30.05.2020 | 10:49

Тиһэх чуораан чугдаарда

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атын кэм эбитэ буоллар, баччаларга бүтэһик чуораан чугдааран, эксээмэннэргэ бэлэмнэнии, онтон банкеттар сүпсүлгэннэрэ буолуо этэ. Билигин олохпут барыта онлайн эрэсиим диэҥҥэ көстө. Аттарбыт онлайн сүүрэллэр, күрэхтэһиилэр онлайн ыытыллаллар, эгэ, үөрэхпит, эксээмэннэр, сотору үбүлүөйдэр, сыбаайбалар онлайн тэриллэллэрэ буолуо. 200 тыһыынча киһи сылдьар ыһыаҕын онлайн оҥорор буоллахтарына, 200 киһилээх уруу баҕас таах тэриллэр буоллаҕа.

Сотору маннык олоххо үөрэнэн да барарбыт буолуо. Ол эрээри саха барахсан тутан-хабан, имэрийэн-томоруйан, илэ амсайан көрбөтөҕүнэ аһы ас диэбэт, таҥаһы таҥас диэбэт эбээт. Эгэ, ол күтүөккүн, кийииккин онлайн эрэ билсэн баран сөп диэн бигэргэтэриҥ саарбах.

Тиһэх чуораан сорох оскуолаларга чугдаарда, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эмиэ онлайн ыытылынна. БКЭ бэс ыйын 29 күнүттэн саҕаланыан сөп диэн сабаҕалыыллар эрэ. Чуолкайа өссө биллибэт. Манна быйыл бүтэрээччи оҕолор, учууталлар, ону тэҥэ төрөппүттэр төһөлөөх санаалара түспүтүн, барар-кэлэр быыс-хайаҕас толкуйдаан түүннэри утуйбаттарын айбыт таҥара эрэ билэн-көрөн эрдэҕэ.

Биһиги бүгүн эксээмэннэри, үөрэххэ киириини буолбакка, банкеттар тустарынан кэпсэтиэххэ.

Урут банкет диэн оскуоланы бүтэрээччилэргэ эрэ буолар эбит буоллаҕына, билигин оҕо саадын, төрдүс, тохсус кылааһы түмүктээччилэргэ эмиэ тэриллэр.

Алта сыллааҕыта кыыһым куорат биир сахалыы тыллаах гимназиятын бүтэрбитэ. Этэргэ дылы, оччолорго улахан тургутугу ааһан, сорохтор кэпсэтиинэн да буолуо, кыахтаах, мааны ыал оҕолоро үөрэнэллэрэ. Дьэ арай сааскыттан саҕалаан мунньахтар буолан бардылар, барыта банкет айдаана. Хастыы тыһыынчаны мунньабыт, кимиэхэ, туохха бэлэх биэрэбит. Остуорастарыгар, харабылларга тиийэ испииһэк оҥордулар. Олох аҕыйах ый хаалбытын кэннэ 25 000 солк. диэн буолла. Мин биир бэйэм сууллан кэлэ сыстым. Атын оскуолалар күһүҥҥүттэн мунньахтаан ый аайы кыралаан харчыларын мунньаллар эбит. Суоттаан көрдүбүт, кылаас хас биирдии оҕото бачча харчыны биэрдэҕинэ (28 оҕо) – 700 000  солк. буолар!!!

Соһуйбут, утарыласпыт төрөппүт үһүөбүт эрэ. Санаан көрүҥ – үһүөбүт! Атыттар олох кыһамматтар, үлүмнэһии бөҕөлөрө, туох да саамай “шикарнай” ресторан, Өлүөнэ остуолбаларыгар күүлэйдээһин, үөрэппит, үөрэппэтэх учууталларга, оскуола аатыгар бэлэх, альбом, өйдөбүнньүктэр тустарынан этэ да барбаккын. Тута ууран биэрэргэ дьэ улахан суума этэ.

Бу кэннэ мин суруналыыс киһи буоларым быһыытынан хаһыакка “айдаан” таһаарарга быһаарынным. Кэлэн кыргыттарбар кэпсээтим, сытыы бөрүөлээх суруналыыспыт Сардаана Багынанова бу тиэмэни ылсабын, сытыы матырыйаал суруйабын диэтэ. Манна кыбытан эттэххэ, бу кэмҥэ бииргэ үөрэммит дьүөгэм Сунтаарга оҕото бүтэрэр банкетыгар төрөппүттэр айдаан бөҕөнөн үстүү тыһыынчаны хомуйдубут диэбитэ.

