Татьяна Иванова: «Дьол уйатын ытыктабыллаах сыһыан эрэ тутар»
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан уонна Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, таптал кыымыттан саҕыллан биэс уон биэс сыл бииргэ олоруу дьолун билбит Татьяна, Петр Ивановтар дьиэ кэргэн туһунан сырдатабын.
Киһи төрүүрүгэр олоҕо барыта үөһэттэн суруллан кэлэр ыйаахтаах, ол сиэринэн оҕо, ыччат буола үүнэн, сирдээҕи тапталы көрсөн, ийэ, аҕа дьолун билэн, удьуору салгыыр аналы толоробут. Ыал буолуу олоҕуҥ туспа кэрдиис кэмин ыларынан, Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр олорор Ивановтар дьиэ кэргэн ийэтин, эбэтин Татьяна Дмитриевнаны кытта кэпсэтэргэ сананным.
– Татьяна Дмитриевна, Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүнэн эһиги дьиэ кэргэҥҥитин эҕэрдэлиибин! Бу сылга олоҕуҥ аргыһыныын Петр Алексеевичтыын сүрэххитинэн сөбүлэһэн, хараххытынан хайҕаһан ыал буолан буруо таһаарбыккыт биэс уон биэс сылын бэлиэтээтигит. 55 диэн сыыппара эттэххэ дөбөҥ, ол эрээри бу сыллар устата олоххутугар элбэҕи көрүстэххит. Ааспыты сэгэтэн ааһыахха эрэ, билсиһиигит хаһан саҕаламмытай?
– Кырдьык, эттэххэ дөбөҥ. Ол эрээри үчүгэйдик олордоххо, сыл – хонук. Барыта соторутааҕыта курдук этэ. Онтон кэпсээри гыннахха, сыл сылы эккирэтэн, үйэ аҥаарыттан ордугу аһардар. Биһигини талыы-талба Таатта уйгулаах сирэ көрүһүннэрбитэ, сүрэхпитин холбообута. Ол дьоллоох күммүт 1969 сыл олунньу 28 күнүгэр суруллубута.
– Ол аата Таатта алгыстаах сирэ эһиги соргулаах олоххутун түстээбит, удьуоргутун салгыыр ытык дойду буоллаҕа. Аҕаҕыт уонна бэйэҥ төрөөбүт дойдугут ханнык улууһуй?
– Аҕабыт Петр Алексеевич Ньурба улууһун Чуукаар нэһилиэгэр 1940 сыл ыам ыйын 12 күнүгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата эрдэ өлөн, ийэтэ Мария Ивановна эһэлэрэ Тууйас оҕонньору кытта үс оҕону атахтарыгар туруорбуттар. Сэрии сылын оҕолорун эрээтинэн, оҕо сааһы билбэккэ, бэрт кыһалҕалаахтык, кырыымчыктык олорбуттар. Бэйэтин өйдүөҕүттэн оҕолуу оонньообокко, холкуоска саас ыһыыга, сайын от үлэтигэр үлэлээн ааспыт. Икки эдьиийиниин отторун, уокка оттор мастарын бэйэлэрэ бэлэмнэнэн, оҕуһунан тиэнэн кыһыны туораахтыыллар эбит. Сэттэ кылааһы бүтэрээт, Ньурба промкэмбинээтигэр, онтон куоракка кэлэн оччотооҕу Совнархоз тутуу матырыйаалын оҥорор сыаҕар үлэлии киирбит. Сотору кэминэн Дьокуускайдааҕы педучилище музыкальнай отделениетыгар үөрэххэ киирэр. Манна айылҕаттан муусуканы истэрэ көмөлөстөҕө. Училищетын 1966 сыллаахха бүтэрэр. Исписэлиис аатын ылбыт эдэр киһи култуура