбиллэри тутуһан тэрийэр буолбута биһигини үөрдэр. Үрдүк таһымҥа ыытыллыа диэн бигэ эрэллээхпит. Уопсайынан, оскуоланы бүтэрэр оҕолордоох төрөппүттэргэ маҥнайгы тыын боппуруоспут – хайдах быһыылаахтык дьаһанабыт диэн. Аныгы кэмҥэ ханнык баҕарар тэрээһин ороскуота суох буолбата чахчы. Төһө кыалларынан, табыгастаах суолун уонна ньыманы толкуйдуу сатыыбыт. Син биир оҕолорго өйдөбүнньүк альбом оҥоһуллар, үөрэппит учууталларга төрөппүт уонна үөрэнээччи аатыттан сэмэй бэлэх уонна сибэкки дьөрбөтө туттарыллар. Үөрүүлээх түгэҥҥэ оҕолорбут бырааһынньыктааҕы көстүүмнэрэ уонна да бытархай ороскуоттар тахса тураллар. Таһырдьа буолар буоллаҕына, төрөппүттэр кэлэн оҕолорун үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстиэ этилэр диэн баҕа санаалаахпыт.
Инникитин олохпут өссө тупсан, бары бииргэ түмсэн, оҕолорбут эрэллээх эркиннэрэ буола туруохпут. Эһиги иннигитигэр киэҥ уонна уустук олох аартыга арыллар. Ол суолга туохтан да чаҕыйбакка, үтүөнү, кэрэни батыһа эрэллээхтик айаннааҥ диэн алгыыбыт.
БКЭ-ҕэ күүспүт-кыахпыт баарынан бэлэммит
Татьяна Леонидовна Крылова, национальнай гимназия 11 “Б” кылааһын салайааччыта:
– Мин гимназияҕа үлэлиэхпиттэн быйыл иккис выпуһум бүтэрэн эрэр. Быйылгы сылга кылааспар 27 оҕо үөрэҕи түмүктээн, олох киэҥ аартыгар тахсар.
Былырыын кулун тутар ыйыттан саҕаламмыт пандемия быйылгы оскуоланы бүтэрээччилэргэ кэккэ кыһалҕалары үөскэттэ. Ол да буоллар учууталлар да, оҕолор да, аныгы кэм ирдэбилигэр эппиэттэһэн, үөрэх бырагырааматын барытын онлайн халыыыбынан үөрэтэн бүтэрдибит. Быйылгы үөрэх дьылыгар кыра-кыра бөлөхтөрү тэрийэн син үөрэннибит. Профильнай үөрэхтээһин систиэмэтинэн хас биирдии үөрэнээччи БКЭ туттарар. Буолаары турар эксээмэннэргэ күүспүт-кыахпыт баарынан бэлэммит.
Быйыл кылааспытыгар сэттэ оҕо кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэриэхтээх. Оҕолорум бары “4”, “5” сыанаҕа үөрэнэннэр, оскуолаларын ситиһиилээхтик түмүктээри сылдьаллар. Биллэрин курдук, БКЭ түмүгэ элбэҕи быһаарар.
Тиһэх чуораан бырааһынньыгын куорат салалтатын, үөрэх салалтатын ирдэбилинэн онлайн хабааннаахтык ыытыахтаахпыт. Zoom уонна YouTube балаһааккаларга оҥостон, бэлэмнэнэн олоробут.
ДИСТАНЦИОННАЙ ҮӨРЭХ ТУОХ ДАҔАНЫ ҮЧҮГЭЙЭ СУОХ
Роман Саргыдаев, национальнай гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
– Этэргэ дылы, информационнай үйэҕэ олорон юрист идэтин баһылыыр санаалаахпын. Аныгы Арассыыйаҕа быраап наада. Билигин сүрүн сыалым – Москватааҕы О.Е. Кутафин аатынан судаарыстыбаннай юридическай университет. Манна нуучча тылын, историяны уонна обществознаниены туттарабын.
Мин санаабар, 2020-2021 үөрэх дьыла аан дойду историятыгар киирэр буолла уонна биһиэхэ, оскуоланы бүтэрээччилэргэ, олус суолталаах кэми аҕалла. Ол эбэтэр быйылгы үөрэх дьылын үөрэнээччи бэйэтэ дьаныһан туран ылыммыт эрэ буоллаҕына, ситиһэн тахсар. Гимназиябыт, төһө да ыарахан кэм буолбутун иһин, биһиэхэ туох баар наадалааҕы иҥэрдэ. Онон буолаары турар БКЭ-ҕэ үчүгэй түмүктэри көрдөрөр инибит диэн санаалаахпын.
Кылааспытыгар 25 оҕо үөрэнэр, бары наһаа бэһиэлэйдэр, түмсүүлээхтэр. Ыарахантан толлубакка, 11 кылааһы түмүктээн эрэбит. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум медицина үөрэҕэр бараары сылдьаллар уонна дойду киин куораттарыгар техническэй идэлэргэ туттарсар былааннаахтар.
Дьиэҕэ үөрэнэр биир эрэ үчүгэйдээх – элбэх бириэмэ тус бэйэҕэр ананар. Субу бэриллэр кэрчиги таба туһаннахха, мин санаабар, пандемияны кыайбыт курдук сананыахха сөп. Аһаҕастык эттэххэ, дьиэттэн олорон үөрэнии туох да үчүгэйэ суох.
Быйылгы үөрэх дьыла ыараханнык, эт-тирии, ньиэрбэ бөҕөтө баранан түмүктэнэн эрэр. Оҕолору БКЭ күүтэр. Оттон аныгыс сырыыга банкекка бэлэмнэнии сүпсүлгэнин туһунан суруйуохпут, ханна, туох төһө сыанаҕа атыыланарын кэпсиэхпит.