Татьяна Гоголева: «Төрөөбүт тылын билбэт ыччат ханна да сыаналаммат»
«Хотугу сулус» оҕо телерадиоакадемиятын төрүттээбит, үгүс көлүөнэ талааннаах ыччаты көччөх гынан көтүппүт Татьяна Гоголева, чахчы, Саха сиригэр тыыннаах номох буолбут киһи. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын, социальнай эйгэтин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына олоҕун тухары оҥорбута, айбыта-туппута, үйэтиппитэ үгүс.
Кини туһунан бу иннинэ сурулунна ини, суруллубата ини. Ол эрээри киэҥ билиитинэн-көрүүтүнэн, олоххо, үлэҕэ сыһыанынан дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыт Татьяна Афанасьевна ырааҕы анаарар ыллыктаах этиилэрэ хайа да кэмҥэ, буолаары буолан Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылларыгар толкуйдатар күүстээхтэр. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт култуура, ийэ тыл, үөрэхтээһин, демография, тыа хаһаайыстыбатын, сайдыы туһунан санааларын сааһылаан, сүрүнүн, сүөгэйин-сүмэтин сүһэн ылан, ааҕааччыларбытыгар тиэрдэбит.
Сэргэх сэһэргэһээччибит элбэх ахсааннаах наҕараадата, ситиһиитэ, норуотун иннигэр оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө үгүс. Ону барытын хайдах да биир балаһаҕа батарар кыахпыт суох. Ол оннугар бар дьоно махтанан, ытыгылаан, киниэхэ иҥэрбит үрдүк ааттарын хайаан да чорботон бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Татьяна Афанасьевна Гоголева – Уус Алдан, Чурапчы улуустарын, Чурапчы Алаҕарын, Уус Алдан Суоттутун, Нам Хамаҕаттатын, Ньурба Чаппандатын Бочуоттаах гражданина.
Куорат төрүт олохтооҕобун
– Мин алта оҕолоох ыалга бастакы оҕонон төрөөбүт, ийэ, аҕа тапталыгар угуттанан улааппыт дьоллоох киһибин. Дьокуускай куорат төрүт олохтооҕобун. Манна күн сирин көрбүтүм, Сайсарыга улааппытым, ахсыс кылааска диэри 20-с №-дээх оскуолаҕа үөрэммитим. 5-6 кылааска музыкальнай оскуолаҕа киирэн, биир кэмҥэ 2-с №-дээх оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбытым. 1970 сыллаахха Чурапчы интэринээт-оскуолатын бүтэрбитим.
Оҕо эрдэхпинэ куоракка аттаах дьон тэлиэгэнэн сылдьалларын элбэхтик көрөрүм. Дьиэ кэргэнинэн Чехов уулуссатыттан пааркаҕа чуурка уулуссаларынан хааман барарбытын өйдүүбүн. Бу санаатахха, ол кэми таба туппут куорат олохтооҕо эбиппин. Саха сирин киин куората балысханнык улаатар, төрөөбүт Дьокуускайым күн-түүн уларыйа, кэҥии турар. Кэнники сылларга элбэх тутуу дьэндэйдэ, сорох оройуоннары соччо билбэт да буоллум.
Оҕо саас ахтылҕана
– Сэттэ саастаахпар икки өттүбүнэн ойоҕостотон, балыыһаҕа киирэн, бастакы кылааска киирбэккэ хаалбытым. Бу санаатахпына, ол дьолум эбит. Балыыһа кэнниттэн “Красная Якутия” санаторийга сытан нууччалыы саҥара үөрэммитим, уһуйааҥҥа сылдьыбатах оҕо ыллыыр-үҥкүүлүүр буолбутум. Онно үксүлэрэ соҕурууттан ананан кэлбит, идэлэригэр бэриниилээх быраастар үлэлииллэрэ. Чахчы, үрүҥ халааттаах аанньалларга, киһи быһыытынан үтүө санаалаах дьоҥҥо эмтэммитим. Үтүөрбүтүм да кэннэ бу оҕо үчүгэй буолбут диэн баран учуоттан таһааран кэбиспэтэхтэрэ, хамыыһыйа элбэх оҕолоох ыал оҕото көрүүгэ-истиигэ сырыттын диэн быһаарбыта. Онон сылга иккитэ бэйэлэрэ массыынанан кэлэн, хамыыһыйаҕа илдьэллэрэ.
