27.10.2022 | 16:30

Тэттик сонуннар

Тэттик сонуннар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин бастыҥ спортсменнара Бүтүн Арассыыйатааҕы күүстээх спортсменнар 1-кы Спартакиадаларыттан 9 мэтээли уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы паралимпиецтар сайыҥҥы оонньууларыттан 14 мэтээли аҕаллылар. Кыайыылаахтары үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 2 №-дээх Дьиэтигэр үрдүк таһымҥа тэрилиннэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир Киин дириэктэрэ Михаил Пахомов уонна Адаптивнай физическэй култуура-спорт Киинин дириэктэрэ Ньургун Иванов спортсменнарбыт кыттыыларын туһунан  сүрүн иһитиннэриилэри оҥордулар.

Күүстээх спортсменнар Спартакиадалара Казаньҥа уонна Москваҕа атырдьах ыйын 10 күнүттэн саҕаланан баран алтынньы 2 күнүгэр түмүктэммитэ. Арассыыйа ити Спартакиадата 2024 сыллаахха Францияҕа буолар Олимпийскай бырагыраамаҕа сөп түбэһиннэрэн ыытыллыбыта. Сахабыт сирин спортсменнара спорт аҕыс көрүҥэр кытыннылар. Дзюдоҕа Карина Ефимова – кыһыл көмүс, Надежда Татарченко – үрүҥ көмүс; Наталья Леонтьева 10 км сүүрүүгэ – үрүҥ көмүс; классическай оҕунан ытыыга Рената Гаврильева, Кристина Устинова, Розалина Тимофеева – үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэри; көҥүл тустууга Петр Копылов, Севиль Назарова – боруонса мэтээллэри; стендовай ытыыга Петр Егоров боруонса мэтээли ылаттаатылар.

Сочига буолан ааспыт Норуоттар икки ардыларынааҕы “Паралимпиецтар сайыҥҥы оонньууларын” күрэхтэһиилэригэр Арассыыйа 72 регионуттан 1200 спортсмен, ону таһынан Германия, Сербия, Мали уонна урукку бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэртэн барыта омук уон дойдутуттан кыттыыны ыллылар. Доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар спорт тоҕус көрүҥэр күрэхтэстилэр. Кыһыл көмүс мэтээллэри харбааһыҥҥа Анастасия Диодорова, блочнай оҕунан ытыыга Виктор Скрыбыкин, дьаадыраны анньыыга Василина Иванова, Виктория Петрова, үрүҥ көмүс мэтээллэри тхэквондоҕа Татьяна Белова, үҥүүнү быраҕыыга Айаал Сивцев, боруонса мэтээллэри остуол тенниһигэр Михаил Неустроев, блочнай оҕунан ытыыга Дьулустаан Захаров ылаттаатылар. Үгүстэрэ иккилии-үстүү көрүҥнэргэ миэстэлэстилэр.

Спортсменнары бэлэмнээбит тренердэр, ол иһигэр оҕунан ытыыга Анатолий Николаевич Тимофеев, Михаил Михайлович Филатов, Балдар Батомункуевич Балданов, чэпчэки атлетикаҕа Дмитрий Васильевич Колесов, Василий Афанасьевич Спиридонов, көҥүл тустууга Яков Яковлевич Филиппов, Александр Савельевич Оконешников, Адаптивнай спорт тренердэрэ чэпчэки атлетикаҕа Петр Николаевич Давыдов, Василий Андреевич Оленов, оҕунан ытыыга Андрей Андреевич Иксман, Петр Васильевич Андросов, тхэквондоҕа  Руслан Александрович Поисеев, Яков Васильевич Гаврильев, остуол тенниһигэр Макар Николаевич Дьяконов наҕараадаланнылар.

Спорсменнарбыт инникитин өссө күүскэ эрчиллэр, маастарыстыбаларын  чочуйар, спорт үрдүк чыпчаалларын дабайар соруктаахтар.

Өрөспүүбүлүкэ министиэристибэтэ көҕүлээн ыытар “Хас биирдии оскуолаҕа – спорт легендалара” аахсыйа Василий Михайлович Владимиров дириэктэрдээх Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатыгар буолан ааста. Икки тыһыынча үөрэнээччилээх оскуола спортсменнара актовай саалаҕа муһуннулар. Улуу тренер Д.П. Коркин Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээккэ эрчийэн таһаарбыт иитиллээччилэрин туһунан киинэни көрдүлэр, үөрэнээччилэр музыкальнай эҕэрдэлэрин иһиттилэр, Коркин айар үлэтин туһунан тустуунан дьарыктанар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ, VII “б” кылааһын үөрэнээччилэрэ Адам Макаров, Айархан Захаров билиһиннэрдилэр. Спорт миниистирин 1-кы солбуйааччы Александр Бугаев, Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуу призера Александр Иванов, тустууга аналлаах 3 №-дээх спортоскуола салайааччылара Василий Уйгуров, Николай Иванов, Д.П. Коркин нэһилиэстибэтин үйэтитиинэн дьарыктанар Татьяна Гоголева, Дмитрий Егоров  тустуу уонна спорт киһи олоҕор суолтатын кэпсээтилэр.

 

Москва аннынааҕы Реутов куоракка түмүктэммит бэтэрээннэр пауэрлифтиҥҥэ аан дойдутааҕы чемпионаттарыгар Сахабыт сирин үс бэтэрээнэ “становой тяга” көрүҥэр чаҕылхайдык күрэхтэстилэр. Хатас спортоскуолатын тренерэ Иван Копырин 55-59 саастаахтарга 82,5 кг кыттан, 190 кг штанганы тобугар диэри тардан таһааран бастакы миэстэни ылары ситистэ. Тааттаттан Николай Матаннанов 82,5 кг 70-74 саастаахтарга 160 кг ылан бастаата. Ньурбаттан төрүттээх-уустаах 100 кг үктүүр ыйааһыннаах Петр Баттахов 70-74 сс. бөлөхтөрүгэр 210 кг көрдөрүүлээх абсолютнай чөмпүйүөн буолла! Иван Копырин уонна Петр Баттахов норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын нуорматын толордулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....