ТЕХНИЧЕСКЭЙ ИДЭЛЭРГЭ БЭЛЭМНИИБИТ
Елена Егоровна АЛЕКСЕЕВА, Техническэй айымньы киинин үөрэтэр-иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы:
Биһиги тэрилтэбит 49-с сылын таһаарыылаахтык үлэлиир, куорат үөрэнээччилэрэ үүнэр-сайдар кииннэрэ диэн киэн тутта кэпсиибит. Манна 7-тэн 18-гар диэри саастаах икки тыһыынчаттан тахса оҕо дьарыктанар. Онтон 80 %-на киин куорат оскуолаларыгар үөрэнэллэр, Ол курдук, биһиги педагогтарбыт барыта 20 оскуоланы хабан айымньылаахтык үлэлииллэр. Оҕо 20 %-на биһиэхэ бэйэбитигэр кэлэн, алта кабинекка дьарыктанар.
Оҕолор бэйэлэрин баҕаларынан техническэй куруһуоктарга суруйтараллар. «Судомоделирование, «Авиамоделирование», «Ракетомоделирование» уонна «Автомоделирование» курдук куруһуоктар үгэскэ кубулуйдулар диэххэ сөп. Ол курдук сыл аайы элбэх оҕону түмэ тардаллар.
Ону тэҥэ, аныгы кэм ирдэбиллэригэр эппиэттиир сонун куруһуоктарга үөрэнээччилэр үөрэ-көтө дьарыктаналлар: «Программирование Scratch с элементами робототехники», «Основы программирования Python», «Создание компьютерных приложений на языке программирования Python», «Инжененерное 3D моделирование и прототипирование», «Программирование JavaScript», «Робототехника на основе Лего Mindstorms EV3», «Пост продакшн в кино», «Визуальные эффекты в кино», о.д.а.
Биһиги кииммит биир биллэр бырайыагынан «Космическай идэлэр» диэн муниципальнай үөрэх бырагыраамата буолар. Бу 2015 сыллаахтан үлэлиир, манна 2-тэн үөһэ кылаас оҕолоро модульнай бырагыраамаларынан техническэй көрүҥнэргэ үөрэнэллэр. Кылгастык эттэххэ, оҕолор инникитин техническэй идэлэри баһылыылларыгар бэлэмниир, тирэх буолар. Үлэ үтүө түмүктээҕин бастакы выпускниктарбыт оскуоланы бүтэрэн баран техническэй хайысхалаах үөрэххэ ситиһиилээхтик туттарсан киирбиттэрэ туоһулуур. Бу бырайыакка үөрэнэр, Маҕан оскуолатыттан сылдьан дьарыктанар иитиллээччибит Настя Татаринова былырыын сайын регионнар икки ардыларынааҕы бөлөххө киирэн Вилькицкий диэн арыыны арыйдыбыт.
Быйыл олунньу 3 күнүгэр Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев «IT-куб» тэриллэрин туһунан уурааҕа тахсыбыта. Онон балаҕан ыйыгар биһиги кииммит иһинэн Горькай уул., 98/1, туспа турар 4-этээстээх дьиэҕэ «IT-куб» арыллыахтаах. Онно оҕолор «Программирование на Python», «Мобильная разработка», «Разработка VR/AR - приложений», «Системное администрирование», «Основы алгоритмики и логики», «Программирование роботов», о.д.а. бырагыраамаларынан үөрэниэхтэрэ. Ону таһынан үөрэтэр, научнай-познавательнай зоналар, коворкинг-киин, лекториум, медиатека, интерактивнай саала, саахымат хоһо баар буолуохтара.
Наука уонна технология сылыгар «IT-Куб» аныгы олох ирдэбиллэригэр эппиэттиир эбии үөрэхтээһин киинэ буолуоҕа.
Хаартыскалар http://ctt.yaguo.ru/ сайтан ылылыннылар