Дьэ, хаһыаппытыгар, кырдьык даҕаны, улахан ыстатыйа тахсыбыта. Бу кэннэ тута үөрэх управлениетыгар, оскуолаларга бэлэх-туһах сууматын аччатыы, бэрээдэктээһин, сокуон, ыйаах ылыллан барбыта. Ол курдук бас-баттах төрөппүттэр суумаларын арыый аччаппыттара. Ол да буоллар, оҕом теплоходунан уста барартан аккаастанан син биир 15 000 кыттыспыппыт. Манна эбэн кэбис, кыыс оҕоҥ былаачыйатын, түүппүлэтин, парикмахерын, визажиһын. Аны бэйэҥ эмиэ маанытык таҥныахтааххын. Чэ, уруккуну-хойуккуну ахтан аастахха итинник.

Оттон быйыл хайдаҕый?

Күндэлиинэ Трофимовна кылааһын оҕолорун кытта. 2019 сыл, балаҕан ыйын 1 күнэ

Күндэлиинэ Трофимовна Кириллина, А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия саха тылын уонна литературатын учуутала, 11 “А” кылаас салайааччыта.

– Биһиги гимназиябытын быйыл икки кылаас бүтэрэр. Ол курдук, биһиги “А” уонна “Б” кылаас, салайааччылара, математика учуутала Иванова Надежда Николаевна кылааһа. Быйыл биһиги гимназиябытыгар 28-с выпуск буолабыт.

Хомойуох иһин, аан дойду үрдүнэн маннык балаһыанньа тирээн, биһиги оҕолорбут барахсаттар киһи олоҕор хаһан да хатыламмат, биирдэ буолар олус үчүгэй, сырдык, эмиэ да үөрүүлээх, эмиэ да курус бырааһынньыктан матан хааллылар. Ол гынан баран биһиги онтон санаабытын түһэрбэппит, оҕолорбутугар төһө кыалларынан бу күнү эмиэ биир умнуллубат, бэлиэ күннэрэ буолан өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр хаалыа диэн туох баар сырабытын ууран тураммыт, интэриниэт технология ньыматын туһанан “ЗУМ” платформанан кылаас чааһын ыытыахтаахпыт. Онно бүтэһик уруоктар ыытыллыахтара, учууталлар алгыс тыллара этиллиэхтэрэ. Тиһэх чуорааммытын бастакы үөрүүлээх чааһын Ютубка ыытабыт диэн быһаарбыппыт. Онно быһа эпиир буолуохтаах. Кылаастар бэйэлэрин тустарынан видеороликтара, администрация эҕэрдэтэ, маҥнайгы учууталлара, 5-8 диэри илдьэ сылдьыбыт кылаас салайааччыларын эҕэрдэлэрэ киириэхтэрэ. Ол кэнниттэн “ЗУМ” платформаҕа кылаас чааһа буолуоҕа. Биһиги бу тэрээһиммитин “Алтан чуораан алгыһынан” диэн ааттаатыбыт.

Бастаан оҕолор барахсаттар, биллэн турар, наһаа хомойбуттара. Мин санаабар, өрөспүүбүлүкэбит эрэ буолбакка, Арассыыйа муннугар олорор  хас биирдии оҕо санаарҕаабыт буолуохтаах. Мин кылааһым оҕолоро бу күнү наһаа кэтэспиттэрэ, 11 сылы быһа күүппүппүт уонна маннык буолан хаалла диэн кыһыйаллар, абараллар аҕай. Бастаан онлайн, “ЗУМ” нөҥүө буолар диэн эппиппэр итэҕэйбэтэхтэрэ, оонньуу-көр курдук ылыммыттара. Кырдьык, саныахха да дьикти буоллаҕа. Онтон оннук эрэ буолар диэн өйдөппүппүт кэннэ, чахчы онтон атыннык табыллыбат эбит диэн ылыммыттара. Дьэ ол кэннэ турунан туран кэлин көрө сылдьарга диэн наһаа истиҥ видеороликтары уһуллубут.