министиэристибэтигэр Тааттаттан сылдьар муусука оскуолатын дириэктэрэ Федот Семенович Аргунову көрсө түһэр. Федот Семеновичтыын биир көрсүһүү аҕабыт инники дьылҕатын быһаарбыт. Кини ыҥырыытынан баян кылааһын преподавателинэн үлэҕэ киирэр. Аҕабыт идэтин сүрэҕинэн ылыммыт уонна таптаабыт исписэлиис. Баянын тыаһын олоҕун аргыһа оҥоһунна. Бу идэтинэн ханна да халбаҥнаабакка биэс уон сыл бэриниилээхтик үлэлээбитэ, ол иһигэр уон биир сыл дириэктэрдээбитэ. Аҕабыт билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, оскуолатын кытта билигин да сибээһин быспат. Бэйэм 1943 сыл ахсынньы 10 күнүгэр Орджоникидзевскай (Хаҥалас) оройуон Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүтүм. Аҕам Дмитрий Петрович Канаев ол сыл бэс ыйыгар Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыт уонна 1945 сыллаахха атырдьах ыйыгар сырдык тыына быстыбыт. Ону бигэргэтэр докумуону сиэним булбута баар. Аҕам барахсан өлбүтүн туһунан хос сиэнэ булар дьылҕаламмыт эбит. Онон мин сэрии тулаайаҕа буолабын. Ийэм Аксинья Захаровна 1957 сыллаахха алтыс кылааска үөрэнэр дьылбар ыалдьан олохтон бараахтаабыта. Оскуолаҕа киириэхпиттэн интэринээккэ сыстан үөрэммитим, ийэм аах ыраах пиэрмэҕэ олорбуттара. Ийэм суох буолбутун кэннэ миигин чугас аймахтарым Иван Никифорович, Анисия Гурьевна Егоровтар бэйэлэригэр ылан, оскуоланы уонна салгыы Новосибирскайдааҕы потребкооперация институтун бүтэртэрбиттэрэ. Онон олоҕум инникитин быһаарбыт улахан өҥөлөөх күндү дьонум кинилэр.
Үрдүк үөрэхтээх исписэлиис кыыс “Холбос” бырабылыанньатыгар үлэ миэстэтин анаттара кэлбиппэр, биэс оройуону талларбыттара. Дьылҕам тардан уонна аҕам бииргэ төрөөбүт балта Харитина Петровна Данилова олорорунан, таатталыыр буолбутум. Ити курдук оччолорго Алексеевскай райсойууска старшай товароведынан ананан үлэбин саҕалаабытым.
– Икки эдэр исписэлиис Тааттаҕа үлэлии кэлэҕит. Бастакы билсиһиигит ханна, туохтан саҕаламмытай?
– Миигин, саҥа киһини, комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн таланнар, ыччаты түмэн үлэлээн барбытым. Ыччат үлэни, сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлээн үлэлиир кэмэ этэ. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сотору-сотору ыытыллаллара, олор истэригэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар бэстибээл тэриллэрэ. Ол сүнньүнэн уус-уран самодеятельность бэстибээлин бэлэмнэниитэ буолла. Тэрилтэбитигэр култуура салаата баяниһынан Петр Алексеевич Иванову сыһыарбыт эбит. Бэлэмнэнии кэнниттэн хоту диэки олорооччу иккиэ эрэ буолан