Терпсихора – доҕордоһуу туоната
Сэттэ омугу сиэттиһиннэрбит,
Аҕыс омугу алтыһыннарбыт,
Тоҕус омугу түмсүһүннэрбит,
Доҕордоһуу туоната – Үҥкүү!
Ыарыыбыт арыый сымнаан, ахтыспыт дьон алтыһыыттан астыныылара, көрсүһүүттэн үөрүүлэрэ үксээтэ.
Кулун тутар 26 күнүгэр Хатастааҕы "Тускул" КК "Терпсихора бырааһынньыга" диэн тэрээһин буолан ааста.
Урукку кэмҥэ бу куонкуруспут тыһыынчанан кыттааччыны түмэрэ. Кэлиҥҥи сылларга биллэр биричиинэнэн бу сыыппара аччаан, быйылгы бырааһынньыкка 230 киһи тоҕуоруста. Онон үҥкүү кэрэ эйгэтин сэгэппит хас биирдии үҥкүүһүккэ, салайааччыларга тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Батаа Балжиннян тэрээһини Монголияттан быһа сибээскэ куйаар нөҥүө сыаналаата. Эмиэ куйаар нөҥүө олорон Америкаттан Любовь Сахина уонна Санкт-Петербург куораттан Мария Залецкая үлэлээтилэр. Манна Хатаска СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Светлана Тимофеева, Людмила Антипина, Хухээ Балдорж, СӨ култууратын туйгуна Розалия Громова сыаналаатылар. Онон дьүүллүүр сүбэ 7 киһилээх үлэлээтэ.
19 кэлэктиип, ол иһигэр 5 араас саастаах дьон, 3 соло, 4 дьиэ кэргэн Мэҥэ Хаҥаластан, Нам улууһун Аппаанытыттан, Горнай улууһун Маҕараһыттан, Томпо улууһун Тополинайыттан, Хаандыгатыттан, Бүлүү улууһун Эбэтиттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Мииринэйтэн, Хаҥалас улууһун Чапаевыттан, Дьокуускай куораттан, Мархаттан, Хатастан үҥкүүлээтилэр.
Дьэ, онон норуоттар икки ардыларынааҕы “Терпсихора бырааһынньыга” 23-с төгүлүн өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Быйылгы куонкуруспут Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Саха сирэ Арассыыйалыын холбоспута 390 сылыгар ананна.
Гала кэнсиэр кэннэ кыайыылаахтары наҕараадалааһын буолла. Дьэ, чахчыта да, кыайыахтарын кыайбыт, үөрдүөхтэрин үөрдүбүт дьикти кэрэ үҥкүүлэр таҕыстылар.
Элбэхтэн аҕыйаҕы кэпсээн, ырытан ааһар буоллахха, быйылгы үҥкүүлэр сюжет, тиэмэ өттүнэн эрэ буолбакка, толорууларын таһыма үрдүгүнэн сөхтөрдүлэр. Ол курдук, Томпоттон кэргэннии Никитиннэр, Степановтар, Хатастан "Тускул" (Дайаана Иванова), Мархаттан "Инканто" (Е. Гомбоева) анмаамбыллар маастарыстыбаларынан, сыаллара-соруктара дьэҥкэтинэн, этэргэ дылы, киһи элбэххэ үөрэнэр нүөмэрдэрэ.
Оттон Олимпиада Текеянова салайааччылаах Горнай улууһун Маҕарас нэһилиэгин үҥкүүһүттэрэ Терпсихора бырааһынньыгын ыытар тухары уонунан сылларга кэлэн кыттыһаллар. Быйыл кинилэр ураты көстүүлээх, дириҥ ис хоһоонноох, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолары ирдиир «Ала атамай сыдьааннара” диэн үҥкүүлэрин «Эр дохсун” ансаамбыл уолаттара өй-санаа, эт-хаан да өттүнэн кыайа-хото тутан толорбуттара саха санаалааҕы сүрэҕин өрүкүтэр, дууһатын кылын таарыйар. Бу ансаамбыл быйылгы күрэх Кылаан бирииһин ылбытын көрөөччү да, кыттааччы ис сүрэҕиттэн үөрэ көрүстэ.
Тэриллиэҕиттэн ситиһиитэ ситимнээх, кыайыыта кыахтаах “Айхал” ансаамбыл (Хатас) бу да сырыыга сүрдээх үчүгэй нүөмэри – толоруу да, хаачыстыбатынан, ис хоһоонун да дириҥинэн бэлэмнээн, билигин да айар суол устун дьоруо айаннара баарын дакаастаата.
Сэттэ уонунан сыллар тухары тохтообокко култуура, спорт сайдыытыгар аналлаах эстафетаны ыытан кэлбит Мэҥэ Хаҥалас далбардара устан долгуһан киирбиттэрэ көрүөхтэн кэрэ. Нам Аппаанытыттан кэлбит аҕам сааска үктэммит эйэҕэс эбээлэри, ийэлэри эдэр салайааччы үөрэ-көтө, сүргэ көтөҕүллэ үөрэтэ, дьарыктыы сылдьара көлүөнэ ситимин күүһүн көрдөрөр.
Ити курдук хас биирдии үҥкүү, нүөмэр туһунан төһөнү баҕарар астына дуоһуйа суруйуохха сөп.