Бу санаатахха, төрөппүттэрбит аспытыгар-үөлбүтүгэр улахан болҕомтолорун уураллар эбит. 1968 сыллаахха диэри сүөһүлээх-астаах ыал этибит, онон сахалыы аһаан улааппыппыт. Тыаттан эбэбит Удаарынньык Хобороос барахсан эт, сымыыт ыыта олороро. Аҕабыт куобахтаан, балыктаан кэлэрэ. Чурапчы көһөрүүтүн кыттыылааҕа, Быков мыыска тиийэн баран олохсуйа хаалбыт абаҕабыт Дьөгүөр Никитин балык бөҕөтүн ыытара. Онон элбэх оҕолоох кыаммат-түгэммэт ыал киэһэ аайы тууччаҕы тоҥнуу эрбээн сиир этибит. Ити курдук, кыра эрдэхпиттэн ас-үөл доруобуйа төрдө буоларын өйдөөбүтүм. Быраас балтым Ида Афанасьевна Белых этэринии, “Киһи аһыыр аһа – кини тутулун сүрүн матырыйаала”.
Аҕам кэриэһэ, ийэм үөрэҕэ
– Аҕам мин уон биирбэр, баара-суоҕа 36 саастааҕар, икки сэриигэ сылдьыбыта таайан, ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Аҕам “Ийэҕэр көмөлөһөр буолаар” диэн кэриэһин олоҕум устата толоро сатаатым. Бырааттарым, балтыларым атахтарыгар туралларыгар көмөлөһөн, кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр өйөбүл буолан, этэргэ дылы, улахан дьиэ кэргэҥҥэ ийэ, аҕа, эбээ, эһээ оруолларын солбуйан кэллим.
Ийэбит 33 саастааҕар алта оҕолоох огдообо хаалбыта. Кини биһигини күүстээх санаатынан киһи-хара оҥорбута, хаһан да тулаайах, дьонтон итэҕэс курдук санааны чугаһаппакка улаатыннарбыта. Төһө да байылыат, баай-тот олохтоммоторбут, аспытыгар улахан болҕомтотун уурара, иистэнньэҥ буолан, барыбытын маанытык таҥыннарара. Ийэбит биһигини тус холобурунан үлэҕэ сыһыаран ииппитэ. Мин кыра эрдэхпиттэн киниэхэ тэрилтэ дьиэтин сууйарга көмөлөһөрүм, уон биир сааспыттан дьыссаакка ньээҥкэнэн, онтон почта таһааччынан үлэлээбитим.
Төрөппүттэрим ханнык да түгэҥҥэ дьону ытыктыырга, өйдүүргэ үөрэппиттэрэ. Ийэм: “Эһигини атаҕастыыр дьону аһынар буолуҥ. Үчүгэй киһи дьону атаҕастаабат”, – диирэ. Бачча сааспар диэри элбэх киһини кытта алтыһан кэллим, ол эрээри хаһан да кимиэхэ да өс-саас санааны туппатаҕым. Дьиҥэр, олохпор үгүс охсуулаах түгэннэр бааллара, ол эрээри хомойбуппун-хоргуппуппун илдьэ сылдьыбаппын, сүгэһэр оҥостубаппын.
