26.11.2019 | 11:50

ТАТЬЯНА СКРЯБИНА: “Оҕотун таптыыр төрөппүт сахалыы үөрэтиэхтээх”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аныгы оҕо хас да тылы булкуйан, ол икки ардыгар мунара – олохпут күннээҕи көстүүтэ буолла. Ордук куорат учууталлара бу кыһалҕаны быһаарар ньыманы тобулбуттар.

Сахалыы эйгэни тэрийиигэ 90-ус сыллартан биир бастакынан турууласпыт алын кылаас учуутала Татьяна Артамоновна Скрябина нууччатыйбыт оҕону сахалыы саҥаҕа төнүннэрэр, төрөөбүт тылын дорҕооннорун баһылыырга үөрэтии методикатын айан, билигин “Сайдыс” оҕону сайыннарар кииҥҥэ ол ньымаларын олоххо киллэрэ сылдьар.

– Мин учууталлаабытым 47 сыл буолла. Бэйэм айбыт методикабын “Наследие Якутии” диэн ааптарыскай быраабы регистрациялыыр агентствоҕа регистрациялаттым. “Дорҕоон үөрэҕэ” диэн ааттаах, ордук 6-7 саастаахтарга барсар.

Нууччатыйбыт оҕону сахатытарга, саҥатын сахалыыга салайарга олоҥхо наһаа наада эбит. “Олоҥхонон тылы сайыннарыы" диэн бырайыактаахпын. Саха гимназиятыгар “Бэргэн” уус-уран тыл түһүлгэтин салайан үлэлэппитим. Олоҥхону биирдиилээн эбэтэр оруолларынан үллэрэн буолбакка, хор курдук кэчигирэччи туруоран баран таһаартарар этим. Онтукабыт наһаа табыллыбыта.

Олоҥхонон дьарыктаан үөрэтэр оҕолорбун кыраныысса таһыгар тиийэ күрэхтэһиилэргэ кыттар этибит.  Билигин оскуолаттан уурайан баран, “Бэргэннэрбин” биир эдэр учууталга хаалларбытым, дөрүн-дөрүн көрсөбүт, сүбэ-ама биэрэн көмөлөһөбүн.

Олоҥхо оҕо тылын эрчийэргэ уонна сайыннарарга туһалаах диирбин ол үлэм толору дакаастаабыта.

– Урукку уонна билиҥҥи оҕону тэҥнээн көрөр кыахтаах эбиккин.

– 47 сылы быһа уу саха оҕолорун кытта үлэлээн кэллим. Куорат оскуолаларыгар үлэлээбитим 30-ча сыл буолла. 26-ыс оскуолаҕа үлэлээбитим.

Билигин оҕолорбун, наһаа нууччалыы тылга баран хааллылар диэммин, онтон хараастан, санаарҕаан, тугу эрэ оҥоруохха наада диэн бу ньыманы тобулан, оҕону сахалыы саҥардыыга ылсан сылдьабын. Наар “сахабыт тыла бүттэ, өллө, сүттэ, симэлийдэ” диэн төгүрүк остуол тула олорон кэпсэтэрбититтэн боростуой төрөппүт тугу туһаныаҕай?

Уһуйааҥҥа, алын кылааска нууччалыы оҕо тэрилтэтигэр баран хаалан, төрөөбүт тылларынан саҥарбат, сорох сахалыы саҥаны истэн өйдүүр эрэ, ол эрэн сатаан саҥарбат оҕолору кытта үлэлиибин. Оҕолор дьарыктаммыттарын кэннэ төрөппүттэри кытта сирэй көрсөн кэпсэтэбит. Дьиэлэригэр сорудах биэрэрбэр бастаан төрөппүттэргэ өйдөтөбүн. Кинилэр да сахалар буоллаҕа, быһаардахха, дэбигэстик өйдүүллэр. Оҕолорун сахалыы саҥардыбатах буруйдарын боруостаан, төлөбүрдээх дьарыкка таһыллан эрдэхтэрэ ол...