биэрдибит. Биир хайысхаҕа аргыстаһыыбытыттан саҕалаан, чугастык билсиһэн, бэйэ-бэйэбитигэр тапталбытын билинэн, саас каникул кэмигэр уруу тэрийиэхпит диэн быһаарыммыппыт. Сайабылыанньа биэрдэххэ биир ый күүттэрэллэрэ, ону ааҕан-суоттаан, сэбиэт сэкирэтээригэр сайабылыанньа биэрэ тиийдибит. Марфа Захарова диэн бу иннинэ библиотекаҕа үлэлээбит, кэргэммин Петры билэр буолан биэрдэ. Өр сылларга бииргэ буоларбыт таайан, үөрэ-көтө тутатына эр-ойох буолуу докумуонун толорон туттаран кэбистэ. Онон түргэнник, өр кэтэһиннэрбэккэ, баҕарбыт баҕабыт туолан, үөрүүбүт үрдэ суоҕа. Кэргэним уопсай дьиэ икки хостоох кыбартыыратын биир кыра хоһугар олороро. Онон Архыып Ермолаев диэн Чөркөөх сельпотун бэрэссэдээтэлин дьиэтин куортамнаһан кыстаатыбыт. Дьиэ 1967 сыллаах улахан ууга барбыт буолан, бастаан тымныы этэ. Ону кэргэним табаарыстарын кытта үрдүгэр опилка кутан, толору уулаах омуһаҕар мас тэлгээн, ону буорунан кутан, дьиэбит сылыйбыта. Онтон эһиилги күһүн райсойуус туппут түөртүү кыбартыыралаах икки дьиэтиттэн кыбартыыра биэрбиттэрэ. Мин идэбинэн райсойууска, райпоҕа, онтон каадыр бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитим. Кэлин 1979 сыллаахтан партия райкомун уопсай отделын сэбиэдиссэйинэн, райсэбиэккэ сэкирэтээринэн үлэлээбитим. Кэлин райпоҕа төннөн, ыһыллыар диэри үлэлээн баран, ОДЬХ Тааттатааҕы филиалыгар каадыр отделын начаалынньыгынан биэс сыл үлэлээбитим.
– Ивановтар үс оҕону истиҥ тапталынан бигээн улаатыннарбыккыт. Икки улахаҥҥытын сахалыы ааттаабыккыт. Оччолорго сахалыы ааты биэрии сэдэх көстүү буолара.
– Биһиги биир кыыс, икки уол оҕолоохпут. Бастакы оҕобут кыыспыт Туйаара 1969 сыл ахсынньы 11 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата сибидиэтэлистибэ оҥоттороругар сахалыы ааты эппитигэр, соһуйбуттар этэ. Улахан уолбут Чуукаар 1971 сыллаахха төрөөбүтэ. Аҕабыт ахтар-саныыр төрөөбүт дойдутун аатын биэрбитэ. Бастаан олуона курдуга, бары соһуйаллара. Олох уларыйан, кэлин оҕолору сахалыы ааттыыр буолбуттара. Кыра уолбут Дима 1974 сыллаах төрүөх. Кинини эһэтин аатынан ааттаабыппыт.
– Тэрилтэ үлэтин кэннэ уопсастыбаннай үлэҕэ эриллибиккит.
– Аҕабыт Петр Алексеевич преподаватель, тэрилтэ салайааччыта, бэйэм эмиэ тэрилтэ тутаах эппиэттээх үлэһитэ буоламмыт, үлэ чааһын кэннэ кыахпыт тиийэринэн уопсастыбаннай үлэҕэ охтубуппут. Уопсастыбанньык буолуу бэйэтэ туспа анал быһыылаах. Тэрилтэ үлэтинэн эрэ муҥурдаммакка, улууспут сайдыытыгар тус кылааппытын киллэрсэн, олохпутун байытан биэрдэхпит.
– Оҕолор хайдах улааппыттарай?