Учууталларбар махталым
– Мин улаатарым саҕана саха тыла өрө тутуллубат этэ. Ол эрээри идэлэригэр сүрдээх бэриниилээх учууталлар үтүөлэринэн-өҥөлөрүнэн куорат оҕолоро ийэ тылбытын билэн улааппыппыт. Маҥнайгы учууталым Мария Петровна Бубякина, кини балта Евдокия Петровна – нуучча тылын учуутала, кыра балтылара Розалия Петровна, кылааһым салайааччыта Галина Николаевна Пономарева-Черосова – ыччаты иитиигэ сүдү кылааттарын киллэрбит үтүө дьон. Кинилэр Сайсары бадарааннаах уулуссаларынан сатыы сылдьан, бэрт боростуой тутуулаах, холлороон курдук кыараҕас кылаастардаах сүүрбэһис оскуолаҕа үлэлээбиттэрэ. Дириэктэр Букубаар ааптара Николай Алексеевич Ааллааҕыскай этэ. Ырааҕы-киэҥи көрөр салайааччы бэйэтин тула сыаналаах каадырдары түмэн үлэлэппитэ үтүө түмүктээх буолбута.
Учууталым Мария Петровна: «Чэ, бээ, бу сүүрэ-көтө сылдьалларын көрүмэҥ, Саха сирин салайар дьон бу оҕолортон тахсыахтара», – диэн эрэллээхтик этэрин өйдүүбүн. Күндү уһуйааччыларбар махталым муҥура суох.
Төрөөбүт тылын билбэт ыччат ханна да сыаналаммат
– Үүнэр көлүөнэ ийэ тылын билэн улаатыахтаах. Саха тыла сайдарын туһугар бэйэлэрин кэмнэригэр турууласпыт салайааччылардаах буолан, төрөөбүт тылбытын күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэллэхпит.
Аан дойдуга хастыы эмэ омук тылын билэр киһи элбэх, онтон ким да сөхпөт, кими да соһуппаккын. Ол оннугар атын омуктар эн ийэ тылгын төһө харыстыыргын, омук быһыытынан уратыгын ордук сыаналыыллар.
Биһиги үөрэнээччилэрбитигэр төрөөбүт тылын билбэт ыччат ханна да сыаналаммат диэн куруук этэбит. Бу сыллар тухары Саха сирин салайааччыларын, биллиилээх учуонайдарын, суруйааччыларын, суруналыыстарын кытта үлэлээн-хамсаан, алтыһан, араас көрсүһүүлэри тэрийэн, оҕолору музейдарга сырытыннаран, ис куттара байарыгар үлэлэстибит. Ханна баҕарар тиийдэҕинэ, төрөөбүт дойдутун туһунан сатаан кэпсиир, ийэ тылын билэр, норуотун төрүт үнүстүрүмүөнүгэр оонньуур ыччаты иитэн таһаарар – биһиги биир сүрүн сорукпут.
Куруук инникилээн, эрдэлээн иһэр эбиппит
– Талааннаах уонна баҕалаах дьону түмэн, “Хотугу сулус” күрэҕи аан бастаан 1997 сыллаахха тэрийбитим. Ол саҕана бэйэм оҕолорбун, аймах-билэ дьоммун үлэлэппитим. “Хотугу сулус” күрэҕи 27 сыл устата судаарыстыба бүддьүөтүттэн харчы ылбакка, төрөппүттэр сэмэй усунуостарынан тэрийэн кэллибит.
Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев өйөбүлүнэн 2000 сыллаахха «Хотугу сулус» оҕо телерадиоакадемията төрүттэммитэ. Онтон ыла хайысхабыт элбээн, эпииргэ туспа бириэмэлэнэн, үлэбит өссө таһаарыылаах буолбута. Салайааччыларбыт Семен Афанасьевич Протодьяконов, Афанасий Иванович Ноев, Харлампий Назарович Дьяконов, Олег Олегович Марков мындыр толкуйдарынан, өйөбүллэринэн бигэ тирэхтэммиппит. Оччотооҕу тэлэбиидэнньэ дириэктэрэ Николай Иннокентьевич Петров хорсун быһаарыыларынан “Хотугу сулус” саҥа саҕахтары арыйбыта. Евгения Исаевна Михайлова үөрэх миниистиринэн ананыаҕыттан биһиэхэ төһүү күүс буолбута, күн бүгүҥҥэ диэри бэпэчиитэллэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ. Ол кэмҥэ үлэлээбит норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Надежда Семеновна Толбонова өйөбүл буолбутугар махталым муҥура суох. Бу ааттаабыт ытык-мааны дьонум үп-харчы суох кэмигэр өйдөөн, өйөөн, кыанар буоллаххына үлэлээ диэн көҥүл биэрбиттэрэ.