САХАЛЫЫ ОСКУОЛАНЫ АЛБАСТААН АРЫТТАРБЫППЫТ

– Саха гимназията арыллыытыгар өҥөлөөх киһигин. Билигин урукку курдук туруорсан сахалыы оскуоланы арыттарбыт диэн суох буолуохтаах. Биир “Айыы кыһата” саҥа дьиэлэммитигэр, эйгэтин алдьатан, атын оскуоланы кытта холбоон кэбистилэр.  Эһиги хайдах бүтүн оскуоланы арыттарбыккытый?

– Саха гимназиятын тэрийиигэ, туруорсууга төрөппүттэри кытта тэҥҥэ эт атахпынан сүүрбүт-көппүт, тойотторго сурук бөҕөтүн бичийбит киһибин. Ол саҕана “Айылгы” диэн уопсастыбанан олус көхтөөхтүк үлэлээбиппит. Оскуолалары, уһуйааннары арыттарар этибит. Бэрэссэдээтэл Антонина Ивановна Петрова, солбуйааччыта Светлана Семеновна Семенова этилэр.

Саха гимназията арылларыгар сайыны быһа туруорсуу үлэтин дьүккүөрдээхтик ыыппыппыт. Дьиэбэр хонор хоноһо эрэ курдук кэлэн барарым. Наар мунньахтан мунньахха, кабинеттан кабинекка сылдьыбыппыт.

Онтон арай күһүн ЯГНГ дириэктэрэ Н.К.Чиряев ыҥыран ылан: “Оскуолаҕыт аһыллар буолла. Эһиги биһиэхэ филиал буолаҕыт, “Саха-немецкай гимназия” диэн ааттанаҕыт”, - диэтэ. Мин: “Эс, биһиги ньиэмэс гимназиятын тэрийээри сайыны быһа сүүрбүппүт дуо?” – диэн турдум. Онуоха Чиряев: “Биһиэхэ Саха-канадскай, саха-корейскай диэн оскуолалар бааллар. Олох сахалыы оскуола диэтэхпитинэ, аһымыахтарын сөп...” - диэн быһааран биэрдэ. Онно сөбүлэстибит.

Кырдьык, бастаан арыйыа суохтара диэн дьаархана санаан, оннук “немецкэй” диэн  албастаан арыттарбыппыт. Ол саҕана мэр Илья Михальчук этэ. Атырдьах ыйын 29 күнүгэр ыҥыран ылан дьиэ биэрдэ – Орджоникидзе уулуссатыгар турар “Колосок” оҕо саадын быраҕыллыбыт дьиэтин аҥаарын. Төрөппүттэр, учууталлар бары саба түһэн өрөмүөннээбиппит. Балаҕан ыйын маҥнайгы күнүн атын сири уларсан ыыппыппыт уонна үөрэх дьылын балаҕан ыйын ортотугар бэйэбит оскуолабытыгар саҕалаабыппыт.

Дьэ, дьиҥнээх саха эйгэтэ олохтоммута. Ону билигин, хомойуох иһин, оҕону оскуолаҕа прописканан ылыы сокуона атахтаата. Ити сокуону олох хара маҥнайгыттан ахсарбатаҕым. Сахалыы эйгэ тэриллибитин нууччатыйбыт оҕолор прописканан кэлэн ыһан кэбистилэр. Дьиҥэ, оскуола “саха” диэн саамылаах буолла да, атын омуктар таласпаттар ээ. Билигин олорор дьиэлэрэ гимназияҕа чугаһынан киирэллэрэ үксээтэ. Урут оҕону тургутуктарынан сүүмэрдээн ылар буолар этибит.

ОҔО ААХПАТ БУОЛЛА

“Куорат усулуобуйатыгар саха оҕотун иитии” диэн бырайыактаахпын. Онно 2-ис кылаастан “Сааскы кэми” аахтарабын. Хоһоон, тойук, олоҥхо, ырыа – фольклор бары көрүҥэ киирэр. Оҕолор бэйэлэрэ ааттаан “Халлаан күөх вагон” диэн литературнай салон үлэлэппиппит. Оҕолор айымньыларынан дьоҕус кинигэлэри таһаарар этибит.

