27.09.2021 | 18:25

Тэттик сүбэлэр

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Дьиэҕэ моль үөскээтэҕинэ 
Моль үөскээтэҕинэ ыскаабы сылаас мыылалаах уунан сууйаллар, быыһын-хайаҕаһын уксуустаах киистэнэн сотуллар уонна куурдуллар. Уопсайынан, ыскаабы кэмиттэн кэмигэр ааннарын арыйан салгылатыллыахтаах. Таҥаһы таһырдьа таһааран салгылат, моль 8 кыраадыс тымныыга тоҥор. Халлаан сылаас буоллаҕына, таҥаһы морозильникка уган тоҥоруохха сөп. Маннык хаста да гыныахха наада. Ыскаапка лаванда эбэтэр пихта арыылаах бааталары уур. Ону тэҥэ моль табах, биэрэс сыттарын, дьэдьэн сыттаах мыыланы, саҥа быһыллыбыт герань сэбирдэҕин сытын сөбүлээбэт. Таҥас сиэптэригэр апельсин хахтарын уурдахха, моль чугаһыа суоҕа. Ыскаапка таҥас сууйар массыына бороһуогун хаһаанан уурдахха, моль буулаабат.

Тиэстэ үчүгэйдик көтөҕүллэрин наадатыгар разрыхлитель оннугар  аҕыйах ньуоска рому, ханньааҕы кутуллар. Итиниэхэ тиэстэ ордук түргэнник көтөҕүллэр уонна сымнаҕас буолар. 
Холодильникка сыыр олус түргэнник хатар. Ол иһин быспыт сири чараас гына ынах арыытынан сотуллар, оччоҕо хаппат. 
Минньигэс баахыла тиэстэтин үүккэ буолбакка, ууга оҥордоххо, өссө минеральнайга, ордук хачыгырас уонна калорийа кыра буолар. 
Духуопкаҕа үтүллүбүт эт хайдах эрэ куура буспут буоллаҕына, соуста, подливта оҥорон кутуҥ. Улахан бүлүүдэҕэ брокколины эбэтэр цветной хаппыыстаны ууруҥ, бөдөҥ гына кырбаммыт моркуобу, порей луугу тэлгэтиҥ. Үрдүгэр эккитин тарҕатан баран соуһунан эбэтэр подливынан кутуҥ. 
Лимон сыта киһи санаатын көтөҕөр, ыарыыга утарылаһар дьоҕурун күүһүрдэр. Эфирнэй арыыны лимон хаҕыттан оҥороллор. 
Аптекаҕа атыыланар ромашканы сыттаатахха, киһи уоскуйар. Ромашканы, шалфейы уонна лаванда арыытын кытта холбоон сыты таһаарыахха сөп. 
Ыарахан сыттаах лаванда киһи санаатын көнньүөрдэр. Ууҥ кэлбэт буоллаҕына кыракый мөһөөччүккэ лаванда хаппыт сэбирдэхтэрин уган баран сыттыгыҥ анныгар уктан сыттаххына, хайаан да үчүгэйдик утуйаргар көмөлөһөр.

Ханнык мүөт үчүгэйий?
Мүөт өҥө, сыта ханнык сибэккиттэн хомуллубутуттан тутулуктаах. Холобур, липовай мүөт өҥө саһархайдыҥы, ыраас өҥнөөх, кристаллизацияланарыгар сырдыктыҥы янтарнай, сыттаах буолар. 
Гречишнэй – бороҥ хараҥата, минньигэс хос амтаннаах. Подсолнечнай – көмүстүҥү сырдык, кыра сыттаах. 
Кипрейнэй – от күөхтүҥү, сымнаҕас сыттаах. 
Вересковай мүөт – кыһыллыҥы буурай, кытаанах, ойуурдуҥу сыттаах. 
Клевернэй мүөт - кыһыллыҥы саһархай, минньигэс сыттаах. 
Мүөт сииги тардар, ол иһин түргэнник аһыйар. Мүөтү тууһаммыт хаппыыста, оҕурсу, селедка уонна да атын аһыы сыттаах ас аттыгар туруоруллуо суохтаах. Өстүөкүлэ, эмалированнай иһиккэ харайыллар. Мастан оҥоһуллубут иһиккэ ууруллуо суохтаах, мас амтаннанар, дууптан оҥоһуллубут иһиккэ хараарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...