Кэнники кэмҥэ патриотизм ураты болҕомтоҕо ылыллар, ыччат төрөөбүт дойдутун историятын билиэхтээх диэн өй-санаа күүһүрдэ. Биһиги ити үлэни саҕалаабыппыт ыраатта, академиябыт хара тэриллиэҕиттэн “Төрөөбүт дойдум”, “Арассыыйа – Ийэ дойдум”, “Аан дойду сайдыыта” диэн үс түһүмэҕинэн оҕолору үөрэтэн кэллибит. Бу диэн эттэххэ, биһиги куруук инникилээн, эрдэлээн иһэр эбиппит.
“Кадры решают все” диэн этии хайа да кэмҥэ тыын суолталаах. Мин аҕыйах ахсааннаах эрээри, үлэни өрө туппут дьоҕус кэлэктииппэр, улуус аайы баар ыстааты таһынан үлэһиттэрбитигэр «Киин куорат» хаһыат нөҥүө истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Суолдьут сулус оҥостор санааларым
– Биһиги дьоллоох көлүөнэбит. Төрөппүт тапталын, учуутал эппиэтинэһин, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан сылааһын билбит дьоммут. Бэйэбит саастыылаахтарбытын кытта оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн улааппыппыт, ити биһиги үрдүк дьолбут эбит.
Билигин сорох төрөппүт оҕотун улахан хамнастаах үлэҕэ ыыта сатыыр. Биллэн турар, өйдөтүөххэ, сүбэлиэххэ эмиэ наада курдук. Ол эрээри оҕолоргут сүрэхтэрэ сөбүлүүр суолларын талалларын утарымаҥ диэхпин баҕарабын. Идэҕэ таба тайаныы диэн туохха да тэҥнэммэт улахан дьол буоллаҕа.
Олоҕум устата киһи эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, киэҥ билиилээх буолуохтаах диэн санааны өрүү суолдьут сулус оҥостобун. Мин санаабар, хайа да кэмҥэ, ханнык да омугуттан тутулуга суох, үлэһит, кырдьыксыт, эппиэтинэстээх киһи үрдүктүк сыаналаныаҕа, өрө тутуллуоҕа.
Аныгы олох үтүө уонна мөкү өрүттэрэ
– Уруккуга холоотоххо, бэйэ-бэйэни кытта информация атастаһыыта түргэтээтэ, олохпут быдан чэпчээтэ, ыччат үөрэнэригэр, үлэлииригэр, үүнэригэр-сайдарыгар усулуобуйа тубуста. Сахалыы мындыр өйдөөх, талааннаах дьоммут социальнай ситимнэр баар буолуохтарыттан норуокка киэҥник биллэр-көстөр буоллулар. Ити аныгы үйэ биир үтүө өрүтэ. Ол эрээри балысхан сайдыы ордук оҕо аймахха, төрөөбүт тылга охсуулааҕа билиннэ. Оҕолор ийэ тылларын ылыммакка, ютуб уонна аныгы технологиялар нөҥүө үксүн нууччалыы тылланаллар. Онон оҕо аймах туттарыгар хааччах дуу, сокуон быһыытынан ирдэбил дуу туруон наада диэн баҕалаахпын.
Аан дойдуну ковид пандемията атыйахтыы аймыаҕыттан үлэ үксэ онлайн көрүҥүнэн ыытыллар. Биир өттүнэн ити дьону сүрэҕэ суох оҥордо – дьон кэлиэн-барыан, айанныан баҕарбат буолла. Сорохтор тута: “Онлайн дуо? Кэтэхтэн ыытыллар дуо?” – дии түһэллэр. Дьиҥэр, онлайн көрүҥ, сатаатахха уонна наадалаах кэмигэр туһаннахха, үчүгэй бөҕө. Ол эрээри тыыннаах алтыһыыны, илэ көрсүһүүнү, санаа атастаһыытын туох да солбуйар кыаҕа суох.