Урукку кэм оҕолорун кытта билиҥҥилэри тэҥнээн көрөбүн. Билиҥҥи оҕо урукку курдук кинигэ аахпат буолан, тылын саппааһа олох дьадайда. Улахан айымньыны сатаан ааҕар да кыахтара суох.

“Саха суруйааччылара – дьиэ кэргэҥҥэ” диэн бырайыактаахпын. “Төрөппүт аахпат буоллаҕына, оҕо аахпат”, – диибин төрөппүттэргэ уонна бастакы кылаастан чинчийэр үлэнэн дьарыктанабыт. Биирдии ыалга биирдии суруйааччыны үллэрэн кэбиһэбин. Биирдэ биир ийэ: “Чэ, миэхэ Леонид Попову аҕал, оҥорон көрүөм. Бу суруйааччы мин биир дойдулааҕым диэн билэбин, атынын билбэппин”, – диэн соччо баҕарбатар да ылла. Онтон бырайыактарын оҥорон, көмүскээн баран миэхэ  кэлэн: “Мин Леонид Попову наһаа да таптаатым. Сыттыгым анныгар укта сытан кини хоһооннорун ааҕар буоллум”, – диэбитэ.

Хас биирдии ыал анаммыт суруйааччыларын туһунан информацияны, урут киэҥник биллибитэх чахчылары хомуйаллар уонна онтукаларын бэйэ-бэйэлэрин «көмүскүүллэр”. Оччоҕо атыттар үөрэппэтэх да суруйааччыларын истэн билэллэр. Кэнники оҕолорбут “Оо, бу Амма Аччыгыйа – биһи киһибит”, “Суорун Омоллоон – биһиэнэ” диэн дьиэ кэргэннэрин киһитин курдук кэпсэтэр буолаллар.

Салҕыы 3,4,5 кылаастарга “Ааҕыы тэтэрээтэ” диэни оҥостор этибит. Ыалга икки тэтэрээттээх – биир оҕо киэнэ, биирэ – төрөппүт. Айымньылары төһө баҕарар аахтыбыт диэн сымыйанан толорон кэбиһиэхтэрин сөп этэ. Ол иһин хас биирдии айымньынан аахпыт эрэ киһи сатаан эппиэттиир ыйытыыларын толкуйдааччыбын. Онно эппиэттэрин тэтэрээттэригэр суруйаллар. Миэхэ бэрэбиэркэлиирбэр бэчээт онотторбуттара. Чиэппэр бүттэҕин аайы төрөппүт уонна учуутал тэтэрээттэрин бэрэбиэркэҕэ аҕалаллар, ону көрөн бэчээт туруорабын. Үөрэх дьыла бүтэригэр Ыһыах кэмигэр бастыҥ ааҕааччыга бириис туттараллар. Кыайыылааҕы быһаарарга мин орооспоппун, төрөппүт кэмитиэтэ “Ааҕар тэтэрээттэри” сыымайдаан бастыҥнары бэйэтэ талар.

Онтукабын сайыннаран, билигин “Ыалынан ааҕыы” бырайыактаахпын. Аныгы оҕо аахпат буолла дии-дии олорбокко, көҕүлээн, бүтүн дьиэ кэргэнинэн ылсыахтарын наада

– Саха тылын аны сүүсчэкэ сылынан учуонайдар сэдэх тыл быһыытынан үөрэтэр буолуохтара диэн санааны кытта төһө сөбүлэһэҕин?

– Баҕар оннук буолуо суоҕа дии. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах.

Алын кылаас үөрэнээччилэрэ сахалыы ааҕыыга, суруйууга кыһалҕаланнахтарына, “Сайдыска” кэлэллэр. Оччоҕо бу ньыманан сөпкө ааҕар, суруйар уонна кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарабын. Онно “Аах, суруй, кэпсээ” диэн куурустаахпын. 