– Үлэ түбүгэр сылдьар эдэр ыаллар төрөппүт быһыытынан туох кыалларынан тапталбытын иҥэрбиппит. Оҕолор бэйэ бэйэлэрин көрсөн, кыраларыттан күннээҕи эбээһинэстэрин таба аттаран улааппыттара. Эйэлээх кэм оҕолоро буолан, дуоһуйа оонньоон-көрүлээн, элбэх доҕоттордоох оҕо сааһы билбиттэрэ. Биир олбуор иһигэр эмдэй-сэмдэй саастаах оҕолордоох Бояровтар, Дедюкиннар, Свинобоевтар, Баишевтар буолан тэҥҥэ сылдьан, биллибэккэ улааппыттара. Бастаан аҕыс кылаастаах оскуола нуучча кылааһыгар, онтон орто оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Кыра кылаастарга сайынын юннаттар станцияларыгар, улаатан баран оҕо лааҕырдарыгар үлэлээбиттэрэ. Үөрэхтэригэр улаханнык ыарырҕаппыттарын өйдөөбөппүн, оскуола олоҕор көхтөөхтүк кытталлара. Үһүөн аҕалара үлэлиир муусука оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Туйаара, Дима – фортепиано кылааһын, Чуукаар баян кылааһын бүтэрбиттэрэ. Бу үөрүйэхтэрэ киһи буола сайдалларыгар, муусука кэрэ эйгэтин чугастык ылыныыга көмөлөстөхтөрө. Ол эрээри үһүөн тэхиньиичэскэй идэни талбыттара. Кыра эрдэхтэриттэн аҕаларын массыынатыгар сыстан бары массыына ыыталлар этэ. Оҕолорбут туох да үлэттэн туора турбаттара. Даача сирин аҕаларыныын тэҥҥэ тутуспуттара, ол курдук олбуордаан, сарай, дьиэ оҥорон, сайылыыр буолбуппут. Сайынын тутуспутунан сир астыырбыт. Үлэлии үөрэммиттэрэ билигин да олохторугар туһалыы сырыттаҕа. Оскуоланы бүтэрэллэригэр эрдэттэн идэ туһунан кэпсэтии бөҕө барбыта. Киһи барыта экономист, юрист буолар кэмэ этэ. Ол гынан баран идэлэрин бэйэлэрэ талбыттара.
– Туох идэни талбыттарай?
– Туйаара СГУ геолого-разведочнай факультетын бүтэрбитэ. Оччолорго алмааһы кырыылааһын тэрилтэлэрэ аһыллан эрэр кэмэ этэ. Устудьуоннары алмаас сортировкалыыр идэҕэ эбии үөрэппиттэрэ уонна үлэ булалларыгар көмөлөспүттэрэ. Онон бастаан Гохраҥҥа, онтон АЛРОСА ЯПТА тэрилтэтигэр көһөн үлэлии-хамсыы сылдьар. Билигин үрдүк категориялаах исписэлиис, «Идэтинэн бастыҥ» ааты хас да төгүл сүктэ. Кэргэннээх, уол оҕолоох. Уола Санкт-Петербургдааҕы промышленнай технология уонна дизайн университетын, онтон Арассыыйатааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна госсулууспа институтун магистратуратын бүтэрбитэ. Билигин Санкт-Петербург Бырабыыталыстыбатын экономическай бэлиитикэ кэмитиэтигэр тутаах исписэлииһинэн үлэлиир.
Чуукаар Иркутскайдааҕы тутуу техникумугар үөрэммитэ. Үөрэҕин кэнниттэн үлэтин Ытык Күөлгэ саҕалаабыта, 2005 сылтан Дьокуускайга “Арктика-Строй” фирма кылаабынай инсэниэринэн үлэлии сылдьар. 2003 сылтан кэтэхтэн үөрэнэн, СГУ инженернэй-тэхиньиичэскэй факультетын бүтэрбитэ. Кини үлэлиир тэрилтэтэ куоракка уонна Мэҥэ Хаҥаласка элбэх эбийиэги тутта, тутар. Ол иһигэр Хара нэһилиэгэр 202 миэстэлээх оскуола, дьыссаат, Майаҕа элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэри үлэҕэ киллэрдилэр. Кэргэннээх, уол оҕолоох.