Быйыл Владивостокка улахан форумҥа кытынным. Онно Уһук Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүттэн олорон үлэлээтибит. “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак чэрчитинэн университеттарбыт таһымнара үрдээн иһэрэ, ыччат үөрэнэр, олорор усулуобуйата тупса турара харахха быраҕыллар. Аны туран, биир кэлим эксээмэни (БКЭ) сорохтор сирэллэр, мин хайгыы саныыбын. Элбэх оҕо ыраахтан олорон БКЭ-ни үчүгэйдик туттаран, үрдүк үөрэхтэннэ. Ити аныгы үйэ өссө биир үтүө өрүтэ.
Билигин көмпүүтэр, кнопка үйэтигэр олоробут. Иһит сууйар, таҥас сууйар массыына дэлэйдэ. Биллэн турар, ити барыта күннээҕи түбүкпүтүн чэпчэтэр, табыгастаах. Ол эрээри сайдыылаах олох дьоно хамсаммат буолан хааллыбыт, ол доруобуйатыгар улахан охсуулаах.
Мин санаабар, ханнык баҕарар уларыйыы-тэлэрийии, сайдыы биһиэхэ хайдах дьайара бэйэбититтэн, ону хайдах ылынарбытыттан, туһанарбытыттан тутулуктаах.
Сайдыы салайааччыттан тутулуктаах
– Биһиги, сахалар, салайааччыларбытыгар табыллыбыт норуоппут. Саха АССР-ы төрүттээбит чулуу дьоммутун ылан көрүҥ – Максим Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы, Исидор Бараховы. Аны туран, репрессияҕа түбэһэн, хойукка диэри аата ааттаммакка сылдьыбыт Илья Винокуров курдук мындыр толкуйдаах киһибит төһөлөөх элбэх киһини хоргуйууттан, өлөр өлүүттэн быыһаабыта буолуой?! Дьонун-сэргэтин аһатаары, бэл, сэрии кэмигэр ыһыах тэрийбит. Духуобунас, төрүт култуура сайдыытыгар кылаатын ааҕан сиппэккин. Сэрии иннинэ уонна сэрии кэмигэр биһиги улахан ырыаһыттарбытын, композитордарбытын үрдүк үөрэххэ ыыппыт үтүөлээх.
Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу сүрдээх ыарахан кэмигэр “Барыта – оҕо туһугар, норуот доруобуйатын туһугар” диэн санаанан салайтаран үлэтин саҕалаабыта. Кини курдук инникини өтө көрөр, дьонун-сэргэтин, норуотун туһугар үлэлээбит салайааччылаах буоламмыт, саха норуота саҥа үйэҕэ сайдыы суолун тутустубут дии саныыбын. Бастакы бэрэсидьиэммит үтүө бачыымнарын билигин Ил Дархан Айсен Николаев сатабыллаахтык салҕаан, өрөспүүбүлүкэбит кэскилин түстүүр саҥа соруктары туруорар. Ол барыта олоххо киирэригэр биһиги күүс-көмө буолуохтаахпыт.
Судаарыстыба көмөлөһөр, өйүүр
– Бэйэм элбэх оҕолоох ийэ быһыытынан, ыччат элбэх оҕолоноро буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев национальнай бырайыактары олоххо киллэрии чэрчитинэн ыытар үлэлэрин, оҕо аймахха, дьиэ кэргэҥҥэ, ыччакка ураты болҕомто ууралларын биһириибин. Эдэр ыал дьиэ-уот туттарыгар, оҕо-уруу төрөтөрүгэр судаарыстыба өттүттэн улахан көмө, өйөбүл оҥоһуллар. Ону эмиэ сөптөөхтүк ылыныахха наада. Эдэр дьон, аҥаардас судаарыстыба көмөтүгэр эрэ сэлээннээн олорбокко, син биир үлэлиэх-хамсыах тустаахтар. Ыал дохуотун көрөн хааччахтааһын баар, итиннэ сокуоҥҥа кыра уларыйыы киириэн баҕарабын. Мин санаабар, элбэх оҕолоох ыалга, хамнаһыттан, харчытыттан тутулуга суох, көмө оҥоһуллуохтаах. Оччоҕуна эдэр ийэлэр үлэлиэхтэрэ, сайдыахтара, өссө элбэх оҕолонуохтара этэ. Билигин “үлэбэр таҕыстахпына, көмө харчы ылбат буолуом” диэн санааттан официальнайдык үлэлээбэккэ олорор ийэлэр бааллара кистэл буолбатах.