Мин санаабар, ити сахатытыы бырайыактарын олоххо киллэрэр уһуйаан, оскуола оҕолоругар аналлаах үөрэх кыһата баар буолуон наада. Эдэр учууталларга, дьыссаат иитээччилэригэр көмөлөһөн, куурустары да ыытыа этибит. Холобур, бу мин үлэлии сылдьар “Сайдыспар” ыытар тоҕо сатаныа суоҕай. Арай дьиэбит олус кыра, куорат өттүттэн маннык кэскиллэх бырайыактарга дьиэ куортамыгар көмө бэрт да буолуо эбит. Төрөөбүт тылбыт чөл буоларын туһугар үлэ биир хайысхата буоллаҕа дии.

Өссө биир “Эбээ уонна мин” барыйыакпытын үлэлэтиэхпитин баҕарабыт. Эбээлэри, куоракка кэлэн оҕону оскуолаҕа, уһуйааҥҥа таһааччы буолан хаалар саастаах саха дьонун кытта үлэлиэ этибит. Оҕолорун дьарыкка аҕалан баран кэтэһэн олороохтууллар дии. Бииргэ үөрэннэхтэринэ, оҕоҕо туох наадатын биллэхтэринэ, дьиэ кэргэҥҥэ улахан көмө буолар дьон сылдьаллар. Билбэппин, табыллыа эбитэ эрэ... “Сайдыс” оҕону сайыннарар киин салайааччыта Юлия Владимировна Андросова диэн эдэр киһи баар. Кини бизнес тэринэн, маннык киин арыммыта уонна онтукатын чуолаан сахалыы иитиигэ туһулаабыта, тылы өрүһүйүүгэ тус дьыалатын анаабыта да хайҕаллаах дии саныыбын. Саҥарбат оҕону сахалыы саҥардар да логопедтар тарбахха баттанар аҕыйахтар буолбаат. Маннык сахалыы эйгэлээх киин Дьокуускайга уонна суох эбээт. Эдэрдэри өйүөххэ, көмөлөһүөххэ наада.

Мин үлэбэр саамай туттар тэрилим күпсүүр. Уһун уонна кылгас, кэлин уонна илин, кыараҕас уонна киэҥ дорҕооннору оҕонон таһаартарарбар күпсүүрбүн туһанабын. Оҕо бастаан “дорҕоон” уонна “тыас” диэн туох уратылаахтарын өйдүөхтээх. Дорҕоону киһи эрэ таһаарар диэн быһаарабын: “Дорҕоону киһиттэн ураты ким да таһаарбат, ханнык да кыыл саҥарбат, эн эрэ сатыыгын”, - диэтэхпинэ оҕо соһуйар, онтон үөрэр.

ДОРҔООН ҮӨРЭҔЭ

– Билигин үтэ-анньа сылдьар бырайыагыҥ туһунан кэпсээ. Төһө өйөөн эрэллэр?

“Дорҕоон үөрэҕэ” барыта тиһиллэн, Үөрэхтээһин министиэристибэтигэр киирэн сытар. Учуонайдар мустуохтаахтар, көмүскүөхтээхпин. Алын сүһүөх учууталыгар, уһуйаан иитээччилэригэр көмө босуобуйа тахсыаҕа. Ааптар быһыытынан нуучча тылын сабыдыалынан саха төрүт саҥатын халыыба, тутула, тылын баайа, дорҕооннор тыастара тосту уларыйан эрэрин, онтон ситимнээн сахалыы саҥа кэрэтэ, сүмэтэ айгырыыр суолга киирбитин бэлиэтиибин.

Оҕо икки тылы булкуйан, тыл икки ардыгар мунара – олохпут күннээҕи көстүүтэ буолла. Онтон быыһанар чинчийиилэри ыыттым, ону хайдах быһаарары тобуллум.

Төрөөбүт тылы уһуйааҥҥа уонна бастакы кылааска үөрэтиигэ, саҥа дорҕоонун өйдөбүлүн эрэ буолбакка, дорҕоон үөскүүр миэстэтин, дьүһүнүн-бодотун, саҥарыллар киэбин өйдөтөр үлэ барыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...