Дима Дьокуускайдааҕы сибээс техникумун бүтэрбитэ. Идэтинэн оччолорго АТС туруорар лабораторияҕа, онтон суотабай сибээс линиятын тардыыга үлэлээбитэ. Үөрэммит техникумугар үлэлээн баран, Москваҕа көһөн олороллор. Кэтэхтэн Новосибирскайдааҕы сибээс институтун бүтэрбитэ. Кэргэннээх, үс кыыстаах. Улахан кыыс Александра Пирогов аатынан Москватааҕы национальнай-чинчийэр медицинскай университет үһүс куурсугар үөрэнэр, икки кыра оскуолаҕа үөрэнэллэр. Бастакы кэргэниттэн кыыһа Светлана Новосибирскайдааҕы художественно-архитектурнай институту бүтэрбитэ. Идэни сөпкө талыы – киһи туруктаах олохтонуутун туоһута. Төрөппүт уонна оҕо идэтин сөпкө талыыта, идэтинэн үлэлээһинэ – олох биир сатабыла, үлэни өрө тутуу, үлэнэн иитии табыллыытын көрдөрөр. Оҕо санаатын хам баттаабакка, туохха баҕарарын өйдүөххэ, өйүөххэ эрэ наада. Оччотугар оҕолор инники олохторо сатанан, үлэҥ табыллан бардаҕа ол. Оттон үлэнэн иитии төрөппүттэн тутулуктаах. Ол төрөппүттэргэ буолбакка, оҕолор бэйэлэрин олохторун оҥостууга, ыччаттарын иитиигэ туһалаах буолар.
– Хас биирдии ыал үтүө үгэстэрдээх буолар.
– Хас биирдии ыал бэйэтин укулаатыгар сөптөөх үгэстэри олохтуур, ону тутуһа сатыыр буолуохтаах. Оҕолор туруктаах дьон буолалларыгар дьиэ кэргэҥҥэ иитии улахан оруоллаах дии саныыбын. Куруутун аһаҕастык кэпсэтии, ардыгар сэмэлээһин, өйдөтүү хайаан да наада. Оҕолор билигин даҕаны биһигини кытта сүбэлэһэллэр, ыраах диэбэккэ көмөлөһөн бараллар. Сиэннэр кыраларыгар сайылыыр буолаллара. Кэлэн сир астаһан, оҕуруот көрүүтүгэр көмөлөһөн, дьиэ сууйсан, өрөмүөннэһэн, кырааскалаан, улахан көмөнү оҥороллор. Билигин уһун өрөбүллэригэр бириэмэ булан көмөлөһөн, быыһыгар атаахтаан бараллар. Үөрэх дьоно да буоллаллар, харчылаһа үөрэнэллэр. Кэллэхтэринэ инники туох былааннаахтарын, ким буолуохтарын баҕаралларын, туохха болҕомто уруохха сөбүгэр кэпсэтэбит. Таня муусука оскуолатыгар гитараҕа үөрэммитэ, ыллыыр бөлөхтөөх. Айаана дьиэтигэр кылаабынай хаһаайка. Улахан сиэннэрбитигэр устудьуоннуур кэмнэригэр истипиэндьийэ көрөбүт. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн олбуорбут оҕолорун кытта төрөөбүт күннэрин бииргэ ыларбыт. Өрөбүллэргэ дэриэбинэ таһыгар күөллээх, тула сир астаах, таптаан сынньанар алааспытыгар тахсарбыт. Оҕолор сөтүөлээн, балык хаптаран, үөрэр да буолаллара. Билигин бары Саҥа дьылга мустабыт, саас хоруоппуй олордуута, күһүн хостооһуна, оҕуруот аһын хомуйуу тэрээһиннэрэ барыбытын түмэр, холбооттуур.
Мин тастыҥ эдьиийим оҕото Руслан Тааттаҕа эдьиийигэр Галинаҕа кэлбитэ. Эдьиийэ бу дойдуттан барбытыгар тулаайах хаалаахтаабыта, оччолорго кини сэттис кылааска үөрэнэрэ. Кэргэммин кытта сүбэлэһии түмүгэр, Русланы илдьэ хаалбыппыт. Уолбут оскуола кэнниттэн Новосибирскайдааҕы спорт училищетын, салгыы Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ. Билигин Уус Таатта биир бастыҥ ыала, идэтинэн үлэлии сылдьар. Баар суох көмөлөһөр чугас киһибит кини.
– Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон тугунан дьарыктанаҕыт?