Гурий Иванович Турантаев: “Иһиттээх киһи хаһаастаах”, – диэн этиитин куруук холобурдуубун. Билиҥҥи үйэҕэ дьиэлээх-уоттаах, сирдээх эрэ киһи этэҥҥэ олорор кыахтаах. Кэнники кэмҥэ Уһук Илин ипотекатынан элбэх эдэр ыал дьиэлэннэ-уоттанна. Дьиэлээх ыал бигэ туруктаах. Куортамнаан олоруу – аныгы сайдыылаах үйэҕэ бүтүн норуот алдьархайа.
Ама, усулуобуйа суох үһү дуо?
– Тыа сирэ баар – биһиги дьолбут. Талаан барыта тыа сириттэн тахсар. Сороҕор тыа сиригэр оҕолорбут, ыччаппыт олохсуйар кыахтара, усулуобуйалара суох дииллэрин хомойо истэбин. Дьиҥэр, ону бэйэбит оҥостуохтаахпыт, тэрийиэхтээхпит буолуо.
Манна урукку кэмҥэ араас үөрэхтээх исписэлиистэр Саха сиригэр кэлэн үлэлээбиттэрин, үгүстэр устунан олохсуйа хаалбыттарын, өрөспүүбүлүкэ сайдар суолун оҥорсубуттарын санаан ааһарбыт тоҕоостоох. Холобур, ол саҕана тутааччылар балааккаҕа олорон, бу үлүгэр тайҕаны кэрдэн, бүтүн куораттары туппуттара. Кинилэр эмиэ ыал мааны оҕолоро, эдэр дьон этилэр, ол эрээри ыарахан усулуобуйаҕа үлэлииртэн толлон турбатахтара.
Элбэх оҕолоох ийэ быһыытынан, урут Саха сиригэр үлэлии кэлбит эдэр акушеркалары ахтан ааһыахпын баҕарабын. Санаан көрүҥ, Москва, Ленинград курдук бөдөҥ куораттарга төрөөбүт, улааппыт кыргыттар биһиги тыйыс айылҕалаах дойдубутугар кэлэннэр, кып-кыра учаастактарбытыгар, нэһилиэктэрбитигэр оһох отто-отто олорон үлэлээтэхтэрэ. Сорохтор манна оҕо-уруу төрөтөн хаалбыттара, билигин кинилэр сыдьааннара үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Култуура үлэһиттэрэ – саха норуотун сэргэлэрэ
– Сааһым тухары култуура эйгэтигэр үлэлээн кэллим, олохпун тыа дьонун аата ааттанарын туһугар анаатым. Сорох дьон култуураны аҥаардас ырыа-тойук эрэ курдук саныыр. Ити сыыһа. Култуура диэн олох бары эйгэтигэр баар, бэйэ-бэйэҕэ сыһыантан саҕаланар.
Култуура үлэһиттэрин мин саха норуотун сэргэлэригэр тэҥниибин. Тоҕо диэтэххэ дьону кытта үлэлиир дьон уларыта тутуу туох баар салгынын санныбытыгар сүгэр эбээһинэстээхпит.
Култуура үлэһитэ тугу барытын сатыахтаах. Сарсыарда – салайааччы, күнүс – методист, киэһэ – артыыс. Этэргэ дылы, “Фигаро тут, Фигаро там” буолуохтаах. Кэтээн көрдөххө, күүстээх култуура үлэһиттээх нэһилиэнньэ сэргэхтик олорор.