Төрөппүттэр оҕолорун эмиэ аһыналлар. Маннык үчүгэй, кэрэ бырааһынньыктан оҕолорбут маталлар диэн. Хайыахпытый, ханнык баҕарар түгэҥҥэ киһи санаатын түһэрбэккэ иннин диэки дьулуһуохтаах, ханнык баҕарар быһыыттан-майгыттан тахса үөрэниэхтээх. Онон бу сырдык бырааһынньыгы биһиги эмиэ сүргэбит көтөҕүллэн туран, биир санаанан салайтаран бырааһынньыкпытын үөрэ-көтө ыытаары бэлэм сылдьабыт.

Лия Алексеева:

– Мин оҕом уһуйааныгар выпускнойа буолбат буолла. Күһүҥҥүттэн саҕалаан банкекка харчы хомуйан саҕалаабыттара. Оҕо биир төрөппүтүн кытта рестораҥҥа банкеттыыра, араас бэлэҕи-туһаҕы ааҕан туран 9000 солк. диэн суоттаабыттара. Орто таһымнаах ыал биирдэ ууран биэрэрин ыарырҕатар суумата. Биһиги төлөбүрүн ыарырҕатан, официальнай чааһыгар сылдьан баран, бэйэбит дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктыыр былааннаах этибит. Онтубут да табыллыбата. Быйылгы выпускниктар бары да банкета суох хааллылар. Аны күһүн бастакы чуорааммыт бырааһынньыга кытта буолбат кутталлаах. Оҕобут “садикпын бүтэрбэккэ сылдьан хайдах оскуолаҕа барабыный?” диэн ыйытар, оттон биһиги маҥнайгы кылааспыт дистанционнай үөрэх буолара буолуо диэн куттанабыт.

Ирина:

– Кыра уолум уһуйаанын бүтэрэн оскуолаҕа барыахтаахпыт. Манна выпускнойга диэн 5-тии тыһыынчаны хомуйуохтаах этибит. Хаартыска альбомугар, иитээччилэргэ, үлэһиттэргэ, оҕолорго бэлэххэ диэн. Маны таһынан оптуобус ылан “Орто Дойду”  зоопаркатыгар барыахтаах этибит. Уһуйааммытыгар бырааһынньыктааҕы кэнсиэр, астаах остуол былааннаммыта. Ол кэннэ дьэ зоопаркабытыгар айанныахтаах этибит. Оҕолор ырыа, хоһоон, английскай тылынан сыаҥка үөрэтэн, бэлэмнии сылдьыбыттара.

Бу биэс тыһыынчабытыттан фотосессияҕа уонна альбомҥа – 2000, оҕолорго бэлэх – 1000, иитээччилэргэ уонна айылҕаҕа сылдьыыга – 2000 солк. былааннаммыта.

Барыта хаалла, ыам ыйын 30 күнүгэр онлайн выпускной тэрийэбит уонна тарҕаһабыт. Оҕолор улаханнык наадыйбаттар, иитээччилэр уонна төрөппүттэр оҕолорбут бырааһынньыга суох хааллылар диэн бары хомойобут.

Изабелла Петровна:

– Быйыл оҕом  оскуоланы бүтэрэр, олох киэҥ аартыгар үктэнэр үөрүүлээх сыла. Бу күһүҥҥүттэн выпускной бырааһынньыгар бэлэмнэнэн барбыппыт. Сэтинньи ыйга анаан-минээн планшет фотоальбом оҥоттороору фотосессия тэрийбиппит. Онтубут сыаната 3000 солк. Банкекка диэн кыра-кыралаан харчы биэрэ сылдьыбыппыт, 5-6 тыһыынча буолла быһыылаах этэ. Ону таһынан учууталларга бэлэх, оҕолорго бириис, бэлэх-туһах, олус ороскуоттаах эрээри, хайыахпытый, оҕобут биир улахан бырааһынньыгын төһө кыалларынан үчүгэйдик тэрийэ сатыыр буоллахпыт... Хомойуох иһин, банкеппыт тохтоото, баҕар, бэс ыйыгар дииллэр даҕаны, саарбахтыыбын. Тиһэх чуораан онлайн ыытылынна. Оҕолор хомойоллор, ол эрээри аан дойду үрдүнэн маннык балаһыанньа буолла диэн бары өйдүүбүт. Оҕолор, төрөппүттэр даҕаны көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэ, күлсэ, сэлэһэ түһүөхпүтүн баҕарабыт. Күһүн диэн былааннаатыбыт. Бу кэннэ өссө биир кыһалҕа, эппиэтэ суох боппуруос турар: орто анал, үрдүк үөрэх кыһаларыгар ханна, хайдах туттарсабыт?!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...