– Саас олох аналынан ылан иһэр. Кырыйдыбыт диэн ыһыктыммакка, төһө кыайарбытынан оҕуруоппутугар күннэтэ түбүгүрэбит. Олбуор ис-тас үлэтигэр аҕабыт кылаабынай. Сайынын таптыыр дьарыга балыктааһын. Доруобуйата кыайбат буолан, массыына ыыппат, тыаҕа сылдьыбат. Эдэр эрдэҕинэ ойууртан киирбэт булчут, сир асчыт этэ. Мин «Айылҕаана» диэн эбэлэр түмсүүлэригэр сылдьабын. Дьарыкпыт элбэх, күн солото суохпут. Баайаҕаҕа тутуллубут Туос ураһа тас туоһун тигиитигэр икки сыл дьарыктаммыппыт. Кэлин аас тэллэхтэри тигэн Баайаҕа, Таатта мусуойдарыгар, култуура салаатыгар о.д.а бэлэхтээтибит. Билигин 2025 сылга ыытыллыахтаах “Манчаары оонньууларыгар” оҥоһук оҥорууга бэлэмнэнии үлэни ыытабыт. Мин бэйэм туоһунан, сиэлинэн дьарыктаммытым балайда буолла. Быыһыгар баайабын, уруһуйдуубун. Онон күн иллэҥэ суох сылдьар курдукпун.
Биһигини көрөн буолуо, кыыспыт эмиэ оҕуруот үүннэриинэн дьарыктанарын сөбүлүүр. Үчүгэйдик иистэнэр, баайар. Иккиэн сүбэлэһии бэрээдэгинэн бэйэ-бэйэҕэ сатабылларбытынан көмөлөсүһэбит. Уолаттар эмиэ уһанар дьоҕурдаахтар, дьиэлэрин миэбэлин бэйэлэрэ оностоллор. Дима уһаайбатыгар тутуутун бэйэтэ туппута. Иккиэн тиэхиньикэҕэ сыстаҕастар. Туох да үлэттэн туора турбаттар.
– Дьиэ кэргэн туруктаах олоҕо туохтан саҕылларый?
– Биэс уон биэс сыл эн-мин дэһэн эйэ дэмнээхтик, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн олорон кэлбиппит дьолбут дии саныыбын. Икки тус туспа өйдөөх-санаалаах киһи бииргэ олох олороору холбоһор. Онно, бастатан туран, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаҥҥа болҕомто ууруллуохтаах, ытыктабыллаахтык сыһыаннастахха биирдэ дьол уйатын тутаҕын. Оҕолор санааларын аһаҕастык этэллэригэр көҥүл биэрэр үчүгэй.
– Төрүккүтүн төһө билэҕит?
– Билигин дьон үксэ төрүччүтүн үөрэтэр, төрдүн-ууһун билиэн баҕарааччы элбэх. Биһиги ыал эмиэ хаалсыбаппыт. Оҕолор, сиэннэр аҕаларын, эһэлэрин төрүччүтүн биллиннэр диэн туох баарынан оҥоро сатаатыбыт. Онтон аҕабынан төрдүбүн аймахпыт Александр Федорович Шилов көмөтүнэн 1788 сылтан саҕалаан Сататааҕы Мелентьевскай таҥара дьиэтин уонна архыып матырыйаалларынан хомуллан балайда ситтэ. Ийэм өттүбүнэн удьуорбутун кыраайы үөрэтээччи аймаҕым Вера Георгиевна Орестова кинигэ таһааран, оҕолорго хаалларар дьоллоннубут. Онон кинилэргэ ис сүрэхпиттэн махталбын тиэрдэбин.
– Татьяна Дмитриевна, олох кэрэтин соргулаах ыал буолуунан билбит дьоллоох дьоҥҥут. Өссө да элбэх хаар эһиги олоххутун уһаттын, оҕолор, сиэннэр үөрүүлэрэ күүс-сэниэ биэрдин!