Кэлин култуура үлэһиттэрин хамнастара үрдээбититтэн үөрэбин. Ол эрээри култуураҕа үлэлиир эр дьоҥҥо икки бүк хамнаһы биэриэххэ диэн санаалаахпын. Эр киһи бүтүн дьиэ кэргэнин иитэн олорор буоллаҕа. Ити туһунан араас сийиэстэргэ элбэхтик этэн турабын.
Билигин ким да оскуолаҕа үлэлии барыан баҕарбат, тоҕо диэтэххэ учуутал сокуонунан харысхала суох. Оҕо тугу баҕарар саҥарыан сөп, ол кини көҥүлэ. Бу икки үйэ кирбиитигэр, өй-санаа уларыйар кэмигэр саамай күүстээх эрэ дьон үөрэхтээһин уонна култуура эйгэтигэр үлэлии хааллылар дии саныыбын. Ол иһин мин куруук биһиги бары дьоруойдарбыт диибин.
Кооперация – сайдыы сокуона
– Тыа хаһаайыстыбата уонна төрүт култуурабыт быһаччы ситимнээхтэр. Төрүт култуура биһиги дьарыкпытыттан саҕаланар. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи, табаны иитиибититтэн. Аһыыр аспытыттан, таҥнар таҥаспытыттан.
Атын дойдуга тиийдэхпитинэ, оҕолорго хайаан да тыа хаһаайыстыбатын үлэтин көрдөрөр үгэстээхпит. Үөрэнээччилэрбитин кытта Голландияҕа сыыр оҥорор ыалга хаста да сылдьыбыппыт. Соҕотох оҕолоохтор, отучча ынахтаахтар. Сүөһүлэрин кыһыннары-сайыннары бэйэлэрэ көрөн, бородууксуйаларын оҥорон, атыылаан олороллор. Биллэн турар, биһиэнинээҕэр килиимэттэрэ быдан сымнаҕас. Ол эрээри кинилэр үлэлэрин киһи кэрэхсиир, холобур оҥостор.
Биирдэ Чехияҕа Радак Бошка диэн сылгыны, ынаҕы, сибиинньэни иитэр, аан дойдуга аатырар ахалтекинскай боруодалаах сылгыларынан дьарыктанар эдэр фермергэ ыалдьыттаабыппыт. Көрсүһүүгэ ып-ыраас таҥастаах, кыраһыабай эдэр киһи тиийэн кэлбитигэр бары соһуйбуппут. Дьиэ кэргэнинэн үлэни-хамнаһы кыайа туталлара, өбүгэлэрэ саҕалаабыт дьарыктарын билиҥҥэ диэри салҕыыллара хайҕаллаах. “Мин оҕолорум эмиэ үлэлиэхтэрэ”, – диэн эрэллээхтик эппитин сэргии истибиппит. Аны дьону-сэргэни көрсөр, түһэрэр гостиницалаахтар, эрэстэрээннээхтэр. Көр, бэйэлэрэ хаһаайыстыбалаах дьон хайдах курдук сөпкө дьаһанан олороллорун. Итинэн олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр киһи хайа да үлэттэн толлубат диэн этиэхпин баҕарабын. Биһиэхэ хайдаҕый? Хомойуох иһин, сорохтор фермери хотонтон тахсыбат киһи курдук саныыллар.
Салгыы үтүөлээх зоотехник Галина Ивановна Никифорова этиилэрин холобурдуохпун баҕарабын. Кини үлэтин-хамнаһын сырдатаары, архыыпка уһулан хааллараары, тэлэбиисэринэн көстөр уонна араадьыйанан иһиллэр синтез биэриигэ ыҥыра, дьиэтигэр эмиэ бара сылдьыбытым. Үтүөлээх зоотехник аан дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта – кооперация, ол сокуонун ким да уларыппат, ол сайдыы сокуона диэн санаалааҕа. Кини биһиги фермердэрбит бэйэлэрэ оттуу-мастыы, бэйэлэрэ астыы сатыыллар, ити олох сыыһа гыналлар, ол оннугар кооперация тэринэн, ким тугунан дьарыктаныахтааҕын үллэстэн үлэлиэхтээхтэр диирэ. Галина Ивановна кооперация сокуонун тутустахпытына эрэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кыахтаах диэн этэн хаалларбыта саамай сөптөөх дии саныыбын.
Сатабылбытын сүтэрэ иликпит
– Билигин саха дьонугар тыын боппуруос – бэйэ сирин-уотун тутан хаалыы. Куоракка көһөн кэлбит да дьон, бэйэлэрин төрүт сирдэрин иччитэхситэн кэбиспэккэ, киирэ-тахса көрө-истэ сылдьыахтаахтар дии саныыбын. Дэриэбинэлэрбитигэр үгүс дьиэ-уот быраҕыллан, аҥайан турарыттан киһи хараастар. Элбэх ахсааннаах норуот кэлэн, көрбөккө-харайбакка олорбут сирдэрбитин баһылыан сөп. Оннук балаһыанньаҕа тиийиэ суохтаахпыт.
Сахалар билигин даҕаны оттуур, бултуур-алтыыр, сиргэ-уокка сылдьар сатабылбытын сүтэрэ иликпит. Анал байыаннай дьайыыга барбыт уолаттарбыт айылҕалыын алтыһа, күүстээх үлэҕэ сылдьа үөрүйэх, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, түргэн-тарҕан туттунуулаах буоланнар хайҕаналлар. Кинилэр хорсун-хоодуот быһыыларын, бэйэ-бэйэлэригэр үтүө сыһыаннарын үгүстүк истэбит.
Билигин биһиги ыччаппыт хаһааҥҥытааҕар да киһи киһиэхэ сыһыанын, олоххо дьулуурун, тардыһыытын билэ-көрө сылдьар. Дойдуларыгар этэҥҥэ төннөн кэлэн, үүнэр көлүөнэҕэ холобур дьон буолуохтара диэн эрэнэбин.
Бу түһүмэххэ биир түгэни кэпсиэхпин баҕарабын. “Азия оҕолоро” оонньуулар ыытыллар кэмигэр ааптар уонна дириэктэр быһыытынан “Аан дойду култуурата – Олоҥхо дойдутугар” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээли түөрт төгүл ыыта сылдьыбытым. Биир сыл “Азия оҕолоро” үөрүүлээх аһыллыытыгар Соҕуруу Кореяттан барабааннаах уолаттар кыттыбыттара. Ол оҕолор толкуйдарыттан сөхпүтүм. Баара-суоҕа бэһис эҥин кылаастар быһыылааҕа. Арай: “Табаҕа тумуһугар илт”, – диэн көрдөстүлэр, мин, дьиҥэр, кинилэри Кангалааска илдьэр санаалааҕым. Ол курдук Табаҕа тумуһугар тиийдибит. Дьонум сүүрүү-көтүү, көрүү-истии бөҕө буоллулар, тугу эрэ ааҕаллар-суоттууллар. Ыйыталаспыппар: “Биһиги уонтан тахса сылынан манна тимир суолгутун уонна уоккутун салайар дьон буолан кэлиэхпит, ол иһин көрөбүт-истэбит”, – диэн өссө улаханнык соһуттулар. Ити курдук, Соҕуруу Кореяҕа оҕолору “Эн сириҥ-уотуҥ суох, аан дойду сайдыытыгар бэйэҥ өйгүн, чэгиэн туруккун эрэ туруорар кыахтааххын” диэн өйгө-санааҕа иитэллэр эбит. Дьэ, ол иһин этэбин: биһиги оҕону, ыччаты “Дойдубар, норуоппар туох туһаны аҕалар кыахтаахпыный?” диэн санааҕа сирдиэхтээхпит. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ити ыйытыы туруохтаах, кэпсэтии ол тула барыахтаах. Оччоҕуна эрэ Ийэ дойдутугар бэриниилээх, олоҕу таптыыр ыччаты иитэн таһаарар кыахтаахпыт.
Мин оҕолорбут барахсаттар саха буолан сандааран, киһи буолан килбэйэн, саханы аар-саарга ааттата сылдьыахтара диэн эрэнэбин.
– Татьяна Афанасьевна, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабыт. Хотугу сулустуу чаҕылхай олоҕуҥ үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолуохтун!